Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт страница 7
– Сөп, – диэт, Бэдэр Боотур атын быһа кымньыылаан, уҥуор барыйар тыа диэки локуора оту кэстэрэ астара турда. Хаалбыт боотурдар аттарыттан түһэн, эттэрин-сииннэрин имитэн хамсаммахтаат, бөлүөхсэн, кэпсэтэн добдугурастылар. Аттар ырааппакка эрэ, тыбыырбахтаһа, тиистэрэ кирдиргээтэ. Туоҕа Боотур тэһиинин ыҥыырыгар иилэ быраҕан, атыттан ыстанан түһэн, тыылламмахтаат, күөх окко тиэрэ түстэ. «Ситтибит ээ», – диэбиттии дыыгынаһа саба түспүт үөнтэн-көйүүртэн хаххаланан, дэйбииринэн сирэйин саба быраҕынна. «Бээрэ, Тыгын Тойон эппит Кыйаар дойдутунан истэхпит. Түөртүүр саҕана тохтоон, сири-уоту көрүллүө. Көҥүл көттүбүт эрээри, үрэх баһа дойдуга хайдах-туох буолабыт? Мантан ылата моонньоох баспыт батарынан олорон эрдэхпит. Туйах… Туйах уол эрэйгэ тэптэҕин. Ол эрээри, ити сылтах эрэ буоллаҕа. Тыгын Тойон сахалары үмүрү тардарыгар, ил-эйэ олохтууругар сири, баайы элбэттэҕинэ эрэ кыаҕырарын билэн эрдэҕэ. Биһиги аҕа ууһун сорудахтаабатаҕа буоллар, атыттары ыытыа этэ… Туйах уолу эрэйгэ тэптиҥ диэн, айантан саллыбыттар кынчыаттаабаттарын, сорох-сорохтор кылыстарын угун харбамматтарын туһугар, хараҕым далыгар тута сырыттахпына сатанар. Туох эрэ баар оҕото. Үлэһитинэн, сытыытынан-хотуутунан, кыаҕынан саастыылаахтарыттан ордуктара. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана даҕаны киһини астыннарар. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна киһи бэрдэ тахсыа. Кэнэҕэскитин киһи-сүөһү төрдө буолан, ааппытын ааттатыах кэриҥнээх. Чэ, бээ, көстөн иһиэ», – диэн санаан иһэн, айан сылаата таайан, биир кэм эймэнэр бырдах тыаһыгар бигэнэ нухарыйан барда…
Тыгын Тойон ата атыллан өлүөҕүттэн, Туймаада хочотун олохтоохторун ыар санаа ыга баттаабыта. Онно эбиискэлэһэн, хараҥа былыт үөмэхтэнэн тахсан, үс түүннээх күн ардаан курулаппыта. Быйаҥнаах ардах кэмэ Туймаада олохтоохторугар курус күннэргэ кубулуйбута. Туох эрэ суоһар буолуохтааҕын күннэри-түүннэри кэтииргэ эбии ардах тохтообокко сылаппыта. Сир-дойду уунан бычалыйа кураанахсыйбыкка дылы буолбута, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар бүкпүттэрэ. Бэл диэтэр, хаппыт тиит мутугун былдьаһан, араастаан куллугураһар суордар сурахтыын сүппүттэрэ…
Тыгын Тойон боотурдарынан арыалдьыттанан, тоҕо эбитэ буолла, Хаан Илбис ойууну батыһыннаран, атын кытта бырастыылаһан кэлбитэ. Ойуунунан сиэри-туому тутуһуннаран, үөһээ үтэйтэрэн уматтаран кэбиспитэ «үһү» диэн кэпсэлгэ кубулуйбута. Ол быыһыгар: «Эйиэхэ эрэ кэпсиибин… Хаан Илбис буруйдаах хара хааныгар суудайбыт үһү. Дьэ, туох алдьархай буолар?» – диэн сибигинэһии-хобугунаһыы элбээбитэ. Сайыҥҥы күн чэмэлийэн тахсыбыта, кыырпах да былыта суох күөх халлааҥҥа туйаарар чыычаах тохтоло суох дьырылаабыта, мутукча сыта дыргыйбыта, дьэрэкээн