Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 14

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

киһилии сарылыы-сарылыы, ханна охсуһуу баарыгар сүүрэкэлиирэ. Буруо быыһынан дуулаҕа бэргэһэ уот сырдыгар килэбэчийбитин көрөн, онно ыстаммыта. Тураары үнүөхтүү сытар ат үрдүнэн ойон иһэн, Күлүк Боотуру түҥнэри тэбэн түһэрбитэ. Турар бокуой биэрбэккэ үҥүүтүнэн батары түспүтүн, Күлүк Боотур батаһынан туора охсоот, дуулаҕа бэргэһэтинэн кырыска тирэнэ кэдэрийэ, икки атаҕар тура түспүтэ. Кыһыытыттан бааҕыныы, батаһынан харса суох сабыы сылдьан, хоһуун тоһуйа туппут үҥүүтүн угун тосту охсубута. Туора ыстаммыт киһини сыыһа дайбаан туруйалаан эрдэҕинэ, хоһуун атахха тэбэн түһэрээт, үрдүгэр саба түспүтэ. Умса сытар киһини миинэ түһээт, тута сылдьар тостубут үҥүүтүнэн көхсүн хараҕар батары саайбыта уонна кырынаас кыыллыы ньылбыс гынаат, ойон турбута. Суордуу кыланыы, алыкылыыр хаһыы дуораһыйарын истэн, барыйан көстөр ойуур диэки, ыалыкы көтөрдүү кылбаҥнаабыта. Тоҕурай Боотур сиргэ сытар алаҥааны хаба тардан ылан, ох көрдөөн тула холоруктаммыта эрээри, булбакка көрөн эрэ хаалбыта. Кыргыһыыттан ордубут боотурдар өлбүт хоһууннары тэбиэлии, бааһырбыт хоһууннары тыыннарын салгыы, кыргыс толоонун кэрийбиттэрэ. Ынчыктыы сытар тумус киһилэрин булан, өйөөн-убаан олордубуттара. Күлүк Боотур умса туттан, курдары тахсыбыт үҥүү һэлии муоһа уһуктаах төбөтүн төттөрү анньа сатыы ынчыктаабыта:

      – Маҥай бэйэлээх! Сыыһа тутуннахпын! – тииһин хабырынан кычыгыратта. Кыыллара турбут, тириппит-хоруппут үс боотур аттыгар тобуктуу түспүттэрэ. Дуулаҕа бэргэһэлэрин тырыттыбыт бөрөлөрүн тириилэригэр суулуу тутан, кэннигэр туппуттара. Күлүк Боотур төбөтүн көтөҕөн, боотурдарын эргиччи көрбүтэ.

      – Бүттүбүт дуо, манан… – умса туттан, бааһын тутта тыыммахтаабыта. – Адырыыс Боотур, тыыммын салҕаа эрэ… Араҥастаан, уматан барыҥ… Туоҕа, Туоҕа… – айаҕа хаанынан туолан, салгыы кыайан саҥарбакка хардьыгынаабыта, кыа хаана хабахтана ньолҕоруйбута. Адырыыс Боотур өссө туох диирин истээри кулгааҕын даҕайа төҥкөйбүтэ эрээри, Күлүк Боотур биир кэм хардыргыы, хаана халыйбыта. Боотурдар киһилэрин өйөөн, сиргэ умса сытыарбыттара. Адырыыс Боотур кыбдьыгырыы, Күлүк Боотур кэтит көхсүттэн чоройо сылдьар тостубут үҥүү модьу тобоҕор халыҥ ытыһын уурбута, уҥа илиитин сутуруктуу тутан, өндөс гынаат, ытыһын көхсүн охсубута. Үҥүү тобоҕо тимис гыммыта, ытыһа киһи көхсүгэр иҥнибитэ. Киһитин өрө көтөҕөн тиэрэ эргитэн, көхсүнэн сытыарбыта. Уһулу ойон тахсыбыт хааннаах үҥүү тобоҕун туура тардан таһаарбыта. Күлүк Боотур кыл түгэнэ кэҥээбит хараҕар кытара умайа турар тордох күлүгэ өрүтэ үөмэхтэһэ дьиктитик кытарыҥнаабыта. Халтаһалара сыыйа сабыллан, уот төлөнө умуллан барбыта. Тыын былдьаһан, өрүтэ түллэҥнээн иһэн, хамсаабат буолбута.

      – Миигиттэн буолбатах, өстөөҕүҥ үҥүүтүттэн өллүҥ! – Адырыыс Боотур үҥүүтүн тобоҕун илиитин таһынан элиппитэ. Сөҥүөрэн олорбохтуу түһээт, сиртэн Күлүк Боотур батаһын харбаан ылан, сиргэ батары аспыта:

      – Өлбүт өлбүтүнэн! Хайдах буолабыт? Тыгын Тойоҥҥо төннөр

Скачать книгу