Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 7
Аспытын тардан, бары остуолу төгүрүччү олорон аһаатыбыт. Аҕам оҕонньор: «Ас-саан баран, ыс-сыах бардаа», – диэн «нууччалаабытын», дьоммут үөрэ-көтө: «Да-да», – дэстилэр. Нууччаларбытын Өрүүскэ биһикки онно тутан олорон, дьэ, үчүгэйдик көрдүбүт. Кыыһым бухатыыры көрө-көрө: «Сирэйэ маҥаныын, быллаҕарыын!» – дии-дии күлэн быччыгынаан сүгүн да аһаабата. Ыксаан, тоҥолохтоон буойдум. Эдэрдэр, миигиттэн биэс-алта сыл аҕа быһыылаахтар. Били «саха бааһынайа быһыылаах» диэбит киһим төрүт да атын сирэйдээх-харахтаах буолан таҕыста. Кугас баттахтаах, киэҥ бөлтөркөй харахтаах, тоҥсоҕор муруннаах, кэтит таныылаах. Нууччаттан атыны билбэт буоламмын, хайа омугун сатаан быһаарбатым. Уолум кистии-саба одуулаһарбын сэрэйдэ, тугу эрэ дьээбэлээҕи санаан мүчүҥнээн иһэн, аны кыбыһынна быһыылаах, «кулук-халык» тутунна. Онтон хайдах эрэ биир түгэҥҥэ харахтарбыт харсыһа түстүлэр. Дьэ, доҕоор, хараҥа күөх харахтары уун-утары көрөн таалбыт курдук олордум. Сити кэмтэн ыла олоҕум устатын тухары ол түгэҕэ биллибэт дириҥ харахтар батыһа сырыттахтара дии.
Ол эн айбыт аҕаҥ Найыл этэ. Ити эрээри, эн арыыйда кэлин баар буолбутуҥ. Оччолорго уот лииньийэтэ дэриэбинэни тилэри тардыллан, дизель туруоруллан, хотоҥҥо кытары уоттанан, аны пилорамаланан сайдыы бөҕөтө буолбуппут. Онно барытыгар били Тойботунаан элиэктирик уонна мончуор буолан кэлэ-бара сылдьыбыттара. «Кырдьаҕастаргар этиэххэ, билиниэххэ, холбоһон ыал буолуохха», – диирэ, манна олохсуйан олоруох да курдук туттара. Ону, хайдах эрэ, дьоммор тылым тахсан эппэт этим. Өссө бүтэһик сырыытыгар: «Алмаас көстүбүт сиригэр куорат тутуллар буолбут, онно үлэҕэ кэпсэттим, барыс», – диэбитэ. Мин дьоммун ханна быраҕан барыахпыный уонна ол саҥа сиргэ, араас омук ортотугар тугу үлэлээн-хамсаан, хайдах сатаан сылдьыахпыный, нууччалыы «чуорду»