Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

Куобах иһэ ньаҕайдаммыт уллуҥун наара орон кытыытыгар ньиккирийбэхтээт, тириини өссө өрө тардан эрдэҕинэ, Хатыы хаһыытаабытынан ойон туран, хоһуун баттаҕар икки илиитинэн түстэ. Ыһыытаппытынан кэдэрчи тардан онолуйда:

      – Аа, абам! Кимнээх буолан иэстэтиэм баарай? Инибин эһиги сиэбиккит… Аны миигин сиэҥ!

      Хоһуун төбөтүн чолоччу тартаран, далбаатана кэдэйдэ. Ону көрөн, аттыгар турбут хоһуун ойон кэлэн, Хатыыны сиргэ сөрөөн түһэрэн, тэбиэлээн күрдүргэттэ. Дыгый итини көрөн, уһуутаабытынан өрө чиччигинээн эрдэҕинэ, Мэкчиргэ Харах умса тардан тобуктата түһэрээт, үҥүүтүнэн үлүбээй охсуолаан сабырҕатта.

      – Өлөр, өлөөр! Суох гын! Сынньат! Эһиэхэ даҕаны дьиэлгитин тэлэйэр күһэҥэлээх киһи көстүө! – Дыгый төбөтүн тутта, ынчыктаан хардырҕаата. Мэкчиргэ Харах аҕылаан мэҥийэ, тохтуу түстэ. Дьонугар ыстанан тиийэн садьыйталаан, үҥүүтүн туора тутан түөскэ анньыалаан, сарылаата:

      – Тохтооҥ! Түксү! Өлөрөөрү гынныгыт! Кэлэ-бара бэлэм түүлээҕи, аһы, балыгы ыларга туһалыахтара, – диэн көбүөлээт, түүрүллэн сытар Дыгыйы үҥүүтүн төбөтүнэн анньыалаата:

      – Кубулунума, бу аайы өлбөт урааҥхай буолуоҥ. Ый кыһыл эргэтэ буолуута, өшшө биирдэ кэлиэхпит. Күн шырдыга баҕалаах буоллаҕына, шаарба кыылларда бэлэмнээн тоһуйаар. Маангааҥҥын таһыйан, үөрэтэн биэр. Сэптээх-сэбиргэллээх дьоҥҥо тыҥыраҕын сараппат оҥороор, – дии-дии кураанаҕынан силлээмэхтээт, сандалыга сытар куобах хааннаах буутун айаҕар батары аста. Буор көһүйэни, иһити-хомуоһу сиргэ тоҕо солоон түһэрдэ. Туохтан эрэ куотан эрэрдии үтүрүһэ-анньыһа таһырдьаны былдьастылар. Бэйэлэрин тылларынан добдугураһан иһэн, биир хоһуун төттөрү ойон киирэн, тугу эрэ көрдүүрдүү сандалы, наара ороннор анныларын харбыаласта. Көнө түһэн тула кулахачыйда, бөтүөхтүү сытар Дыгыйы куттаммыттыы көрө тэпсэммэхтээт, таһырдьа ыстанна.

      Балаҕан иһэ кураанахсыйа, тымныйа түстэ. Бургучуйан киирэр тымныы салгынтан өйдөммүттүү, Хатыы ынчыктаабытынан, наараттан тардыһан, туран кэллэ. Байааттаҥныы сыҥыргыы, оҕонньоругар кэлэн саба түстэ, уйа-хайа суох ытаан энэлийдэ. Наара орон анныттан Татыйык аҕатын быһаҕын түөһүгэр ыксары туппутунан тахсан кэллэ. Сыҥсырыйа-сыҥсырыйа, кырачаан ытыһынан ийэтин баттаҕын имэрийдэ.

      – Ийээ, ытаама… Аҕам эппитин курдук, сотору сахалар кэллэхтэринэ, ити түүлээх таҥастаахтары мантан хаһан да кэлбэт гына ыраах үүрүөхтэрэ…

      2

      Сайыҥҥы нуурал түүн суһукка үтүрүйтэрэн, сииктээх туманын сыыйа өрө көтөҕөн, сыһыы кытыытынан сэлэлии үүммүт хатыҥнар намылыппыт лабааларын, хойуу сэбирдэхтэрин имэрийбэхтии уһунна. Маннык быыһык кэмтэн тугу эрэ күүппүттүү, тула туох барыта иһийдэ. Бэл, түүнү быһа чуумпуну уйгуурдуохпут диэбиттии, чырып-ирип тырыбынаспыт чыычаахтар кирийдилэр. Арай хам-хаадьаа эрдэһит чаччыгыныардар, туохтан эрэ үргүбүттүү, чардырҕаһан ылаллар. Саҥа күн арыалдьыта буолан, сиккиэр тыал сипсийэн аастаҕына, сыһыы локуора ото сүүнэ өрүстүү долгуннура, долгулдьуйа суугунуур.

Скачать книгу