.

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу - страница 7

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
 -

Скачать книгу

онтон хатыыскалыы сылдьар доҕор оҕолоругар сүүрэр.

      – Дьэ дьиибэ уол дии, – Киристиин, оол курдук, сүһүөҕүн былдьаһан килээй мууска чинэрис гына-гына, атын аҕайдык мэтэкэччийэн эрэр уолу батыһа көрө-көрө баһын быһа илгистэр. – Мэлдьи, наар кини «баппатаҕа» иһиллэр. Төбөт да уол ээ…

      – Билигин эрэ мэник буолуо, кэлин баҕар, кимнээҕэр көрсүөрэн, оттомуран туруо, уларыйыа… билиҥҥитэ билбэт… көрүҥҥүтүүй, ол тэбиэһирэн туораахтаналлара үчүгэй баҕайы буолбат дуо… – диир Маарыйа.

      Мин, Маарыйа саҥатын истэн, хайдах эрэ, доҕорум Маарпа саҥатыгар ханыылыы, холуу саныыбын, кини эрэ итинник истиҥник, улаҕалаахтык, ылыннарыылаахтык кэпсээччи-ипсээччи. Хайдахтаах да айдаан, моргуор ортотугар Маарпа наҕыл, холку саҥата иһилиннэр эрэ оҕолор болҕомтолоро барыта киниэхэ буола түһэрэ.

      – Үнүр эдьиийим кэпсээбитэ… – Киристиин саҥара туран силигэр чачайан ылар. – Хайа оҕолор, сарсын эмиэ эбэбит дьоҕойон хото өлүүлээри гынна дуу, – диир.

      – Тугу кэпсээбитэй?..

      – Дайыыл үнүр Дабыыдап Хаанньаттан: «Тоҕо эйигин Сомоодьо Хаанньа диэбиттэрэй?» – диэн ыйытан улаханнык дьарыллыбыт. Дайыыл да бэйэтэ, бэрт ээ, Хаанньа от тиэйэн кэлэн истэҕинэ, оҕолору кытта оонньуу сылдьан, сорук оҥостон сүүрэн кэлэн сыарҕаҕа ойоҕолуу түһэ-түһэ сурастаҕа үһү. Сомоодьо киҥэ диибин диэн, куһаҕан да киһи, өһүргэннэҕим буолан уолу оҕуһун дөрөтүнэн сирэйин быһа охсон кэбиспит.

      – Оо дьэ…

      – Айакка да…

      – Онтута кып-кыһыл буолан олорон хаалбыт диэн эдьиийим манна кэлэ сылдьан көрбүтүн-истибитин кэпсээбитэ.

      – Ама да өһүргэммит иһин, сүрүн… Оҕо сирэйин быһа кымньыылыыр, – Маарыйа кэлэйбитин биллэрэн чыпчырынан ылар.

      – Ээ ити, оччоҕо онтутун суола эбит буолбат дуо, өссө мин мэниктээн дьэргэҥэлии сылдьан туохха эмит быһа түстэҕэ диибин дии, – диэн Дайыыл сирэйэ усталыы, быһа охсууттан кытарбыта сүтэн да эрэр буоллар, син көстөрүн санаан саҥа аллайабын.

      – Хаанньа дөрөтүн суола… – диир Маарыйа.

      – Ол-ол, сирэйин усталыы быһа охсубут үһү, муннун хаана кэлиэр диэри… Сытыйбыт, төбөтө түмүллүбүт дөрө «аһыыта» ынырык буоллаҕа, өссө онтукаҥ эбиитин тоҥ буолуо, – диэн Киристиин араастаан таайан абарбыт саҥатын истэн, тоҕо эрэ, сонньуйан ылабын…

      Дьэ ити курдук, биһиги, кыра кыргыттар бэйэбит ычабытынан син сээкэйи кэпсэтэн бэркэ сэргэхсийэбит. Мин Маарыйа диэн өссө биир доҕордоннум. Үгүс элбэх саҥата суох, бэрт көрсүө, сэмэй, оттомноох тыллаах-өстөөх кыыһы уот ааныттан сөбүлээтим. Маарыйа Киристиин биһиккиттэн икки-үс сыл аҕа эбит, холкуоска киирбит. Ийэтэ Лэкээрэй эмээхсинниин Быркылаахха борооску көрөллөр үһү.

      Күөлбүт ой-бото өлүүлээн Айдаҥ ыаллара бары собо күөстэннилэр. Биһиги балаҕан сирэй оһоҕун оттон быччыкы үөлэн сиибит. Муҥха балыга таҕыста да маҥнай үчэһэ үрдүгэр түһэн, ыалларбыт сирэй оһохторугар собо үөлүүтүн сүпсүлгэнэ, ол оннугар

Скачать книгу