Таптал баар!. Петр Самсонов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар! - Петр Самсонов страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таптал баар! - Петр Самсонов

Скачать книгу

саһыл, бөрө, бэдэр тириитин Аадаҥ аҕатын ууһун баһылыгын иннигэр лөскөччү ууран биэрэн баран, оҕолор сүрэхтэрин холбуурга этэ олорбута. Аҕа ууһун баһылыга түүлээҕи сахсыйбахтаан, кылаанын, кырымаҕын көннөрө, тэбии-сахсыйа түһээт, кэннин диэки сыҕарыччы аспыта, итиэннэ өссө тугу эрэ эрэйэр быһыынан утары олорор киһини батары көрбүтэ. Онуоха аҕа барахсан бастаан уонча үрүҥ көмүс манньыаты хаппарыттан ылан сандалыга куппута. Онтон киһитин сирэйин тириитэ биирдэ «дьик» гына хамсаан көрбөтөҕүттэн, тарбаҕа ибир гынан ыла-ыла, үс кыһыл көмүһү оһуордаах-мандардаах сандалыга уурталаабыта.

      Хаппахчытын аанын сэгэтэн итини барытын одуулуу, дьон хас хамсаныытын ааҕа турбут сууллар сулус бэйэтинэн түспүтүн курдук, сандаар кэрэ бэйэлээх Чөмөйө Куо котоку көмүс манньыаты мыынан, дьон истэр гына тыбыыра түһээт, хаппахчытын аанын тиэрэ быраҕан аҕатын аттыгар биирдэ баар буола түстэ:

      – Мин дьадаҥы, киибэс киһиэхэ эргэ барбаппын! – диэн чаҕаара түһээт, таһырдьа ойдо. Оччотооҕу сахтарга киибэс диэн өлөр өһүргэниилээх ынырык үөҕүү этэ. Баарын-суоҕун барытын тэбээн туран, оҕотун дьолун оҥоро сатыы олорбут оҕонньор киһи бэрт чэпчэкитик ойон туран:

      – Ама да субу күҥҥэ алларыйа сылдьыбыппыт иһин биһиги да урааҥхай удьуордара, күн улууһун дьоно этибит. Атаҕын үрдүгэр ииктиир атаах кыыс оҕо үөҕэр кэридэхтэрэ буолбатахпыт. Ити тылгыт-өскүт, бу туттуугут-хаптыыгыт иэстэбиллээх буолара буолуо, – диэт, таһырдьа тилир гынан хаалла.

      Бу кэмҥэ дьон үмүөрүһэн төттөрү-таары аалыҥнаһа сылдьар орто түһүлгэлэригэр эмиэ соһуйуу-өмүрүү, айдаан буолла. Чөмөйө Куо кыһыл көмүс манньыаты мыыммыт омунугар саатын-суутун умнан, баттаҕа арбайан, хатааһын чолбонун курдугунан көрөн туран, Уолан Харалыны үөҕэн сатамматы саҥара, саһыл курдук үрэ турбута:

      – Хара ыт! Хаһан миигин кытта тэҥнэһээри ыйыттарбыт буола-буолаҕын! Үс манньыат сыыһынан өйбүн сүүйээри гыммытыҥ дуо?! Эйиэхэ эргэ тахсыам кэриэтэ тоҥус ойуунугар тахсыам! Бар, киибэстээн аһаа! Эн хохтоох хоонньугун иччилиэм кэриэтэ, аллараттан атара тахсан, атыллан өлүөм, үөһэттэн үөрбэ түһэн, үөлүллэн өлүөм! Киэр бар! Киибэс! Кэридэх! Эбэтэр атын буоллар өл! – өрө ууммут илиитигэр быһах иҥсэлээх биитэ кылбас гыммыта. Чөмөйө уол соһуйан хаалан, муҥунан көрөн турар харахтарын батары көрбүтэ, хатан үлүгэрдик чачыгыраабыта, устунан мэнэрийэн ыһыллан барбыта.

      Баар дьон орто дойду мааны түһүлгэтин киртиппит ынырык тыллартан куйахалара күүрэн, айманан барбыттара. Киэҥ мэндээр халлааҥҥа сааллар чаҕылҕан дапсыйбытын, сүллэр этиҥ ньиргийбитин курдук буолбута.

      Эмискэ чугастааҕы титирик ойуур титирэстии, кылана түһэргэ дылы гыммыта. Чупчурҕан оноҕостор чыбырҕаспыттара, сиикэй эти булан «кип-хап» охсуллубуттара. Аймалаһа, айдаара турбут дьон өрө көрө түспүттэрэ. Хас да киһи элиэ куорсуннаах оноҕосторго табыллан, хаанынан уста-уста өрүтэ мэҥиһэ түспүттэрэ, өлөр мөхсүүлэрин мөхсөн хардыргыы сыппыттара. Титирик ойуур быыһыттан

Скачать книгу