Таптал баар!. Петр Самсонов

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар! - Петр Самсонов страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таптал баар! - Петр Самсонов

Скачать книгу

дуу, түүрүллэ түһээт, тиэрэ кимэн кэбиспитэ – имэҥин уйбатах, саатарын умнубут сыгынньах кыыс ураһа ортотугар тиэрэ эһиллэн хаалбыта. Утуйа сыппыт ийэлээх аҕа «һуу-һаа» буолан уһуктубуттара. Кыыс ойон туран, бэйэтин оннугар барбыта. Уолан Харалы олуһун саатан, устубут таҥаһын харбаан ылан кум-хам тутаат, таһырдьа ойбута. Тыытыгар олоро түһээт, үөс диэки анньыммыта, сүүрүк хоту эрдинэн булумахтаммыта. Балай эмэ эрдиммэхтээт, үөҥҥэ сиэтэн, дьагдьайа быһыытыйан таҥастааҕын өйдөөбүтэ.

      Кэннигэр, итии хаанынан тыгыалыы тэппит эт сүрэхтээх эдэр уол эрчимин билбэтэх, эйэтин ылбатах удаҕан кыыс дүҥүрүн тыаһа дүрбүйбүтэ, эккирии-эккирии кыраан кыланар саҥата түүҥҥү дьыбарга кытылтан кытылга хардары-таары охсуллан, таныар ынырык ырыата буолан иһиллибитэ. Ол ынырык ырыаттан аан холорук таҥнары дапсыллан түспүтэ. Онуоха улуу эбэ уута өрүтэ түллэҥнээн, сибилигин аҕай көрдөөх таҥалайынан дьирибинии сыппыта суох буола охсон, модун сүүрүгэ уһуктан, долгуннуран тиҥиргэччи тэбиэлэнэн үллэҥнээн барбыта, сыыдам тыыны уҥуоргу кытыл диэки охсубута. Сүдү өрүс бу эдэр, ыраас уолу аан холоруктан хаххалыы, быыһыы сатыыр курдуга. Кырдьык, уолан киһи уҥуоргу кытылга тиксээт, кыра хомо оҕото баарыгар кирийэн хаалбыта.

      Оттон удаҕан кыыс туох-баар кыһыытын-абатын, түөһүн иһигэр түллэрэҥнии мөхсөр сириллибит өһүн-сааһын Уолан Харалыга, кини дьонун-сэргэтин кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар кырыыс-таныар гынан, кус сыгынньах бэйэтэ эмиийэ эйэҥэлии, баттаҕа буралла, кыыран ыһылла, кыраан таныйа, өрүтэ ыстаҥалыы сылдьыбыта.

      Уолан Харалы, онуоха-маныаха диэри ама бэйэлээхтик сылдьыах быатыгар, сүдү эбэ долгуурун этэҥҥэ аһаран, сүүрүккэ оҕустаран, эрдинэн дайааран нуучча омук уйа туттубут, уһуктаах төбөлөөх баҕананан эргитиллибит, мэҥэһик-мэҥэһик чуолҕаннардаах суртарынан бөҕөргөтүллүбүт киэҥ уораҕайдарыгар кэлбитэ. Уу оҕуһун аарыма муоһун сүгэ сылдьар киһи «дорогой гость» аатыра түспүтэ, остуруок суостаах тойонугар харыыта суох быһа аһарыллыбыта.

      Санаа хоту үс-түөрт кыһыл көмүс, уонча үрүҥ көмүс манньыаты сиэбигэр уктан, аҕыйах чэй-табах, биир кыра суу торҕо таҥас, биир билээгэ испиир ылан, уу оҕуһун муоһун ыраас муус курдугунан килэччи көрбүт, сэбирийбит кыһыл бытыктаах суостаах тойоҥҥо хаалларан, остуруок күүлэттэн тахсан барбыта. Аны кыһалҕата диэн, удаҕан кыыс сыыры өҥөйө турар тирии ураһатын этэҥҥэ мүччү түспүт киһи диэн этэ.

      Сүүрүгү утары син балай эмэ эрдэн, кутталлаах уҥуоргу кытылын түүн ааһарга суоттанан, били холоруктан саспыт хомотугар тиийэн кирийбитэ. Дьэ, кэтэһиннэриилээх түлүк түүн арҕаа эҥээри сабардаан, тыаһа суох халыйан, чуҥкунуур чуумпу кынаттанан, ырааҕы ырааҕынан, чугаһы чугаһынан бүрүүкээн кэбиспитэ. Уолан Харалы сытыы болотун уҥа өттүгэр уурунан, охтоох, кэһэхтээх саадаҕын көннөрүнэн, улаханнык тыаһаабатарбын ханнык диэн, бэрт сэрэхтээхтик эрдинэн, били тирии ураһа турбут сирин туһаайыытыгар чугаһаан иһэн көрбүтэ – ураһата суох. Арай, уһун ураҕаһы сиргэ батары аспыттар. Ураҕас төбөтүгэр муостары

Скачать книгу