Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 11
5.
Сарсыардааҥҥы дьыбар үүт тураана сыыйа сайҕанан, сыһыы саҕатынан кырыанан бүрүллүбүт тииттэр, хатыҥнар туналыстылар. Кэнчээрилээбит хонуута онон-манан көҕөрбөхтүү, маҥан кырыанан үллүктэнэн, кэтит үрэхтии субуллар. Томтор сыырыттан чараас тумарыкка сууланан, ындыылаах аты сэтиилэммит аттаах үс киһи аллара түһэн, күөрэйэн эрэр күнү көрдө-көрбүтүнэн, кылабачыйар хаар кырпайдаах тумарык утахтарын түөстэринэн тэлэн, тыыннара бурҕачыйа, хаамтаран хоочугураттылар. Лүксүрээн ойуун куобах түүтэ бэргэһэтин көхсүгэр түһэрэн, ыыс араҕастыйбыт уһун, убаҕас баттаҕа күкээриҥнии, атын хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, дүҥүрүн оргууй охсо, суол тэлэн инникилээтэ. Кэнниттэн дуулаҕалара, күһэҥэлэрэ тымныыттан барбах килбэҥнэһэ, тэһииркээбит аттарын хантаччы тарда, боотурдар тамаһыттылар. Хаалбыт дьон сыыр үөһэ тоҕуоруһан, аттаахтар чоҥуорбут ойуурга киириэхтэригэр, дүҥүр тыаһа тымныыга баттатан, симэлийэ сүтүөр диэри соҥуоран, туран хааллылар. Төбөлөрүн хоҥкутан, өлбүт киһини тиһэх суолугар атаарардыы, ис туруктарын аймалҕаныгар хам баттаттылар.
«Лүксүрээн бу дойдуну булуоҕуттан, биһиги туспутугар санааҕа-онооҕо ылларан, кырдьыбыт ээ. Бүтэһик айаным диирэ, хайдах-туох сылдьаахтыыр… Бэйэм барбаккабын…» – Туоҕа Боотур өрө тыынан ылла. Хаста даҕаны хаһыытаан, дьонун төннөрүөхтүү, салгыны эҕирийэ уһуутаталаан ылла.
Лүксүрээн хайа күн атын үрдүгэр олоруоҕуттан биир кэм, ис-хоһооно суох кигинийэ туойа айаннаппыта. Иһиллэр-иһиллибэт тойук араастаан охсуллар күрүлгэн суккуллар тыаһыныы,