Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

киһи олорон эрэ этиим эрэ, – үөскүлэҥ, улахан Дуораан Уус суон моонньун көлөһүнүн кылгас, модороон тарбахтардаах толору ытыһынан соппохтуу сөҥөдүйбүтэ. – Дьэ, аҕа ууһун бас-көс киһитэ Туоҕа Боотур бэрт сөпкө омолуйдуҥ. Чахчыта даҕаны, үтүө сир баарын мин да истибиттээҕим. Миигин манна тутар ойоҕум, оҕом суох. Билбитим эрэ күөрдүм, кыстыгым буолаахтаатаҕа. Бачча сааспар диэри оҥорбут оҕум иҥсэ мэнэгэй тыаһын истэ, хааҥҥа суудайбыт сытыы кылыһым өҥө уларыйарын харахтыы иликпин… Мин барсабын! Оҥоһуум бүтүн, ыйыллыбыт ыйаах баар буоллаҕына, туһалыам турдаҕа…

      – Мин, мин этиим эрэ, – аҕыйах саҥалаах, барыларыттан үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах көрүҥнээх Лэбиэрийэ Бөҕө көөҕүнээбитинэн сүгүллэн турбута. Мустубут дьон Лэбиэрийэ турбутугар дьиибэргээн, чуумпура түспүттэрэ.

      – Ээ, мин да хаалбаппын, – диэт, Лэбиэрийэ Бөҕө олорунан кэбиспитэ. Тугу эрэ истээри чөрбөспүт дьон, чочумча олоро түһээт, күлсэн тоҕо барбыттара.

      – Итинэн бүттүҥ дуо? – тыҥааһыннаах кэпсэтии эмискэ чэпчээбититтэн үөрэн, Туоҕа Боотур дьонун кэриччи көрбүтэ. Лэбиэрийэ дьон күлүүтүгэр кыһаллыбакка, икки өттүнэн иэҕэҥнээн ылбыта.

      – Тыгын Тойон барбыппытын билэн эккирэтиннэрэн, сир сирэйдиэ суоҕа дуо?

      – Дьоммутун-сэргэбитин атаҕастаабатар ханнык.

      – Ол эрээри сөптөөх быһаарыныы.

      – Барыаҕыҥ, көһүөҕүҥ! – диэн тыллар иһиллибиттэрэ. Сөпсөһөллөрүн биллэрэн, бары туран кэлбиттэрэ. Уҥа илиилэрин сүрэхтэригэр тутан нөрүйбүттэрэ. Туоҕа Боотур санныттан ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии, өрө тыыммыта.

      – Туох да диэбит иһин, күрээн барабыт. Онон туора кулгаах истиэ-билиэ суохтаах. Кими даҕаны күүһүлээбэппин. Оҕону-дьахтары, кырдьаҕастары эмиэ илдьэ барбаппыт. Тыгын Тойон дьахтары, оҕону, кырдьаҕаһы тыытыа суоҕа. Бэркэлээтэҕинэ үлэһит оҥостуо… Үрүҥ тунах ыһыах буолар түбүгэр уонна ыһыах кэмигэр кыргыһыыттан, хаан тохтуутуттан туттунуо, онон эккирэтиннэриэ суоҕа. Онтон от үлэтэ, кыстыкка бэлэмнэнии ыга анньыа турдаҕа… Онуоха диэри биһиги ыраатыахпыт. Саҥа сирдэри баһылыырга айдарыылаах дьоммут Лүксүрээн, Хаан Илбис хайаан даҕаны барыстахтарына сатанар. Тиийэн туох-хайдах олорорбут кинилэртэн тутулуктаах…

      – Сөпкө эттиҥ, – Лүксүрээн убаҕас бытыгын имэринэ, Хаан Илбис таһыгар тохтообута. – Хаан Илбис, аатыҥ ааттанар, улахан ойуун аатырар сириҥ онно буолуо. Эн биһиккиттэн биирбит дьабыммытыгар уруттаан аттанарбытыгар үөһээ үтэйсэрбитигэр көмөлөһүстэхпитинэ сатанар… Манна хаалардыы сананан олорор буоллаххына, улаханнык сыыһыаҥ. Ким да эйигин улахан ойуунунан билиниэ суоҕа, сотору кэминэн илбис иҥэртэрэр эдэр ойуун иннибэр барыгылдьыйар… Дьэ ону бэйэҥ бил.

      Хаан Илбис дэгдэс гына түспүтэ. «Бары иһиттигит дуо?» диэбиттии, тула көрөн мэлээриҥнээт, тоҥхоҥнообута.

      – Мин барсыбатахпына, сатаммат буоллаххыт, – дии-дии ымаҥнаабыта.

      – Биилэрим! Аҕа ууһум бас-көс дьоно, мин биир көрдөһүүлээхпин, –

Скачать книгу