Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров страница 6
– Оҕонньор, кэпсиэ.
– Суох. Эн, кэпсиэ.
– Даркы Дьаакып диэн киһи ханна олороруй?
– Ити чараас тыаны аастаххына суолуҥ икки аҥыы арахсыа. Уҥа суолу тутустаххына тиийэҕин, – оҕонньор билбэт киһитин сонурҕаабыттыы көрөр.
– Төһө ырааҕый?
– Чугас. Икки эрэ биэрэстэ буолуо. Хантан иһэҕин?
– Ыраах нэһилиэктэн, – Обун атын хаамтаран аһара барар.
Тыаҕа киирэн, атын тохтотон, дьонун күүттэ. Талах, хахыйах былаастаах симилэх ойуур көстөр. Ким эрэ суол кытыытыгар турар тиит лабаатыгар эргэ томторугу ыйаабыт. «Сибилигин итинэн күрээн хаалбыт киһи» дии санаата. Ол эрээри кэбис. Манчаары кыыһыран өһүөннүө. Итинэн кини кэлбитин кэмсинэр санаатын уҕарытта.
Ыйдарбыт сирдэригэр дьэ чугаһаатылар. Аттарын тыа иһигэр тэйиччи баайдылар. Сонос талаҕы быһан, икки мохсуо маһы оҥордулар. Биири Топпооску ылла, иккиһин Обуҥҥа туттардылар. Онтон хатыҥ туоһун хастаан сирэй сабыыта оҥоһуннулар. Икки харах уонна мурун туһунан туоһу ойо быстылар. Бүүрэ тардар буолан туос киһи сирэйигэр иҥнэр. Түспэтин диэн кулгаахтарыттан эмиэ иҥнэр гына оҥордулар. Манчаары бэйэтэ сирэй сабыыта оҥостубата.
Тыа саҕатыгар кэлэн чуҥнаан көрдүлэр. Улахан балаҕан, ампаар, хоспох эҥин көстөр. Күн тыа баһыгар түстэ.
Обун кэлэн иһэн «Манчаары ыалы халыырын көрүөм» диэн хантан эрэ түгэхтэн күөрэйбит көлдьүн санаалааҕа. Дьулаан, суоһар быһыы сибилигин буолуохтааҕыттан саллыбыт киһиэхэ, ол көлдьүн санаата эмиэ түгэххэ түһэн кирийбит, симэлийбит.
– Кэбис, миигин илдьимэҥ. Мин манна хаалыам, – Обун сирэйин сабыытын устан сиргэ уурар.
– Көр эрэ, бачча кэлсэн баран, аны барсымаары гынар дуу?! Хата, батыйа хаптаҕайынан үчүгэй аҕайдык самыыгын лабырҕатыам ээ, – Манчаары, Обун көрдөҕүнэ, моонньун тымыра күүрбүт.
– Оо, дьэ, куттаҕас да киһигин доҕоор. Эн таһырдьа туруоҥ. Куттаныма, – Топпооску төһө да ньымааттаан саҥардар эмиэ кыһарыйар.
– Чэ, ыл, туоскун сирэйгэр кэтэт! – Манчаары саҥата кытаанах.
Биир бэрэмэдэйи тутан аҕалбыттара. Манчаары Обуҥҥа «тугу таһырдьа бырахпыппытын бэрэмэдэйгэ хаалаар» диэн эттэ.
Боруҥуй буолуута туран, дьиэ диэки хаамтылар. Үүт күрүө иһигэр киирбиттэрин кэннэ, эмискэ ыт үрэн баргыйда. Манчаары батыйатынан далбаатаан ыты үүрэн, дьиэ ааныгар сүүрэн тиийдэ да, аан халҕанын тэлэ тардан иһирдьэ киирэр. Топпооску киһитин кэнниттэн киирсэр. Обун эппиттэрин курдук таһырдьа туран хаалла.
– Илиигитин-атаххытын хамнатымаҥ! Ыар ыалдьыт, дьоһун хоноһо кэллим, – Манчаары баргыытаан саҥарбыта дьиэ таһыгар иһиллэр.
Сотору олоппос дуу, туох дуу түҥнэри тэбиллибит тыаһа, күргүйдүүр саҥа, дьахтар ньааҕыныыра, ким эрэ ааттаһара иһиллэр. Ортоку түннүк иһирдьэттэн анньыллан, таһырдьа түһэн, дьиэ иһэ аҥас гынар. Аһаҕас түннүгүнэн нуучча таҥаһынан тигиллибит ырбаахы, суккун сон, солко кур, хас да ылтаһын