Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 5

Жанр:
Серия:
Издательство:
Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова

Скачать книгу

испитэ. Онуоха сэрии иннинээҕи Арбаҥда чулуу ыччаттарыгар – убайым Өлөксөйгө, эдьиийим Бөдүөрэҕэ, сэрии-сут саҕана нэһилиэгин абыраабыт сорсуннаах булчут эһэм Адаам оҕонньорго уонна холкуос бастыҥ ыанньыксыта эбэм Дьэбдьиэ эмээхсиҥҥэ ытыктабыллаах сырдык өйдөбүл бигэ тирэҕинэн буолбута.

      Ол быыһыгар-ардыгар били сиэнчэр итиэннэ «булумньу оҕо» буоларым алҕаска санатыллан, куһаҕан буолан ылаттыыбын. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум дьээбэлээтэхтэринэ, ончу кыһаммаппын. Тустан кумахтаһа сырыттахха, уолаттар хоттороору эрэ гынналлар: «Айаккаа, ыыт-ыыт, нуучча буолан, бу кыыс баабыйа сүрдээх ээ, төрүт бухатыыр», – дииллэр. Ол миэхэ, хата, хайҕабыл курдук иһиллэр, быыкайкаан дьарамай бэйэлээхтэри начаас кум-хам тутаттыыбын. Ити гынан, оҕолор мээнэ тыыппаттар, хайа, бары да кэриэтэ пиэрмэ үлэтигэр миккиллэр дьон ыччаттара буоллахпыт! Сайын сайылыкка от-мас үлэтигэр уонна сүөһү көрүүтүгэр булкуллабыт. Аһа дэлэйинэн, таҥаһа маанытынан уһулу чорбойооччу суох. Аны үөрэхпэр үчүгэйим эмиэ туһалыыр, үгүстэр миигиттэн усталлар, өйдөөбөтөхтөрүн быһаартараллар. Пионерскай этэрээт хамандыыра буоларым эмиэ ыйааһынныыр. Уолаттар бэйэлэрин истэригэр: «Дьэ, тылын истибэккэ баҕалааҥ эрэ, Хотууна халыҥ сүүһүн аннынан бөлтөччү көрүтэлээн баран, хаамыталаан кэбиһиэ», – диэн буолар. Оттон улахан дьон ону-маны саҥаралларын олус ыарыылаахтык ылынарым.

      Ракета Семеновна ахсыстары уонна сэттистэри мунньан олорон уруок аахтарар, сыл аҥаардааҕы хонтуруолунайга бэлэмниир. Сорудах биэртэлээн баран кэтэһэн олордоҕуна, ыалдьыбыт учууталы солбуйан, соторутааҕыта хантан эрэ кэлбит алын кылаастары үөрэтэр учууталынса киирэ-тахса элэстэнэр. Тугу эрэ кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Санааларыгар сибигинэһэллэр быһыылаах эбит даҕаны, саҥалара бу турардыы иһиллэр.

      – Хайа, манна эмиэ бааһынайдаах эбиккин дуу, – дьахтар миигин таба көрөр.

      – Баар бөҕө. Эйиэхэ эмиэ баар дии, Павлова Ньургу.

      – Онтукаҥ сырдык ээ, бу кыыс хара дии? Аҕата татаар буоллаҕа дуу?

      – Дьэ, фермаҕа араас омук оҕото элбээн турар, дьахталларбыт, хата, нууччалыы даҕаны билэллэрэ бэрт. Матардыыр Дуора «улахан оҕом бүрээттэн, кырам – хохуолтан» диир үһү ээ. Һэ-һэ… Мииринэй суолун миинэн олорорбут бэлиэтэ, дьэ, ити… Бу да кыыһы ийэтэ туох омуктан буллум диирэ буолла? Ону да быһааран билээхтээбэтэ дуу…

      Оҕо барыта мин диэки көрө түһэр, санаабар бары күлэллэр. Оннооҕор баар эрэ дьүөгэм ааттаах Таайа хаалсыбат! Хараҕым уута ыгыллан тахсар, паартабар бүк түһэбин… Сотору дьахтар тахсан барар. Ракета Семеновна туох да буолбатаҕыныы туттан үлэбитин хомуйар, тугу эрэ быһааран уоһа орбоҥнуур. Мин кулгааҕым бүөлэнэн хаалбыкка дылы, тугу да истибэппин, кими да көрбөппүн. Таайа аргыстаһыан баҕарбытын, садьыйан кэбиһээт, сүүрэ турабын. Дьиэбэр кэлэн сиэркилэҕэ көрүнэбин. Кэтит маҥан сирэйдээх, хойуу сабыстыгас хаастаах, сүһүөхтээх муруннаах, дириҥ таныылаах, дьирбиилээх халтаһалаах, киэҥ бөлтөркөй

Скачать книгу