Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 7
Өтөр буолбатаҕа, кыра ырааһыйаны өҥөйөөт, кыылын иһэ хостонон, өссө даҕаны сылаас чаана бургучуйа сытарын көрөн, охтоох кирсин тарда, тула холоруктаппыта. Ырааһыйа ортотугар үүммүт баараҕай тиит таһа кыа хаанынан халыйбыт, үрүҥ субатыгар диэри сирэйдии охсуллубут этигэр кини тостубут оҕо батары сааллан турара. Адырыыс хараҕын муҥунан көрө, суолу-ииһи кыҥастаспыта. Атыттан түспэккэ оноҕоһун туура тардан ылаат, мөҕүрээн эрэрдии, бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытаан тоҕо барбыта. Ата соһуйан, өрө хантаарыҥнаат, ньахчайа түһээт, иннин диэки бырдааттаабыта. Адырыыс онно сөп түбэһиннэрэн, тэһиинин ыытан биэрбитэ. Миҥэ барахсан кулгааҕын ньылатан, аттар барбыт суолларынан түһүнэн кэбиспитэ. Кыра талахтары күөнүнэн тоҕута түһүөлээн, охтубут мастары үрдүнэн көтүөлээн, уҥуоргута дьирбиилэнэн көстөр толоон кытыытыгар биирдэ баар буолбуттара. Атын хантаччы тарда, иҥэһэтигэр туран, хараҕа ылар-ылбат сиринэн икки аттаах киһи айаннатан иһэллэрин көрбүтэ. Атын ол диэки салайаат, туос бөтөрөҥүнэн түһэрбитэ. Аттаах дьон тугу даҕаны билбэккэ сэлбэйэ айаннатан иһэр буоланнар, икки ардылара түргэнник чугасаһан барбыта. Адырыыс быһымах айанын бытаарпакка, саадаҕыттан ох саатын эһэ охсон ылан, ыҥыырын ойоҕоһугар бааммыт кэһэҕиттэн икки муҥур оноҕоһу сыыйа тардан таһаарбыта. Биирин ох саатын сүнньүгэр ууруна, иккиһин уҥа ыырааҕын быыһыгар кыбыта аспыта. Тэһиинин ыһыктан, атын арҕаһыгар хаптайыаҕынан хаптайан, ох саа бэргэнигэр киирбитэ. Кэнникилээн иһэр киһи көхсө бөгдьөйөн көстөр буолаатын кытта, ыҥыырыгар тиэрэ мэтэрийэ, оноҕостоох кирсин тардан, эйэҥэлэтэн иһэн, ыытан кэбиспитэ. Оноҕос киһи көхсүгэр тыастаахтык сааллаат, тэйэн, туора көппүтэ. Киһи соһуйан: «Һук» – диэн саҥа таһаараат, умса баран, атыттан сууллан түспүтэ. Бастаан испит киһи соһуйан, атын хантаччы тарда эргилиннэрэ, хаһыытаан тоҕо барбыта:
– Ытыма, ытыма-аа! Адырыыс Боотургун дуо?! – атын бэдьэҥэлэтэн иһэн, ыстанан түһэн, аргыһыгар сүүрбүтэ.
Адырыыс аатын истэн соһуйан, атын хантаччы тарда, тохтото сатаан туора-маары тардыалыы, дьон таһыгар мэҥитэн кэлбитэ. Кимнээхтэрин билээри, хараҕын бүлтэччи көрө, ыга астарбыта.
– Адырыыс Боотур, уоххун-кылыҥҥын уҕарыт. Биһиги Туоҕа Боотур биитэ Кырамай Боотур дьонобут. Бу эйигин ыҥырар, батыһыннарар дьүһүммүт… – диэбитинэн, бастакы боотур сүрэҕин тутта нөрүйэн ылбыта.
Охтубут боотур төбөтүн илгистэ, түөрт атахтанан бөкчөҥнүү, тэмтээкэйдээбитинэн туран кэлбитэ.
– Күһэҥэм туһалаатаҕын… Хомуруйда быһыылаах, аттан сууллуохха диэри кытаанах охсуу буолла… – дии-дии аҕылаан мэҥийэ, саҕынньаҕын устан, Адырыыс Боотурга көхсүн көрдөрдө.