Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

оргуйан бидилийэн, чараас сиигинэн өрө бурҕачыйда. Лүксүрээн ойуун үөһэ ыйаабыт дүҥүрэ сиигин көтүтэн, куойата хачыгырыы лүһүргээн ылла.

      «Хайа үөдэн буоллуҥ? Күүһүн ыла түстүн, аһатаары олоробун», – дии-дии Лүксүрээн мөҕүттэн ботугуруу дүҥүрүн ылан, сиэҕинэн соппохтоот, имэрийэн ылла. Тобугар ууран төҥкөйө, кулгааҕар даҕайан олорбохтоото.

      – Туох иһиллэр? – Бэлэс Боотур үтэһэлээх эти ылан үрбэхтии, сибигинэйэн ыйытта.

      – Тоҕуоруспуттар, аһаары-сиэри уос-тиис соттоллор үһү… – Лүксүрээн кимиэхэ туһаайара биллибэккэ, дүҥүрүн оннугар ыйыы, куойатын иһиттэн үрүҥ сиэл ылан, аттыгар уурунна. Тугу диэҕин билбэккэ олорор Бэлэс Боотур үтэһэлээх этиттэн быһа тардан ылла. Бэргэһэтин кэннигэр сиэлийэ, кутааҕа нөрүйэ, мас ылан, кытарбыт чохтору бэттэх тардыталаата. Уоһун иһигэр ботугуруу, кытара кыыспыт чохтор үрдүлэригэр этин уурда. Бэлэмнээбит сиэлин уокка кээһэн, сыт-сымар таһаарда.

      – Чэ, аһыаҕыҥ, сарсын Эбэ кытылыгар сиэр-туом толоруохпут. Уҥуортан оннук айылаах туох даҕаны биллибэт. Ол эрээри, аттары Эбэ кытыытыгар киллэримэҥ. Сыбыдахтаан эрэ кэбиһиҥ. Биир түүн туох даҕаны буолуохтара суоҕа. Сарсыарда Эбэ кытылыгар киирдэхпитинэ ыыталыахпыт, – дии-дии, Нүһэрги Боотур эт хостуурга анаан кыччайбыт уһуктаах мутугунан көһүйэттэн эти тобулу анньан таһаарда. Этин үрбэхтии, тииһинэн ытыран тарда, быһаҕынан элийэ быһан, ыстаан онньоҥнотто. Бэлэстээх Нүһэрги кутаа суоһуттан тиритэн ньалҕаарыстылар. Тас таҥастарын устан, имири-хомуру аһаан кимириттилэр. Өтөр буолбатылар, күннээҕи сылаалара киирэн, сыҥааҕырдаан бардылар. Лүксүрээн этэрбэстэрин устан, дьылҕан мастарга кыбыта анньыталаат, куобах түүтэ суорҕанын бүрүнэн, сытынан кэбистэ. Нүһэрги Боотур кутаа сырдыгар батаһын сыгынньахтаан, эргим-ургум тута, быһаҕын өнчөҕүнэн биитин көннөрөрдүү сууралаамахтаата. Сытар сирин улаҕатыгар сыгынньахтыы анньаат, төбөтө тэллэҕэр сыстаат, мунна хаһыҥыраан барда. Бэлэс Боотур сөҕүрүйэн эрэр уокка уккунньах уура, киирэ-тахса, аттарын сыбыдахтаан, диэли ис өттүттэн маһынан баттатан, утуйар оннун булла.

      Күүһүн ылан эрэр күһүҥҥү ыас хараҥа, сарсыҥҥы күн хаһан даҕаны үүнүө суоҕунуу, уккунньаҕы сабырыйа барыйбыта. Сарсын, сарсын туох буолар…

      Үөл-дьүөл буолуута, Лүксүрээн сөтөллөн хахсыйа, кырыаламмыт бэргэһэтин кытыытын соттуммахтыы, туран кэллэ. Сыыгыныыр уккунньаҕы мутугунан тэһитэ кэйиэлии, эргитэ-урбата, бэс киһиргэһин уурталаата. Уот ону хабан сирдьигинии, онон-манан быгыалыы, кыһыл тылынан салаамахтаан иһэн, тачыгыраччы күлүбүрүү умайан, ураһа иһин сырдатта. Лүксүрээн уотун көрө, үөһэ ыйаабыт дүҥүрүн ылан, уокка сырайа тута эргичиҥнэттэ. Дүҥүр тириитэ тыҥаан, кыра да таарыйыыттан тыас таһааран, иһиллэр-иһиллибэттик ньириһийбэхтээтэ. «Бээ, бээ, ыксаама… Хоммуттаргын хоҥнор, киртэн-хохтон ыраастан», – диэн ботугуруу, дүҥүрүн сахсыйбахтыы, сирэйин имэрийбэхтээтэ.

      – Боотурдар, уһуктуҥ, туруҥ! Улуу Эбэ иччилэрин айах тутан, алгыс этиэхпин, көрүү көрүүлэниэхпин көстүүлээх сиргэ кутаата оттуҥ.

      – Кырдьаҕаас, хайдах-туох

Скачать книгу