Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов страница 4
Ходуу ото – күп-күөх, испэр «тоҕо хагдарыйбата буолуой» диэн дьиктиргии саныыбын. Сылгы да, сүөһү да бу күөх окко ымсыыран киирэн ууга түһэллэрэ сонун буолбатах. Амтаннаах, тотоойу от сүөһүнү бэйэтигэр, сэрэҕин сүтэриэр диэри, угуйа тардан эрдэҕэ.
Буһук кэннэ, күөл кыдьымаҕыран, устунан тоҥон бардар эрэ – маныы саҕаланар. Саас да, күһүн да онно дьону анаталыыллар. Маныы төһө уһуннук барара дьылтан тутулуктаах. Сорох күһүн кэлиэхчэ-кэлэн биэрбэт, тоҥоро-тоҥоро ириэрэр, бүгүн – күөл турар, өйүүнүгэр – сулан хаалар. Маннык күһүнү – сипээ күһүн, маныылаах күһүн диэн ааттыыллар. Ордук кутталлааҕа – күөл мууһа арыый да халыҥаан киһини уйар буолтун кэннэ, халлаан хаардаан баран ириэрдэҕинэ. Били түспүт хаар кута саҕатыгар тибиллэн, нуһараҥ халлааҥҥа суорҕан буолан, отун төрдүн ириэрэн уулларан кээһэр, сиикэйдэнэн бырдыргыы сытар, сүөһү аһаан өлүмнэһэ сылдьан оннукка түһэн өлүөн сөп.
Оттон сорох дьыл сир уһуннук харанан турар, улаханнык тымныйан аҕыйах хонук иһигэр күөл, бэл сүүрүктээх үрэх мууһа отой халыҥыыр, дьэ оччоҕо маныы этэҥҥэ, түргэнник ааһар.
Маныы кэмигэр сылгыһыттар күн аайы ат миинэн сылгыларын көрөллөр-истэллэр, атыырдарын үөрдэрин ахсаанын өрүү ааҕа сылдьаллар. Ынах да, сылгы да көрүү, манабыл мөлтөҕүттэн, дьалаҕайдык сыһыаннаһыыттан ууга былдьаммыта билиннэҕинэ, били, этэргэ дылы, сылгыһыттар «баһа суох бараллар». Хайаан да төлөтөллөр, элбэх сүөһү ууга түстэҕинэ сууттаннахтарына да көҥүл. Сылгыһыт ууга түспүт сылгытын төлүүрүгэр көлөһүнүн күнүгэр аахсан ылыахтаах дохуотун дуома бардаҕа ол. Сэрии кэмигэр суут-сокуон, ирдэбил кытаанах. Дьэ ити иһин, түүнүн-күнүһүн олорбокко, солбуһа-солбуһа бэркэ кичэйэн маныыллар…
Холку соҕустук сылдьан хас да күн охсон, мунньан чөкөппүт ходуубутун Настааччыйалыын икки оҕуһунан Маҕан Халдьаайы кыбыытыгар таһан кэбистибит.
Бокуруоп таҥара күнэ ааспыта уонча хоммутун кэннэ, сарсыарда турбуппут күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыстыкпыт хаара түүн дьэ түһэн намылыппыт. Уһуктубутум дьиэбит иһэ хайдах эрэ уратытык сырдаан хаалбыт курдугун иһин, өндөс гынан түннүгүнэн көртүм – халыҥ хаар сири-дойдуну бүтүннүү үллүктээбит. Үрдүк мэҥэ хааллааҥҥа болоорхой былыттар көстөллөр, хаар түһэрэ тохтообут, бары-барыта ордук ырааһыран дьэгдьийбиккэ, суунан-тараанан сэргэхсийбиккэ дылы буолбут. Бу иннинэ көп соҕустук хаардаабытын уулларан турар. От-мас анна сап-саһархай буолуор диэри хаарын ириэрэн таммалаппыта. Ол аата ийэ айылҕа отун-маһын «ииктэтэрэ» диэн үһү. Эбэм «үчүгэй дьылга маһын үстэ ииктэтэр”» диэччи. Хаар ууллаатын, сонно хат хам ылан, харанан тоҥорон кэбиспитэ.
Мин ыстааннаах ырбаахыбын кэтээт, ынах этэрбэспин анньынаат таска тахсыбытым – сонно тута сүрэҕи-быары хаба ортотунан сайа охсон киирэр, сүүрүктээх үрүччэ уутунуу ып-ыраас салгын көбдөхпөр кутулла түспүтэ. Түөһүм муҥунан өрүтэ тыынан дьэҥкир салгыны