Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

хаалыа суоҕа. Ону таһынан Хаан Илбиһи хайа эрэ албаһынан илдьэ бар. Манна буруйа-сэмэтэ элбээбит бадахтаах, улахан ойууннар харахтара кырыыламмыта ыраатта… Сиртэн сүтэриэҕи сүтүктүөхтэрэ. Баҕар, хаан-сиин, кыргыһыы буолар түгэнигэр көмөлөһүө… Хара ойуун буоллаҕына.

      Кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, наараҕа тиэрэ нараһыйан, кэтэх тардыһынна. Туоҕа Боотур нөрүйбүтүнэн кэннинэн хааман тахсан эрдэҕинэ:

      – Арба даҕаны… Түүл-бит соччото суох. Биһигини атын сиртэн сорунан кэлэн аймаан, кыргыс буолбутун иһиттэххинэ даҕаны, кэлэ сорунаайаҕыт. Иэстэһэр, өһү-сааһы ситиһэр туһунан санаайаҕыт! Өлбүт өлбүтүнэн, сүппүт сүппүтүнэн хаалыа… Өйдөө! Эн, урааҥхай саханы үөскэтэ, үйэлэр тухары ааппытын ааттата, сирбитин кэҥэтэ, баайбытын хаҥата бараҕын!

      Туоҕа Боотур таһырдьаны булаат, түөһүн муҥунан салгыны эҕирийэн өрө тыыммыта, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн ытыһын таһынан соттоот, балаҕанын диэки бара турбута.

      Итини барытын сайыҥҥы ураһа кэнниттэн көрөн турбут дьыралдьыйбыт уһун уҥуохтаах киһи, атаҕын тобуктарын бокута, үөмэр-чүөмэр тыаһа суох үктэнэн, балаҕан аанын аһан эрэрэ баара да, иһирдьэ мэлис гыммыта.

      Тыгын Тойон, киһи киирбитин билбэккэ сытан, эҕэрдэлэһэр тылтан соһуйан, өрө ходьороҥноон олоро түспүтэ.

      – Һуу… Киһини соһуттуҥ! Туох күлүк курдук баҕайыгыный?! Дьыраччы тэбинэн туруоҥ дуо, кэл олор, – Тыгын Тойон өрүтэ тыыммахтыы лиһирдээн тиийэн, Күлүк Боотур саппыт халҕанын аһан, таһырдьаны өҥөйөн көрбүтэ, ааны тыастаахтык ыга саба, сибигинэйэ былаастаан:

      – Манабыллар суохтар ини, кыйдаталаабытым. Биһиги кэпсэтиибитин иэгэйэр икки атахтаах истиэ суохтаах… – киирбит киһи тугу саныырын таайа сатыырдыы, туой буору сабыта быраҕаттаан баллырдаммыт курдук, көҕөрөн көстөр унньуйбут сирэйин кыҥастаспыта. – Киһи киһиэхэ эрэммэт кэмэ кэллэ. Уон улуус дьоно сиргэ-уокка, баайга тардыһыылара күүһүрэн эрэр… Бэрт былдьаһыы, дьорҕооттоһуу тахсыах курдук. Бүтүн саха урааҥхайдарын үмүрү тардан түмэргэ сир, баай, кыах-күүс ирдэнэр… Үгүһү эппэппин. Тунах көтүүтэ, Туоҕа Боотурдаах түөрт уонча буолан, мантан букатыннаахтык бараллар. Үс тумус боотургун кинилэргэ сыһыар… Оттон эн, бэйэҕин кытта биир илииҥ тарбахтарыҥ саҕа тумус дьону ылан, күн сарсын хомунан, тыаһа-ууһа суох сүтүөхтээххит, – Тыгын Тойон чугаһаан кэлэн, киһитин сирэйин өҥөйөн көрбүтэ. – Утуйа олороҕун дуу, тугуй? Өйдөөтүҥ дуо?

      – Истэбин, күн бүгүн да барарга бэлэммит, – диэт, Күлүк Боотур дьирэс гынаат, быар куустан, нөрүс гыммыта. Тыгын Тойон соһуйан, чинэйэ түспүтэ. Кыл түгэнэ кэҥээбит, уоттаммыт харахтара сыыйа өһөн, астыммытын биллэрэн, сэҥийэтин маҥхайан эрэр убаҕас бытыгын имэрийбэхтээн ылбыта.

      – Дьирикигэ дылы, дьириҥнээҥҥин… Соруккут диэн, Туоҕа Боотур иннин, кэннин хайыы. Эһиги кинилэри арыаллыыргытын ким да билиэ, истиэ, көрүө суохтаах. Бэл, Туоҕа Боотур. Күлүк курдук күлүкүчүһэҥҥит, түһүүлэниэхтээх

Скачать книгу