Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күрэтиллибит таптал - Федот Захаров

Скачать книгу

үлэм мас кэрдиитэ. Онтон атын улахан үлэҕэ мээнэ соруйбат ини, – Обун остуолга олорон, аһаары, кытыйалаах кус этин чугаһата тардар.

      – Кыра сорудах буоллаҕына төттөрү этимэ. Санаатын таптаххына кэлин аахсар саҕана туһалаах буолуо.

      Сааскы халлаан уларыйымтыа. Сайын кэлбитин курдук аҕыйах күн итийэн баран, дьыл оҕуһа алыс эрдэ ититтим диэбиттии тыалыран, тымныйан, хаардаан да ылааччы. Ол эрээри кэлэн эрэри туох тохтотуой, былыта дьайҕаран халлаан арылыннаҕына, итии күннэр сыыйа кэлэллэр.

      Аҕыйах күн тымныйан, тыалыран баран халлаан көнүөх курдук буолбут. Обун Арамаан күнүскү үлэтин кэнниттэн Бэбэһэ Ыстапааннаахха барда. Сир аайы уу тахсан килэйбит, бадарааннаах. Этэрбэһин сытытымаары, онон-манан эргийэ хааман ыалга кэллэ.

      Дьиэлээх киһи үлэһитин үчүгэйдик көрүстэ. Төһө маһы бэлэмнээбитин ыйыталаһар. Сэниэ ыал быһыытынан астара үчүгэй. Билиҥҥэ диэри эт сииллэр эбит.

      Обун Арамаан ыалыгар хонно. Дьиэлээх киһи сарсыарда туран аһаан баран ханна эрэ барда. Обуҥҥа «ханна да барыма, сотору кэлиэм» диэбитэ.

      Бэбэһэ, кырдьык, өр буолбата. Дьиэтигэр киирэн, хоноһотун ыҥыран тыаҕа таһаарда. Тугу да саҥарбат. Обун «тыаҕа тугу эрэ үлэлэтээри гыннаҕа дуу» дии санаата.

      Тыа саҕатыттан чугас, үс ыҥыырдаах ат бааллан турар эбит. Ол таһыгар икки киһи олорор. Биирдэрин билэр – Топпооску Ньукулай диэн Тараҕай нэһилиэгин киһитэ. Урут кинини Бэбэһэлээххэ сылдьан көрөрө. Оттон иккиһэ – мааны таҥастаах, кини билбэт киһитэ.

      – Топпооскуну билэр инигин? – Бэбэһэ оҕону сиэтэр курдук Обуну илиититтэн сиэтэн олорор дьон иннилэригэр аҕалар.

      – Билэбин, – Обун, тугу эрэ сибикилээн билэн саллыбыт киһи курдук туттан, аллара көрөн туран саҥарар.

      – Бу Манчаары Баһылай диэн киһи. Истибитиҥ дуо?

      Обун мааны киһини көрөн аһарда. Иннигэр чугас баҕайы киэҥ харахтаах, биллэ-биллибэт эбирдээх сирэйдээх киһи олорор. Уол эмиэ төбөтүн санньытан баран аргыый саҥарар:

      – Истибитим.

      – Эн кинилэри кытта барсаҕын. Тыыллымаҕа диэри сирдээн биэриэҥ, – Бэбэһэ хамначчыт уолугар сорудах биэрэр киһи курдук этэр.

      – Мин онно барар суолу билбэппин, – Обун төбөтүн илгистэр.

      – Сымыйалаама! Сүөһү үүрсэн Тыыллымаҕа барса сылдьыбытыҥ буолбат дуо?!

      – Биирдэ эрэ сылдьыбытым. Суолу үчүгэйдик билбэппин.

      Эмискэ Манчаары ойон туран ынан кэлэн Обуну кэннинэн чугурутар.

      – Барбат буоллаххына мин эйигин атыннык тыыннарыам! – Манчаары сирэйэ-хараҕа уларыйбыт. Суоһар көрүҥнэммит.

      – Ыл, үчүгэй аҕайдык сахсыйа түһэн биэр. Оччоҕо дөбөҥнүк сыһыйыа, – Топпооску эбэн биэрэр.

      – Ээ, доҕоор, куттаныма. Эн суолларын эрэ ыйан биэриэҥ, – Бэбэһэ эрэ дэмнээхтик саҥарар.

      Обун мух-мах баран сөбүлэспит курдук буолла. Манчаары Бэбэһэни тэйиччи илдьэн тугу эрэ сибигинэстилэр. Ити икки ардыгар Бэбэһэ дьахтара улахан тууйаска сүөгэй тутан

Скачать книгу