Таптал баар!. Петр Самсонов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар! - Петр Самсонов страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таптал баар! - Петр Самсонов

Скачать книгу

тэппитэ. Кыыс даҕаны кылыйан кыыралдьытан, куобахтаан куһурҕатан, ыстаҥалаан ыллаҥнатан, атахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх эр хоһуун барахсантан имин хаана кэйэн, этэ-сиинэ ирэн, сүрэҕэ нүөлүйэн ылбыта. Аҕатын соругунан Уолан Харалыга кымыстаах чороону туттаран иһэн, сүһүөҕэ мөҕөн, тоҥолоҕо ибир гынан, кымыһын син соҕустук сиргэ дьалкытан ылбыта. Онуоха туора сир диэкиттэн: «Оо, бу оҕо дьолун тохто», – диэн биир оттомо суох, акаарытыҥы киһи айахтаппытын ким да улахаҥҥа уурбатаҕа.

      Ол ыһыахха Уолан Харалы үйэтигэр көрбөтөх үрүҥ-кыһыл көмүс манньыат диэннэрин дьэ көрбүтэ. Дьон, ордук Чөмөйө аҕата, Аадаҥ аҕатын ууһун муҥур баһылыга, олус ымсыыралларын, өйдөрүн да сүтэрэр тэҥэ буолалларын бэлиэтии көрбүтэ итиэннэ: «Чөмөйө аҕатыгар итинник көмүс манньыаттары аҕалан биэрэр киһи, кыыһын миэхэ эргэ биэриэ эбит», – дии санаабыта.

      Инньэ гынан, уол ийэлээх аҕатын хаһыытаппытынан, сылбырҕа тыытыгар били муоһун тиэйэн, нуучча омук киэптээн олорор улуу Туймаада эбэ хотуну булларбын диэн, кырылас таастаах кытылыттан анньынан кэбиспит. Бу барахсан тапталлааҕын ахтан-санаан улуу эбэ модун сүүрүгүн, күөххэ сууламмыт кытылларын көрөн, хаана хамсаан, сүрэҕэ сылаанньыйан, ыллаан эҥсэлитэ испит. Ол иһэн уҥа кытылга, толору уулаах от үрэх эбэҕэ түһэр төрдүгэр ойуулаах-оһуордаах тирии сабыылаах тоҥус ураһата турарын көрбүт. Ураһа иннигэр оллоон буруота «айанньыт, кэл, сынньанан, сылааҕын таһааран аас» диэн ыҥырарга дылы унаарар. Биһиги киһибит тыытын кытыл диэки салайар. Кытылга тиксэн, тыытын бырылас таастарга өрө тардан кэбиһэн баран, сыыры өрө сүүрэн тахсар. Ураһа иһигэр уол хаһан да харахтаабатах таҥастаах-саптаах, сааһыра быһыытыйан эрэр дьахтардаах эр киһитэ утарыта көрсөн, уһун умнастаах хамсаларыгар табах тардан унаарда олороллор эбит. Түгэх диэки ыйаастыгас харахтаах, эмиэ кэрэчээн сэбэрэлээх, дьикти оһуордаах таҥастаах биир сиппит кыыс тугу эрэ тигэн күөгэтэ олорор.

      Дьиэлээх киһи ыалдьыт диэки эргиллэ түһэн, көбүөлээн эрэрдии:

      – Шака урааҥкай кэллиҥ дуу? – диэн ыйытар.

      – Сахабын. Мантан чугас икки сыллааҕыта көһөн кэлбит аҕа ууһун киһитэбин. Эһиги кимнээх диэн этигит?

      Иистэнэ олорор кыыс уолу сонурҕаабыт, бэл ымсыырбыт да хараҕынан сытыытык көрбөхтүүр. Уол эмиэ, эдэр киһи буоллаҕа, кыыс диэки кылап гына көрөн ылар. Кыыс хараҕын сытыы уота тоҕо эрэ уол түөһүн аһыппахтыыр, этин сааһын аһан «дьар» гыннарар.

      Кэпсэтэн билсибиттэрэ, киэҥ сиринэн көһө сылдьар төрүт олохтоох ыал эбит. Ийэлэрэ – саха. Бу олорооччу тоҥус хоһууна эр бэрдэ буолан, ойоҕун сүүрбэ кыһыл саһыл тириитигэр сүгүннэрэн аҕалбыта сүүрбэччэ сыл буолбут эбит. Ити иннинээҕи ойоҕун чучунаа күрүлүүр күнүс кэлэн, уоран-талаан барбыт. Ол дьахтартан биир уоллааҕа доҕотторун кытта сир кэрийэ барбыт. Сарсын-өйүүн кэлиэхтээх үһү.

      Ити икки ардыгар түлэй бараан түүн улуу өрүстэри, аар тайҕалары, арыы-сыа аллар алаастары, сыһыылары, тойон нүһэр хайалар

Скачать книгу