Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 11

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова

Скачать книгу

хаартыскаларын илдьэ сылдьарый диэн, ойоҕуҥ күнүүлээн хайа тардан кэбиһиэ» диэн биэримээри гыммытын, холку баҕайытык: «Мин Альбертас аҕатынаан түспүтүн алдьата иликпин ээ», – диэн кэбистэ. Былырыын, ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, Бүлүү куоратыттан фотограф кэлбитигэр, дьүөгэбин кытары оҥостон ахан түспүт, олус табыллыбыт хаартыскам баара. Ону көрө-көрө, Таайа: «Хотууна, эн олох чыыстай омук кыыһа буолан түспүккүн. Сирэйиҥ маҥана (фотограф сырдык уоту утары тыктарбыта), хараҕыҥ киэҥэ (көрүөхпүнэн көрбүтүм ахай), баттаҕыҥ будьурхайа (киэргэнэн, бугудьууланыы кытаанаҕа буолбута), муннууҥ-муннуҥ (кыратык кырыыбалыы туттан олорбутум)! Үүт-маас били сурунаалга «Христос норуокка кэлиитэ» ойууга баар, ууттан тахсан эрэр оҕо курдуккун», – дии-дии, кыргыттары дэлби өрүкүппүтэ. Омуннаах өттүлэрэ библиотекаҕа ол сурунаалы була ыстаммыттара. Школьнай формалаах, маҥан фартуктаах, пионерскай хаалтыстаах бэлтэспит кыргыттар сүр боччумнаахтык туттан түспүт ол «күлүкпүтүн» ийэм этиитинэн, суруктаан-бичиктээн бэлэхтээбитим. Аҕам хаартыскалары кумааҕы илииһинэн кичэллээхтик суулаан, тирии бартыбыалын иһигэр туспа паапкаҕа уган кэбиспитэ.

      Түөртүүр саҕана дьоно кэлбиттэрэ. Саха киһитэ Михаил Семенович Чурапчыттан төрүттээхпин, Ноэль Аароновиһы кытары бииргэ үлэлиибин, доҕордуубут диир. Айаҥҥа фотоаппараттаах сылдьар эбит, биһигини үһүөммүтүн уонна миигин аҕабын кытары хаартыскаҕа түһэрдэ. «ГЭС кылаабынай энергетигэ аҕалаах кыысчаан, дьэ, үөрэххин кытаат», – диэтэ. Оттон ыалдьыппытыгар сөмүйэтин чочоҥнотто: «Маннык алмааһы саһыара сылдьаргын төрүт биллэрбэт эбиккин ээ, вот хитрец». Онуоха хардата: «Алмаас үрэх баһыттан булуллар уонна кырыыланан-чочуллан бриллиант буоллаҕына эрэ киэҥ сиргэ тахсар», – диэн буолла. Арахсарбытыгар аҕам ийэбин уонна миигин, иккиэммитин олбу-солбу сыллаан ылла, хараҕын уутун сотунна.

      – Бу уол бачча сааһыгар диэри уйанын, – ийэм кэмчиэрийбиттии симиктик күлэ хаалла. Оттон ааны сабан тахсыбыттарын кэннэ атахтара чигдигэ «куучур-хаачыр» тыаһаан ыраата турбутун, массыына аана «лип» гына сабыллаат, айаннаан бирилээбитин иһиллээн саҥата суох турда.

      – Барда. Көр, оҕолооҕун син саныыр эбит ээ. Барахсаммын ньии… Кырдьык барсыбытым буоллар, ама да мин буолларбын ити бэйэлээх киһини кытары сатаан олоруом суоҕа үһү дуо? Үйэм тухары сопхуос хотонугар булкуллуо суох этим, – кэбирээтэ, куолаһа титирэстээтэ, хараҕа ууланна. – Ээ, чэ, аастаҕа эбээт. Уой, хата хотоммор хойутаабыппын дии, сыллыый, бара охсуум.

      Аҕам ити кэлэн барыытын туһунан дэриэбинэ дьоно билэ-истэ охсубут этилэрэ. «Хотууна аҕата били манна «Ильич уотун» аан бастаан киллэрбит киһи эбит ээ, билигин ГЭС энергетигэ, үөрэх-хаар бөҕөлөөх мааны киһи буолбут». Ол быыһыгар сорохтор: «Бу кыыстан атын оҕото суох үһү даа? Мотуруус, дьэ оччоҕуна, сэрэн! Дьэбириэй диэн киитэрэй омук, ити соруйан кэлэн барар. Бачча улааппыт, бэйэтин хаана баһыйбыт бэлэм оҕону, «үөрэттэриэм эҥин» диэн, онон-манан албыннаан, аны былдьаан ылаарай», – диэн түөрүйэлээн,

Скачать книгу