Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 6
Адырыыс айаннаабытын үһүс күнүгэр кыра сыырдаах от үрэххэ сарсыардааҥҥы туман быыһынан кыыллар муостара адаарыҥныылларын көрбүтэ. Туматтар быһыылаах диэн сэрэхэчийбитэ. Атыттан ыстанан түһэн, тэһиинин тииккэ эрийэ тардаат, куонньалыгыттан ох саатын хостоон, тиит кэннигэр сөрүөстэ кыҥастаспыта. Дьон көстүбэтиттэн, ойуур кыылларыгар түбэспитин сэрэйэн, бултаһарга санаммыта. Төһө даҕаны үөмэр-чүөмэр үктэннэр, тоҥон эрэр сир маһа-ото тыһыргаан, сарсыардааҥҥы чуумпуга улаатан иһиллэрэ. Табалар тугу эрэ сибикилээн хантаарыҥнаспыттара. Ортолоруттан бу эргин дэҥҥэ көстөр, уус киһи чочуйан оҥорбутун курдук, адаархай муостаах туус маҥан таба тамаһыйан тахсан, тула холоруктана, тыына бурҕаҥнаабыта. «Куйарха Хоһууҥҥа дылы кылбаҥнаан түһэн», – диэн санаа Адырыыс төбөтүгэр кылам гынан ааспыта. Охтоох кирсин тарпытынан, маҥан табаны батыһыннаран иһэн, оҕун ыытан кэбиспитэ. Сыт ылаары хантаарыҥныы тохтообут маҥан таба соһуйбуттуу ньахчас гына түһээт, буута быстарынан кылбаҥныы ойбута. Кэнниттэн туман быыһынан кыыллар муостара барбах адаарыҥнаһаат, сүтэн хаалбыттара. «Дьоҕойон кынаттаахтар дуу, хараҕым иирэн, тугу-тугу ыттым?» – диэн ботугуруу, Адырыыс хараҕын соттуммахтыы, тиитин кэнниттэн тахсан кэлбитэ. Түһэн көрүөн дуу, көрүмүөн дуу саарбахтаабыттыы, турбахтыы түһээт, талахтартан тутуһан, аллара түспүтэ. Табалар барбыт суолларын чинчийэн, төттөрү-таары хаамыталаабыта. Окко умньаммыт хааны булан, тарбаҕынан биһэн ылан, тылынан салаамахтаабыта. Хаан онно-манна биир кэмник суол хаалларан таммаланан, тэйдэҕин аайы, сыыйа аччаан испитэ. «Улаханнаппатах дуу, хайыах баҕайыный?» – диэн саныы, Адырыыс иннин кыҥастаһа, тохтуу түспүтэ. «Чэ, бээ, күн да эрдэ, үрэхтэн тахсыбатаҕына ситэн сиир инибин?» – диэн ботугуруу, атын тиҥилэхтээн биэрбитэ.
Кыыл син барбахтаһа иһэн, үөрүттэн хаалан, талахтар быыстарыгар киирэн сытан ылбытын көрөн, үөрэ түспүтэ. Ох саатын бэлэм тутан, сиэллэрэн бидилиппитэ. Таба от үрэхтэн, куоһааҕынан туораан, бэс мастаах сиргэ тахсыбытын чуо булбута. Соҕотох таба суола тыргылла сытарыттан эрэлэ улааппыта. Хаста даҕаны хоноҥноһо туттан, дьоһумсуйан хаамса сылдьар хара улардарга түбэһитэлээбитэ эрээри, кыыллаан сиэри, ааһа турбута. Кыыл ситтэриэхчэ ситтэрбэккэ, халлаан борук-сорукка сууланан, хараҥаран барбыта. Адырыыс аччыктаан, хараҕа суолу араарбат буолан, биир алаас саҕатыгар тохтообута. Атын сыбыдахтаан, өртөөн кэбиспитэ. Бэйэтэ иһирдьэ киирэн, охтубут улахан тиит буордаах силиһинэн хаххаланардыы, иннигэр кутаа оттунан, хонордуу тэриммитэ. Үтэтин тобоҕун хадьырыйаат, ыҥыырын сыттыктанан, хаҥас өттүгэр батаһын уурунан, сулустары кыҥастаһа сытан, утуйан хаалбыта.
Чараас тумарыкка бүрүллэн, күн сылааһын биэрбэккэ, ыйдыы дьэлтэйиитэ, от-мас кырыаланан, тула сырдаан тунаарбытын кэннэ, дьагдьайан уһуктубута. Уккунньаҕын хамсата дьөлүтэ анньыалыы, үрэн бурулаппыта, ол аайы кырачаан кыымнар кыыһырбыттыы,