Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

симиллибит отун сиэн барда, арай, Туҥуй эрэ мээнэ тэпсэҥэлээн, төттөрү-таары кэлэн-баран туйаҕын тыаһа хаппыт титирик муостаҕа лоһугураата, ол сылдьан, хоҥ мэйииҥ өссө, Кучур оннугар ойоҕолуу киирэн дьирээлэһээри, кыратык кэйиллэн ылла эҥиннээтэ…

      Ньирэйдэр туспа анал оннуларыгар баалыннылар.

      Сүөһүлүүн-киһилиин сыыйа-баайа оннубутун-туойбутун булан бардыбыт.

      Киэһэ Быралгы өтөҕөр төннөрүгэр, эбэм «били дьоҥҥо кэһииҥ» диэн биэс куһу кытта биир хааһы туттаран ыытта…

* * *

      Күн-хонук ааһан истэ.

      Сотору күүскэ тымныйталаан күөл мууһа турда, сир лоһугуруу тоҥно. Итии дойдуга барар көтөр кынаттаах бииһин ууһа, киксибит курдук, эмискэ суй гынан хаалла. Били аҕыйах хонуктаахха диэри иэннэрин тухары араас кус эгэлгэтинэн хараара тордоҕуран туолбут күөллэр уулара, айылгыларынан айаннаан хаалбыт көтөрдөрүн сайыспыттыы килэччи баран, килээй мууһунан көрдүлэр.

      Сойулуор күһүн харанан көрөн уһуннук иһийдэ.

      Кыстык хаара түһүөхчэ түспэтэ, иэппэт ынах курдук бэрт кыратык кыыдамнаан ыла-ыла, тыаһы-ууһу иһиллээбиттии, тохтоон, астан хаалар. Ол түспүт кэмчи хаары курас тыал от-мас, дулҕа, сөкү төрдүн аайы илдьэн тохтоппута ирбэккэ кылдьыылана кубарыйан сытта…

* * *

      Биир сарсыарда туран Улахан Баһылай, Огдооччуйа, Настаа уонна мин буолан Арыылаахпытыгар ходуу ходуйа киирдибит. Эбиискэҕэ кыра да от, бэйи, хаалбат. Бэйэтэ да быйыл ходуу ходулларыгар анаммыт курдук күһүн буолла. Сайын кыайан охсуллубакка хаалбыт манчаары, хата, күп-күөх, сүөһү сөбүлээн сиир. Охсуллар сирин кэтитэ сороҕо дьураа эрэ курдук, сороҕо эмиэ да икки, үс хотуур суола буолан ылар, ол быыһыгар эмиэ да сорох эҥээринэн букатын бүтэн, быстан хаалар.

      Баһылай Огдооччуйалыын оҕустулар, биһиги кыраабылынан мунньан хас да сиргэ чөмөхтөөтүбүт. Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир килиэ муус курдат күөл уута дьэрэлийэн көстөр: сэбирдэхтээх, бөлдөөттөөх уу ото өрө үүнэн тахсан араастаан тараадыйа сыыйыллыбыта сапка тиһиллибит хоруоҥка курдук ээр-сэмээр хоҥкуҥнуур. Субу-субу чараас муус «тыр-тыр» тырдыргыы тыаһыыр, ол быыһыгар ыраахха диэри эмискэ усталыы дьурулаан киһини куттуур. Сэрэхэдийэн төрдүөн биир сиргэ турбаппыт.

      Оппутун атырдьаҕынан хадьымалга таһабыт. Кыра Баһылай үс салаалаах талаҕы быһан ылан хатаран, уһуктаан оҥорбут атырдьаҕа тутарга-хабарга табыгаһа, чэпчэкитэ сүрдээх. Өнөрдөөн үүммүт, сөлөгөйүн иҥэринэн күөхтүү хаппыт манчаарыга астыҥ да «кур» гына киирэн хаалар. Убайбыт аах кыспыттара-кыладыйбыттара барыта олус тупсаҕай. Үлэҥ тахсыыта туттар сэбиҥ-сэбиргэлиҥ хайдаҕыттан улахан тутулуктаах.

      Кыра Баһылай мэлдьи да тугу эмэни кыһа, суора сылдьар үгэстээх. Хаһан даҕаны илии туппайа суох олорбот. Бэҕэһээ хаппыт талаҕынан дуобат кыспыта. Урукку дуобатын, от үлэтин кэмигэр, оҕолор Мундулуҥдаҕа ыһан-тоҕон кэбиспиттэрэ. Талаҕы эрбээн оҥорбут дуобатын сороҕун сутукатын хастаан, сороҕун хаалларан наардааччы. Хаттаҕына сутуката хастанан түһэн хааларын иһин кэлиҥҥитин «тыһыта» уонна «атыыра» диэн атын-атыннык моһуоннаан

Скачать книгу