Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

Хайдах төлөһөҕүн? – Тыгын Тойон куолаһа кытаатан, тимири балталаан эрэрдии быһытталана, бэрт эрчимнээхтик ойон турбута. Өрө эҕирийэн түөһүн мөтөтө, иһин-үөһүн хомуна туттан, тойон өһүө баҕанатыгар лиһирдээн тиийбитэ. Мас чороохоҕо ыйанан турар кылыһы кыыныттан сыыйа тардан таһааран, биитин тойон эрбэҕинэн бигээбитэ.

      – Билэн… – Туоҕа Боотур бэйэтэ билбэтинэн, кэтит санныларын ыгдатан, төбөтүн кистиирдии ньыкыччы туттан, олбоҕор эһэлии эргийбитэ. – Ити Туйах диэн, били, хайалаах кыргыһыытыттан орпут тулаайах оҕо. Бэйэҥ дьаһайан аҕалтарбытыҥ… Ол уол бороохтуйбута, сиһин этэ ситээри, буутун этэ буһаары оонньообута оҕус буолла. Аҕа уустарынан үтүрүллэн сылдьыбытын аһынаммын, сылгы манааччынан, чаҕарынан ылбытым. Дьиҥэр, сүрдээх сытыы-хотуу, үлэһит уол. Боотур буолар баҕата батарбакка, күрэскэ кыттаары ити дьаабыланна… Тугу этиэхпиний, барыта эн илиигэр, эн дьаһайыыгар, – Туоҕа Боотур нөрүйбүтүнэн туран кэлбитэ.

      – Дьэ, оччоҕо кэпсэтиэх, – Тыгын Тойон кылыһы тыастаахтык кыыныгар төттөрү анньаат, чанчыгыттан сирэйигэр саба түспүт, күрэҥсийбит сүүмэхтэри кулгаахтарын кэннигэр кыбыта аспыта.

      – Олор! Этэр тылбын өйдөөн-дьүүллээн иһит… Уһун сыллар тухары, дуоҕа тутааччынан сылдьан, кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбытыҥ, быһылааннаах айаннарга эр санааҕын көрдөрбүтүҥ элбэҕи этэр, – сис туттан, төттөрү-таары хаамыталаат, олбоҕор олоро түспүтэ. – Бу кэпсэтиибитин, эн биһиккиттэн ураты, иэгэйэр икки атахтаах билиэ суохтаах… Эн боотурдаргын, чаҕардаргын илдьэ бу сиртэн күрээн бараҕын. Өйдөөтүҥ дуо, күрээн! Туймаада олохтоохторугар эн мин аппын төлүүр кыаҕа суоххуттан, хаан халыйыаҕыттан куттанан күрүүгүн…

      Туоҕа Боотур ити тыллартан соһуйан, өрө көрө түспүтэ. Тугу эрэ этиэхтии өгдөҥөлөөн эрдэҕинэ, Тыгын Тойон сапсыйан кэбиспитэ.

      – Хаан-уруу, оҕо, аймах диэни, үчүгэй кэмҥэ диэри, тэйиччи туттахпына сатанар кэм үүннэ… Иһит, үүрдэ дии санаама… Үөһээлэр, соруйан аппын өлөртөрөн, уһуну-киэҥи анаарар, кэскиллээх санааҕа үтэйдилэр. Саас ылан эрэр. Кэлии-барыы да ыараата. Онно эбии, чугас диэбит сорох дьонум баайга, сиргэ дураһыйталыах курдуктар. Атааннаһыы, арахсыы, хаан тохтуута түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тиэрпэт. Ол эрээри аҕам Мунньан Дархан урааҥхай сахалары бииргэ түмэр ыра санаатын ыһыктыбаппын… Дьэ, ол инниттэн саҥа сирдэри баһылаан, олохсуйан, баайы хаҥатан, уруу-аймах кэҥэтэр кэм кэллэ.

      Бүтэһик, кистэлэҥ сорудахпын толоруо диэн бүк эрэнэн олоробун. Эдэр-сэнэх, кыанар эрдэхпинэ Кыйаар диэн ааттаах бэрт бултаах-алтаах, үтүмэн элбэх саарба кыыллаах Сыа дойдуга сылдьыбыттааҕым… Онно бараҕыт. Кэнэҕэскитин Кыйаар дойдуга олохсуйан, Тыгын Тойон бииһин-ууһун салгыыр, урааҥхай саха төрүттэрэ эһиги буолуоххут. Ааппын ааттатыаххыт, сирбин-уоппун кэҥэтиэххит, саха бииһин элбэтиэххит… Манна күүһү-уоҕу мунньунарга, сэби-сэбиргэли, куйаҕы оҥорторорго Кыйаар саарбата төһүү күүс буолуо. Муммут-тэммит, кыаммат-түгэммэт кыра-хара дьон сир аайы бааллар. Кинилэри

Скачать книгу