Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 5
Бастакы тардыыга мэнээк балык кэлбитэ. Киһи аайы иккилии сүүрү түҥэппиттэрэ. Мин урут атах балай сылдьан сылдьыбыт муҥхаларбар холоотоххо – Арыылаах эбэ баҕадьытыгар киирэн киһи тэҥинэн үлэлэһэрим чыҥха атын. Урут дьону батыһан, хам аччык, нэһиилэ сүөдэҥнээбит эбит буоллахпына – билигин иһим тот, санныбар бүтүн таҥастаах, санаатым да олорор, утуйар сылаас дьиэлээх, чугастык билсибит, оҕолорун кэриэтэ истиҥник сыһыаннаһар дьонноох киһи бэрт сэргэхтик туттан-хаптан, тугу соруйбуттарын улгумнук, үөрүүнэн толорон сүүрэн-көтөн элэстэнэбин. Бэйэм да, олоҕум түүл кэриэтэ ааспыт ынырык кэмнэринээҕэр уларыйан, айылҕа ыйааҕынан эт тутан, ситэн-хотон эрэр оҕо, хайа да хара үлэҕэ харса суох аҥаар кырыытыттан түсүһэн хабытайданан иһэбин. Уонна дьон-сэргэ да сирэйэ-хараҕа кэлиҥҥи кэмҥэ, мин көрдөхпүнэ, биллэ сэргэхсийбит курдук. Баҕар, инники олохпор өлөн, быстан хаалбат үтүө эрэл үөскээбититтэн, санаам көтөҕүллэн сэргэхтик сылдьарбыттан оннук көрөрүм буолуо. Хайдах туруктааххыттан, дьону бэйэҕэр ханыылыы тэҥнээн көрөрүҥ – өй-санаа биир ураты уустуга. Киһи санаатын, онтон сиэттэрэн тахсар тас быһыытын, олоххо сыһыанын эҥинэ эгэлгэтин ситэри ситэн сылыктаан барытын сыныйбыт суох…
Сурах-садьык хоту иһиттэххэ биһиги сэриилэрбит кимэн киирдэр-киирэн өстөөх арҕаҕар тиийэн эрэллэр үһү. Болумуочунай эрэ барыта: «Итэҕэйиҥ!.. Бэрт сотору, букатын сотору хайаан да кыайыы буолуоҕа, эһиги үлэни эрэ кытаатыҥ, отой кыра кэми тулуйуҥ!..» – дэһэллэр.
Бэҕэһээ иккилии сүүр балыгы үллэстибиппит таһынан собо баһаан ордубута. Өксөөн ол балыгын дьон аайы көлөһүн күнүн суотугар абаанса диэн түҥэтэн биэрбитэ. Арыылаах эбэ балыга – Мундулуҥда эбэ балыгын курдук кыралаах даҕаны, бөдөҥнөөх даҕаны. Хата эбэлэрбит барахсаттар соболоро, күөнэхтэрэ, мундулара эмистэринэн, амтаннаахтарынан, иҥэмтиэлээхтэринэн бар дьону абыраатылар. Күөл быйаҥа суоҕа, эбэтэр мөлтөҕө эбитэ буоллар – тугу сиэн-аһаан киһи буолуохпутун сатаан санаабаппын. Кыһалҕа кыһарыйдаҕына бары өттүнэн кыһарыйар диэччилэр: сорох киин улуустарга от да үүммэтэх, булт-ас да эстибит диэн сурахтар иһиллэллэр. Өксөөн Дьокуускай куорат таһынааҕы, өрүс уҥуордааҕы оройуоттар