Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 15

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

хаана оонньоон, кымньыытын оннугар батаһын сыгынньахтыы тутан, кыргыһыыга киирэрдии, дуулаҕатын сыҥаахтарын ыксары баанна.

      Лүксүрээн ойуун инникилээн, дүҥүрүн аргыый охсон ыла, бүппэт тойугун кигинэйэ, хаамтара турда. Билиини туораан эрдэхтэринэ, уонча табалаах хоһуун өрө мэҥитэн кэлэн, ох саа ылар-ылбат сиринэн, икки өттүлэринэн сиэллэрэн хороҕолдьуттулар. Итини көрө-көрө Нүһэрги Боотур тииһин хабырына, батаһын иэдэһинэн атын самыыга охсо хантаһытта. Түөлбэҕэ чугаһаан истэхтэринэ, улахан түгэһэк кэппит тымтык саастаах уол оран уучаҕынан бурҕачытан кэлэн, тула холоруктатта. Тайах маһынан ыйа далбаатана, иннилэригэр түһэн тамаһытта. Өтөр гымматылар, ураһалар көстүтэлээн бардылар. Иһирдьэ киирдэхтэрин аайы, бөдөҥ бэстэр, улахан сыгынахтар кэннилэриттэн тайах тириитинэн тиириллибит халкы куйахтаах, алаҥаалаах хоһууннар өҥөлдьүстүлэр. Табалаах уол биир обургу тордох таһыгар чугаһаан иһэн, тайах маһыгар чиэстэнэн ойон түһээт, оранын ыытан кэбистэ. Уол боотурдары илиитинэн ыҥыра, тордоххо киирэн хаалла.

      – Аттары сыбыдахтаабакка, тордох кэннигэр баайталааҥ, – Лүксүрээн сөтөллөн кыыкыныы, эргим-ургум көрө атыттан түһэн, дүҥүрүн быарыгыттан ыҥыырга иилэн, тэбэннэ-сахсынна.

      Эмискэ үрдүнэн сүүнэ хаар эбэ тыаһа суох талбааран иһэн, дүҥүр «лүһүгүр» гыммытыгар, икки кынатынан таһынан эрэрдии суускайданан, өрө күпсүйдэ. Лүксүрээн соһуйан: «Һуу, һуу!» – диэмэхтии, чохчос гына, өттүктэрин охсунна. Хаар эбэ уҥа-хаҥас хаймаҥныы, бэстэр быыстарынан тэлээрэ турда.

      – Бу маҕай аллааҕы көр! Куппун көтүтэ сыста… Дьэ ити буоллаҕына, күрэстэһэн даҕаны көрдөхпүт… – Лүксүрээн дүҥүрүн ылан, куйах курдук түөһүгэр ыксары тутан, тордох диэки бадьаалаата. Боотурдар саадахтарын кэтэн, ындыыларын сүгэн, оҕонньордорун батыстылар.

      Итини кэтээн турбут хоһуун, алаҥаатын туппутунан, бэс кэнниттэн чиккэс гына ойон таҕыста. Эргиллэ түһээт, багдайбыт ураһа диэки сүүрэн элэстэннэ.

      Кинилэр кэлэллэрин кэтэспиттии, тордох сылаас салгынынан илгийэ, буспут эт сытынан дыргыйа тоһуйда. Тордуохтаах мастарга ыйаммыт буор көһүйэлэр кытыыга тардыллан, сыыйа бургучуйаллар. Хайыы үйэ тириппит, уһун баттаҕын биир гына өрүммүт уолчаан, тыла суохтуу биир кэм ымаҥныы, кэҕиҥнии, тайах дарпытыгар үтэһэ маһынан сыалаах эти хоторон өрөһөлөөтө.

      – Бэрт дьоҥҥо кэлбиппит дуу, тугуй?! Бу уол чоҕулуччу көрөн, хараҕа тоҕо сытыытай? – Нүһэрги Боотур атаҕын тэбэнэ, астан хараҕын араарбакка, ыйыллан хаалбыт дуулаҕатын сыҥааҕын быатын сүөрэ, сөҥөдүйдэ.

      – Сыалыһар быарыныы ньалҕаарыйымаҥ, тулаҕытын кэтэнэ-манана сылдьыҥ. Дьон кэллилэр диэн, сиэр быһыытынан көрсүбэтилэр… Буолары-буолбаты мээнэ кэпсэтимэҥ, төгүрүччү кэтииллэр, иһиллииллэр… – Лүксүрээн тордох иһин эргиччи көрө, хаҥас диэки тэлгэнэ сытар таба тириитигэр тиийэн, атахтарын үрдүгэр олордо. – Бу өттүгэр түһүүлэниэҕиҥ, киирэр-тахсар дьону көрөр гына, – Лүксүрээн тайах дарпытыгар эт хоторо сылдьар уолу

Скачать книгу