Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов

Скачать книгу

тиийэн симэлийэр, оттон ычыкын күөлгэ арыый тиийбэккэ халты ханарыйан бэтэрээ өттүнэн эргийэн, өтөхтөн дьирбиилэнэн көстөр, ортотугар кыра көлүкэ оҕолоох маарга муҥурданар, быһыты бата үүммүт ычыкын толоон нөҥүө салҕанан салгыы субуллар. Мэлдьи бырдыргыы, былдьыгырыы сытар инчэҕэй муохтаах маар ортотугар баар көлүйэ Амтаҕар диэн ааттаах. Көлүкэ тулатынааҕы сып-сырдык кутаҥныы сытар муохха, кыл сапка тиһиллибиккэ дылы күлүүкүбэ кытарар, ону эмп гынаары эбээ эмээхсин хомуйар үгэстээх.

      Баһылай көтөрүн да, куобаҕын да туһаҕа түөрэтэ тэптиргэ. Мин, олорор күөлбүт тыатыгар ииппит туһахтарын көрсөөрү хаста да барса сырыттым. Улахан Баһылай дьиэтигэр үгүс саҥата-иҥэтэ суох бэйэтэ тыаҕа таҕыстаҕына сэһэнэ-сэппэнэ элбиир, тыла-өһө өһүллэн кэпсэлэ-ипсэлэ дьэ киирэр. Булчут эр киһи дьэгдьийэн, сэргэхсийэн, санаата көтөҕүллэн эрдэҕэ. «Бу курдук буолар баҕайыта, ити курдук гынар туһа…» диэн ыйан-кэрдэн биир кэм барыны-бары сүбэлиир.

* * *

      …Бүгүн эмиэ, Баһылай отун тиэйэн, тустаах үлэтин эрдэ бүтэрэн кэлэн, туһахтарбытын көрөөрү батыаккалаһан иһэбит. Бу сырыыга – Арыылаах Бэрэтэ, онно мин сылдьа иликпин. Хаар чараас. Хас да хонуктааҕыта кыраһалаабытынан, кэлин наар чоргу күннэр турдулар, онон табысхаан ороҕо биир кэм ойуулана олорор, бүгүҥҥү суола эрэ, үс хонуктааҕы онньоҥхолообута эрэ – туга да биллибэт. Куобах саһыл буолбатах, хаар төһө да чарааһын иһин син биир сайыҥҥы ороҕунан сүүрэр. Былыта суох чакылыччы халлыбыт халлаан түүнүн тымныйар буолан, табысхаан төһө да ичигэс «саҕынньахтаннар», кини да тоҥон эрдэҕэ уонна сүүрбэккэ ханна барыай…

      Киэһэ хараҥаҕа, чуумпуга – эбэ мууһа тоһута тоҥон тырылыыр, тырдьыгыныыр тыаһа иһиллэр. Саҥа халыҥаан эрэр муус хайыта баран, хаар баттаан тааҥныыр, ону сорох кырдьаҕастар «эбэ иччитэ оонньуур…» дииллэр.

      Дьиэбититтэн Бэрэҕэ барарбытыгар суолбут хаҥас өттө хойуу ычыкын, уҥа эҥээрэ эмиэ да сиһиктээх, үөт талахтаах, хахыйахтардаах булкаас мастаах-оттоох, отон уктаах сэндэҥэ ойуур…

      Үөр хабдьылар түһэннэр, сэппэрээк быыһынан түөрэҥэлэһэ сылдьан, уулаах отону сиэбит суоллара көстөр, онно-манна хаары кытардыбыттар, ол быыһыгар сип-синньигэс суоллаах бочугурастар сырсыакаласпыттар. Өтөр-өтөр кутуйах ыллыгы быһа сүр түргэнник сүүрэн элэкис гынан ааһар. Кукаакылар «пыыт-пыыт…» саҥарса-саҥарса, мастан-маска тэлээрэ көтөн тиийэн хатана-хатана, суолбут устатын тухары батыһаллар. Тыа иһигэр ыраах киргил «кырыктыыра» иһиллэр, суор хоҥсуотуур…

      Иннибититтэн хас да бочугурас тилигирэһэн тахсан ычыкын иһигэр киирэн сүттүлэр, арай, ханна эрэ мас лабаатыгар олоро түһэр тыастара тилигир-талыгыр гына тыаһаан баран тохтоото. Тоҕо эрэ доҕотторуттан быстан хаалбыт соҕотох бочугурас биир кэм «бычыгырыыр», бэйэтэ көстүбэт, онтон көппүтүгэр биирдэ эрэ таба харахтаатыбыт.

      Мин мас көтөрүн кууруссаҕа маарынната саныыбын, «куурусса үүт-үкчү хабдьы курдук эрээри ити тоҕо көппөтө буолуой,

Скачать книгу