Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

кистээн дьырылатарга дылы гынна…

      Борук-сорук, дүҥүр тыаһыттан үтүрүйтэрбиттии, сыыйа сырдаан, эбэ киэҥ киэлитин бүрүйэ сабардаабыт хаар тумарык сайҕанан барда. Уҥуоргу кытыл арыллан, хаарынан бүрүллүбүт лаппаҕар мыраан анныгар тордохтор хараара хоройон көһүннүлэр.

      – Оок -сиэ, тоҕо сүрэй! Кырдьаҕаспыт илэ бараары гыннаҕа дуу… – диэн ботугуруу, Бэлэс Боотур тэйэн биэрдэ.

      Нүһэрги Боотур хараҕын муҥунан көрөн, турукка киирэн, дүҥүр тыаһыгар сөп түбэсиһэн, тобугун үрдүгэр накыҥныы дьигиҥнээтэ.

      Этиҥ этэринии лүһүгүрүүр дүҥүр тыаһа ырааттар-ыраатан барда. Тула уу чуумпу сатыылаата, бэл, кутаа намыраан, барбах сыыгыныы төлөннүрдэ. Эбэ киэҥ иэниттэн тыаһа суох тайааран, сүүнэ улахан хаар эбэ көтөн кэлэн, сиргэ олоро түстэ. Эҕэрдэлэһэн эрэрдии улахан төбөтүнэн нөрүйбэхтии, ыыс араҕаһынан дьэрэличчи көрбөхтөөтө. Бэлэс Боотур куонньалыгыттан ох саатын хаба тардан таһааран, сулумах ох ууруна охсон, кирсин тардан кычыгыратта.

      – Ытыма, ытыма-аа! Билэ-көрө атын киһи сылдьар! – диэбитинэн Лүксүрээн ойуун сүр эрчимнээхтик ойон туран, дүҥүрүн күүскэ дарбыйда. Хаар эбэ нахчас гынаат, көтөн күпсүйдэ. Тэйиччинэн эргийэ талбааран, Эбэ үрүҥ тумарыгар киирэн симэлийдэ.

      – Хаарыан ас барда, – Бэлэс Боотур ох саатын санньытан, хаар эбэни хараҕын далыгар киллэрэ сатаан кыҥастаста.

      – Кэлиҥ эрэ, тыынна ыла түһүөҕүҥ, – Лүксүрээн аҕылаан бөтүөхтүү, тиритэн сүүмэхтэммит баттахтарын кэннин диэки силэйэ, бэрт ыараханнык олбоҕор олордо. Дүҥүрүн тобугар уурунан, сирэйин ытыһынан соппохтоото. – Көр эрэ, көрүҥэ маҥанын иһин, хаанымсах, эдэрчи ойуун эбит… Оттон биһиги тэҥҥэ кырдьаахтааммыт… Иннибитигэр-кэннибитигэр элэҥниирдэрбит кулгаахтара, харахтара бүөлэммитэ сүрүн. Биитэр кырытыннаран, дьабыҥҥа аттанарбын билэн, бытаардахтара дуу… Улахан ыҥырыынан, көрдөһүүнэн кэллэхтэрэ үһү, – диэн ботугураамахтаан ыла, тыастаахтык өрө тыына кыыкынаата.

      – Көрүҥ-көрүҥ! Ол тордохтор диэкиттэн туох буруота дуу, тумана дуу бурҕачыйарый? – Бэлэс Боотур өссө үчүгэйдик көрөөрү, күөл диэки киирдэ. Нүһэрги, көрөөрү буолбакка, истээри, дуулаҕатын туура тардан, ынтакатын уҥа кулгааҕын өрө анньа, ытыһын холбоччу тутта.

      – Ээ, ити ыҥырыыбытын истэн, туматтар истэхтэрэ. Табаларын уонна бэйэлэрин тыыннара бурҕачыйар ини…

      – Һа, таах кэлсибиппин дуу… Туһалыам, таарыччы тыыммын таһаарыам дии санаабытым. Маннык кэпсэтии тахсыан билбитим буоллар, кэлсиэ даҕаны суох эбиппин, – Бэлэс Боотур хомойбуттуу туттан, икки өттүнэн иэҕэҥнээн ыла, ох саатын куонньалыгар симиннэ.

      – Бээ, Бэлэс Боотур, ыксаама, ити ис кыахпытын көрдөрдүбүт. Аны эн хаһыыгынан итини бигэргэтэн көр. Былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри бары омук өһүн дьоно дуорааннаах саҥалаахтан саллаллар, улахан күүстээх киһинэн билинэллэр. Уоскун-тиискин оҥоһун, күөмэйгин чөллөрүт. Хомуһунум хомуллубут

Скачать книгу