Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 10
Адырыыс Боотур ойон туран, нөрүс гынан ылла:
– Сөп. Күн сарсын даҕаны барарга бэлэммин, – диэт, сыҥаһаҕа уурбут малларын бүүрэ харбаат, буруйга-сэмэҕэ тиксибэтэҕиттэн үөрбүттүү, тахсар ааны былдьаспыта.
Тыгын сэҥийэтин убаҕас бытыгын имэринэ, түөрт эркиҥҥэ хаайтарбыттыы, төттөрү-таары хааман лиһирдээбитэ. Эмискэ, тохтуу түһэн, халҕаҥҥа тиийэн, тиэрэ анньа, тымныы салгыны эҕирийэ, ордоотоон тоҕо барбыта:
– Ылыҥ! Хоноһоойу аҕала тардыҥ!
Халҕан таһыгар хоочугуруур, атах тэбэнэр тыас иһиллээт, халҕан тэлэллэ түспүтэ. Тымныы туманы бүрүммүтүнэн, кылгас тайах тириитэ саҕынньаҕын быакаччы курдаммыт, орто уҥуохтаах киһи киирэн кэлбитэ. Халҕаны тыастаахтык саба, эргэрбит тугут чомпойун туура тардынаат, сүрэҕин тутта нөрүйбүтэ.
– Кэпсэлиҥ? Кэл манна, уот сырдыгар олор, – Тыгын, киһи тыастаахтык киирбитин сөбүлээбэккэ, көбүөхтээбитэ.
– Тыгын Тойон, баалаама… Туох буоллаҕай диэн ыксаан, сыыһа-халты тутуннум быһыылаах… – киирбит киһи хараҕар саба түспүт баттаҕын, икки илиитинэн өрө анньан хомуйа тутан, баттаҕар баалла сылдьыбыт синньигэс сарыынан эрийэ охсон, ыксары тарпыта. Курун сүөрүнэн, саҕынньаҕын устан, кулун кутуругун курдук быһыыламмыт баттаҕа эйэҥэлии, ытыстарын сууралана, олох маска олоро түспүтэ. Ыйаастыгас кыараҕас харахтарын кырыытынан Тыгын Тойону кыҥастаһа, уоту одууласпыта буолбута.
– Киһиттэн таһынан туттуулаах буолаҥҥын… Соруйаары ыҥыртардым, – Тыгын дьагдьайбыт киһилии туттан, сыҥаһаттан саарба саҕынньаҕын ылан, саннытыгар иилинэ быраҕынна.
– Хайа диэки кэпсээн кэҕийэн, олоҥхолоон онолуйан кэллиҥ? Тугу биллиҥ-иһиттиҥ, ньимилийэн олорбокко, омолуйан ис.
– Суолу-ииһи кэтэһэн, ыраата иликпин… Ээ, Эбэ бэтэрээ өттүнэн аҕа уустарынан оҥойор айаҕым туһугар сырыттым. Дьон-сэргэ олоҕо кэминэн, ханна даҕаны барар-кэлэр санаалара суох быһыылаах. Ол дьон, бэл, сорох боотурдарын саарба булдугар туруортаабыттар үһү. Быйыл баардыҥы диэн үөрсэллэр.
– Иһит эрэ, Хоноһоой, «оҥойор айаҕым» диигин, ол туһугар ханна баҕарар тиийиэххин, ханна баҕарар олохсуйуоххун сөп дуо?
– Тылым, саҥарар саҥам иһиллэрин тухары, кэриимнээн даҕаны айахпын булунуом дии саныыбын…
– «Омоҕой Баай эрдэхтэн, Эллэй Боотур саҕаттан…» – диэни оһуохайыҥ тылыгар үгүстүк туттаҕын. Ити дьон уонна мин өбүгэлэрим, аҕам Мунньан Дархан туһунан үһүйээннэри төһө билэҕин?
– Оҕо