Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров

Скачать книгу

Соччолоох туох да солун суох. Ыһыы Сэмэн куораттан тахсыбыт үһү, – Байбал уот иннигэр кэлэн олорор.

      – Тугу таһаарбыт үһүнүй? – Мааппа оһоххо мас эбэр.

      – Биир иһит арыгылаах үһү. Саа сэбин, аҕыйах арсыын таҥас таһаарбыт үһү. Түлүрбэх Бүөтүр өлбүт үһү.

      – Оо, ээ. Аҕабыыт кэлэн собуордаабыт үһү дуо? – оҕонньор эмиэ ыйытар.

      – Собуордаппыттар үһү.

      – Били Манчаары түөкүн сураҕа иһиллэр үһү дуо?

      – Туох да иһиллибэт дииллэр.

      Хас да сыллааҕыта Манчаары Баһылай диэн Нөөрүктээйи киһитэ буруйу оҥорон хаайыыга киирбитэ. Онтон күрээн кэлэн дьону халаабытын иһин тутан, сууттаан, көскө ыыппыттара. Киһилэрэ аараттан күрээн кэлэн, эмиэ дьону халаабытын тутаннар, сууттаан, оруосканан таһыйтаран бараннар Лаамыга2 көскө ыыппыттара. Онтон икки сыл буолан баран, ааспыт сайын, эмиэ күрээбит үһү диэн сурах иһиллибитэ. Күһүнүгэр ханна эрэ кинини көрбүттэр, ким эрэ ата сүппүт, биэни ытан баран этиттэн ылан барбыт диэн, үһү-тамах курдук кэпсээн тарҕаммыта. Ону сорохтор итэҕэйбэттэр этэ. Манчаары күрээбэтэҕэ буолуо, бэйэбит уоруйахтарбыт, Манчаарыга балыйтараары, уоран сиэтилэр ини дэһэллэрэ.

      Онтон күһүн буолан хаар түспүтэ. Манчаары ханна да барбыта биллибэккэ, сураҕа да иһиллибэт буолбута. Ол иһин күрээбит үһү диэн сурах сымыйа кэпсээн эбит дэспиттэрэ. Манчаары чахчы сыылкаттан күрээбит үһү, быраабаҕа биллэрии кэлбит диэччилэр эмиэ бааллара.

      Саха киһитэ улахан буруйу оҥорон хаайыыга киирэрэ, сыылкаҕа барара, өссө ол дойдуттан күрээн кэлэрэ диэн, урукку өттүгэр буолбатах түбэлтэ. Ол иһин киһи итэҕэйбэт.

* * *

      Муус устар ый ортотун диэки өр кэтэһиннэрбит ынахтара дьэ төрөөн, үрүҥ аһы сиир буоллулар. Иккис ынахтара эмиэ синньээн эрэр.

      Сааскы ичигэс күҥҥэ эдэр киһи дьиэтигэр тэһийэн олорбот буолар. Бүөтүччээн икки айаны сүгэн тыаҕа таҕыста. Ыарахан бакаайыта уһуллубут ыт батыһаары гыммытын, уһун уктаах холотунан дугдуруйан төттөрү үүрдэ.

      Тыа иһигэр киирдэххэ, күн чаҕылыттан киһи хараҕа сынньанар. Хаар чиҥээбит. Тиит, талах умнаһын тулата быһыта сиэһэн чөнөрүттүбүт. Ол эрээри халыҥа халыҥынан сытар. Хаамарга ыарахан.

      Баччаҕа дьон куобахха айалаабаттар. Оҕонньор айатын эспитэ өр буолла. Билигин күнүһүн сылыта-сылыта түүнүн тоҥорор буолан, хаар үрдэ чиҥээн кытааппыт. Ол иһин куобах ороҕурбат, ханан баҕарар сылдьар. Баччаҕа куобах аҕыйыыр даҕаны. Ханна эрэ баран хаалар. Ол эрээри сүүлэ буолан суола-ииһэ элбээбит курдук. Атыыр куобах ыарҕалаах сиргэ киирэн, күнүстэри сүүрэ сылдьааччы.

      Бу тэҥкэ тыаны аастахха ыарҕалаах силээн кэлэр. Оччо ырааҕа суох сир. Оҕонньор баччаҕа куобах силээн кытыытынан сүүрэр, онно айа тардан өлөрөр баҕайы диэбитэ. Ол иһин үчүгэй ылааҥы күн буолбучча бу баран истэҕэ.

      Байанай биэрдэҕинэ баҕар биир эмэ куобах айатын эһиэ. Билигин аччык кэмҥэ, алҕаска биир эмэ куобах түбэһэрэ буоллар үөрүү буолуо этэ…

* * *

      Ыам ыйыгар ынах төрүүр, балык тахсар,

Скачать книгу