Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров

Скачать книгу

Моойторук кулгааҕын чөрбөттө. Инники иһэн тохтоото. Эргиллэн иччитин көрөн ылла. Иккитэ-үстэ «моҥ» диэтэ. Ити икки ардыгар икки ыт үрэ-үрэ утары кэллэ. Анараа ыттар ыты көрөн сэрэммит курдук туттан чугаһаатылар. Ыкса кэллилэр. Маҥнай сытырҕалаан көрдүлэр. Аргыый кутуруктарын хамнаталлар. Моойторук дьулайбыт көрүҥнээх, кутуругун купчуппут да буоллар, эмиэ сытырҕалыыр.

      Күөт ыт арҕаһын түүтүн адаарытан көхсүн тыаһатта, тииһин көрдөрдө. Бүөтүччээн аны ыппын тутуохтара диэн «чөт» диэтэ. Ыттарга чугаһыы хаамта. Мас сытара буолаарай диэн көрүөлээтэ.

      Эмискэ ыттар ардырҕаһа түстүлэр да охсуһан булумахтастылар. Моойторук уҥа-хаҥас харбыалаһан иһэн, мүччү ойон, дьиэтин диэки ыстанна. Кутуругун купчуччу туттубут. Дойдулаах ыттар эккирэтэн субуруҥнатан, үрүйэҕэ түһэрэн көстүбэт буолан бараннар, сотору төннөн, тылларын салыбыратан кэллилэр. Кыайбыт-хоппут көрүҥнээхтэр. Бүөтүччээҥҥэ кыһаммакка, дьиэлэрин диэки дыгыйдылар.

      Дьиэҕэ киирбитэ – дьукаахтыылар бары кэлбиттэр. Оттон Охоноон уол баара көстүбэт. Бүөтүччээн ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо кэлэн олордо.

      – Тугу кэпсиигит? – Бүөтүччээн сиэр быһыытынан аан аһан кэпсэтэр.

      – Суох. Эн кэпсээниҥ? – Быргый ийэтэ кыра уҥуохтаах чаҕаарыйбыт эмээхсин кэпсэтэр.

      Дьиэлээх эмээхсин туох сонуннаахтарын, хайдах кыстаабыттарын, хас ынах төрөөбүтүн эҥин ыйыталаһар. Бүөтүччээн оҕо киһи быһыытынан хоруйдуур эрэ.

      – Манчаары Баһылай эмиэ күөрэйэн ыалга ыалдьыттаабыт үһү. Ону истибиккит дуо? – Быргый Дьөгүөр оһох иннигэр сүгэ ытаһалыы олорон ыйытар.

      – Суох. Истэ иликпит. Хайа ыалга сылдьыбытый? – Бүөтүччээн «ыалдьыттаабыт» диэн тылы көнөтүнэн өйдөөтө.

      – Хоро нэһилиэгэр Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ ыалдьыттаабыт.

      – Ол аата хайаабытый? – Бүөтүччээн тыл эҕэтин дьэ сэрэйдэ.

      – Хайыай, ыган-ынан туран ампаардарын астарбыт уонна малларын халаабыт. Хата сэрэнэн олоруҥ, эһи ампааргытын алдьатан баайгытын халыаҕа.

      – Оҕону хаадьылаама. Манчаары үрдүк өһүөлээхтэри өҥөйөр сурахтааҕа, – эмээхсин үүт кыынньаран ыалдьыкка иһэрдээри көһүйэҕэ кутар.

      Бүөтүччээн атаһа суох буолан, кыынньыбыт үүтү иһэн баран дьиэтигэр төнүннэ. Дьиэтигэр кэлэн ытын чинчийэн көрдө. Эмсэҕэлээбэтэх. Арай муннун кырыытын сиирэ ытырбыттар. Моойторук иччитигэр кутуругун куйбаҥнатар, илиитин салаан «ньалып» гынна.

      – Хайа туох сонуннаах ыалга сырыттыҥ? – Дьаакып оҕонньор уол киирэрин кытары ыйытар.

      – Манчаары ыалы халаабыт үһү, – Бүөтүччээн сонунун иһитиннэрэр.

      – Тыый! Кимнээҕи? – Мааппа этэрбэс абырахтыы олорон тохтоон, уолун диэки көрөр.

      – Хороҕо Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ сылдьыбыт.

      – Хайалара буоллаҕай. Сахалыы аатын эппэтилэр дуо? – оҕонньор лаппыйан ыйытар.

      – Суох.

      – Төһө эмэ таһыллар, көскө ыытыллар да кэһэйбэт, көммөт киһи эбит, – Байбал оһох иннигэр олоппоско олорор.

Скачать книгу