Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

аҕалбыт тымтайыгар тобус-толору балык, кус хаалаан, уҥуор туораабыта. Соһуйуон иһин, дьон кэлэн барбытын туоһулаан, дьылҕан мастар эрэ хороһон тураллара…

      Саҥардыы хааман эрэр Таатык-Татыйык Дыгыйдаахха ити курдук оҕо буолан хаалбыта. Хатыы, хайа күн оҕону түөһүгэр ыксары кууһуоҕуттан, урукку чөлүгэр түһэн барбыта. Күннэрэ-ыйдара Таатык тула эргийэр буолбута.

      Итинтэн ылата элбэх уу-хаар устан аастаҕа. Кинилэргэ үөһэттэн анаммыт кыыстарын туһугар, өлөр өлүүттэн хаста-хаста мүччү-хаччы харбатан, баччаҕа тиийэн кэллэхтэрэ.

      Бүгүн халлаан буркуннанан, онно эбии Дыгый ыарыыланан, булдун тэриллэрин көрө барбата. Онтон, хата, чөмчүүк саастаах Татыйык кыыс үөрүүтэ баһаамнаата. Дьоно иккиэн баалларыттан үөрэн, күлэн чаҕаарыйа наара ороҥҥо булумахтанар. Быыһыгар модороон сандалыга быардыы сытан, ийэтэ куобах сүлэрин кыҥастаһар. Көмөлөспүтэ буола, куобах кулгаахтарын тута, араастаан хамсатан оонньуур.

      – Сыллыай, Таатык, булдунан оонньооботтор, Барылах буруйугар-сэмэтигэр киириэҥ. Эһэкээн оҕонньор кэлэйэн, аны аҕабыт айатыгар, сохсотугар булду тосхойуо суоҕа. Хата, били аҕаҥ кыспыт талах оонньуурдарынан оонньоо. Мин эйиэхэ кэпсиэм, – Хатыы астыырын тохтотон, кыыһын төбөтүттэн сыллаан ылла. Сандалы анныттан кыра туос тордуйаны ылан, талах оонньуурдары сандалыга уурталаата.

      – Ийээ, бу маннык кыыллар ханна баалларый?

      – Ыы, чыычааҕым. Ырыых-ыраах биһиги курдук дьон элбиих-элбэх буолан, киэҥ да киэҥ хонуулаах сиргэ олороллор. Кинилэр итинник икки муостаах дьиэ кыыллаахтар. Өссө уһун сиэллээх, кутуруктаах сылгылаахтар. Ынахтарын ыан, ол үүтүттэн араас иһэгэйдээҕи астыыллар.

      Дыгый, эмээхсиннээх кыыһын кэпсэтиилэрин истэ-истэ, оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олорон, сүлүллүбүт киис тириитин сөҕүрүйбүт уокка үҥүлүтэр, эргитэр-урбатар. «Бу тыал сэби-сэбиргэли типтэҕэ. Уларытан туруорбут сохсом астанна ини? Сарсын хайдах эмэ гынан көрдөххө сатанар. Сир түннүгэ Аташкаан кэлэрэ чугаһаатаҕа, көбүөччү биэрэн ыытыллыа этэ буоллаҕа», – дии саныы-саныы тириини ньилбэгэр ууран, быһаҕынан сыатын кыһыйбахтаата.

      Күүтэр Аташкаана дьикти айылгылаах – сир түннүгэ киһи. Уҥуоҕунан намыһах, хатыҥыр, түргэн-тарҕан туттуутун таһынан, доргуордаах саҥалаах. Хараҕын далыгар киллэрбит киһитигэр, күөл уҥуоруттан даҕаны, тугу билбитин, көрбүтүн кэпсээтэҕинэ эрэ холкутуйар. Бэйэтэ тоҥус бэрдэ эрээри, табалаах сахаларга сыстан, хайа да халыан майгылаах дьоннуун биир тылы булар. Бэл, тигии сирэйдээхтэр ситэн кэлэн, тыынын иһиллээри чиччигинээн баран, алыптаах тылга ылларан, тыыппакка ааһаллара. Айаны-сырыыны кыайар буолан, анаан сыал-сорук туруорунан, дьонноох сирдэринэн кэрийэн, сонуну барытын тарҕатар үгэстээх. Сымыйаны, көрбөтөҕүн-билбэтэҕин кэпсээбэтинэн ытыктанар киһи. Итинник сылдьарын быыһыгар, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөн, түүлээххэ көрдөспүттэрин мэнэйдэһэн, булан-талан аҕалар.

      – Улуу добдурҕа буолла, сир түннүгэ Аташкаан таарыйан

Скачать книгу