.
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу - страница 6
Муҥха тахсарын саҕана хайаан да хантан эмит суордар кэлэн бэрт үөһэнэн «кулук-халык!..», «хоох-куук!..» саҥарса-саҥарса эргийэн элиэтии көтөллөр. Баҕадьы кыната умсуон иннинэ эбэтэр кынат саҥа «хаама» турдаҕына суор көтөн ааһан иһэрин көрдөллөр эрэ: «Салыҥна бас!.. Салыҥна бас!..» – диэн ыһыытыыллар, көтөн иһэр суор туора-маары, кынатын эрийэн халбас гынан ыллаҕына: «Оок, көр эрэ, салыҥын баста ээ…”» – дэһэллэр, онтон ордук мээнэ үгүс хос саҥа-иҥэ суох буолар. Арай дьиэҕэ таҕыстахха араас атын «барыһыайдара, билгэлэрэ» элбэх, ону барытын оҕолор сүрдээҕин сэҥээрэн, дьиктиргээн көрөбүт уонна кистии-саба үтүктэбит. Эбэ сиэтиэн дуу, сиэтимиэн дуу «аҥаабыллаан» тойоннооһун диэн эмиэ баар. Тымтыгы хайытан туора билгиэх мас кыбытан баран уматаллар. Билгиэх аан диэки ойдоҕуна – эбэ сиэппэтин туоһута, күөс диэки кыырайдаҕына – ас тахсар бэлиэтэ. Аны балчыр оҕо тибиирдэҕинэ «ас таһаарар» диэн эмиэ үөрсүү буолар.
Муҥхаҕа түмсүү ураты үөрүүлээх, этэҥҥэ сылдьар киһи улаханнык сэргэхсийэр дьарыга, бэйэтэ ыһыах курдук. Оҕолор нырыылаан бүттүбүт да хатыыскалыы оонньуубут, тустуу, араастаан мэниктээһин да үгүс.
Мин, били, Быркылаахтан сайылыкка көһөрбүтүгэр арахсыбыт доҕорбун Киристиинэни биир күн муҥхаҕа көрүстүм. Түһүү чардаат алларыллан бүтэн эрдэҕинэ, эбэ ыраас мууһунан кыстык пиэрмэтиттэн икки киһи тиэтэйэ-саарайа сылыбыраччы хааман иһэллэрин көрөн «ити кимнээх иһэллэрэ буолуой?» диэн ыраахтан кыҥастаспытым. Чугаһаатар чугаһаан субу кэлбиттэригэр биирдэ эрэ Киристиинэни билтим. Аргыһа Лэкээрэй эмээхсин Куһаҕанчай Маарыйа диэн хос ааттаах кыыһа эбит этэ. Оҕолоругар өлүүлээх Лэкээрэй эмээхсин Чөҥкөй диэн оҕонньорунуун кыыстарын «абааһыттан муннараары» Куһаҕан кыыс диэн ааттаабыттара устунан иҥэн хаалбыт. Син чугас-чугас олоробут да быыс-арыт булан көрсүспэтэхпитин бэйэбит да сөҕөбүт. Киристиин маҥнай Быркылаахха кэллэҕим утаатынааҕар уларыйбыт, эт туппут, саҥата-иҥэтэ эмиэ хайдах эрэ атын соҕус буолбут…
– Оччоҕо эн эмиэ Айдаҥҥа олороҕун буоллаҕа? – Киристиин миигиттэн ыйытар.
– Манна… аны Мундулуҥдаҕа кыстаабаппыт, мин кэлбиппин истибитиҥ дуу?
– Истэн… Быралгылааххыт хаалбыттар дии…
– Хаалан, Намыынаптар Өлөксүөйэп Хабырыыллааҕы кытта эмиэ онно кыстыыллар.
– Аана уларыйбыккын ээ… – Киристиин төгүрүк сирэйин кыҥнатан атахпыттан баспар диэри өрө көрөн таһаарар.
– Эн эмиэ, ордук саҥаҥ хайдах эрэ эбии синньээн хаалбыт курдук буолбут… – иккиэн күлсэн