Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 6
1958 сыллаахха этэ. «Дэриэбинэҕэ уот лииньийэтэ тардыллар үһү. Ону оҥоро куораттан дьоннор кэлэллэр» диэн сурах тарҕанна. Дьэ үөрүү буолла: «Кыраһыын лаампаны уонна чүмэчини уматынарбыт уурайыыһы, Ильич уотунан сырдатыныахпыт, дьиэбитин, хотоммутун эмиэ», – дэстибит. Оннук лаампа Бүлүү куоратыгар уонна Хампаҕа баарын син истэр эбиппит уонна «көрбүтүм» диэччи да элбээтэ. Саас хаардаахха киһини барытын туруоран, лииньийэ баҕанатыгар диэн уп-уһун бэрэбинэлэри кэрдэн киллэрдилэр. Суолу баттаһа куораттан кып-кылабачыгас боробулуоха кииппэлэммитин тиэйэн таһааран бырабылыанньа дьиэтин иннигэр туруоран кэбистилэр. Биир оннугу алын Арыылаахха илтилэр. Ону кэлэ-бара мэлдьи көрөбүн. Оҕонньоттор баҕаналары хатырыктыылларын быыһыгар боробулуоханы ыатаран тахсаллар. «Бу тимиринэн уот хайдах айанныыра буолла» дэһэллэр, дьиктиргииллэр. Ону сэриигэ сылдьыбыт бырантабыыктар, Сэмэннээх Ньыыкан, туох эрэ диэн быһаара сатыыллар даҕаны, төрүт өйдөөбөттөр. Киһи бэйэтэ эт хараҕынан көрбөтөҕүн сатаан итэҕэйбэт эбит.
Саас, сир хараарбытын кэннэ, мин пиэрмэ сайылыгар көстүм, холкуос уон биэс ыанньыгын оҕолору-байдары тутан. Дьонум өтөхтөрүгэр, манна, хааллылар. Ыһыах иннинэ били эппит уот тардааччылара кэлбиттэр. Иккиэлэр, нууччалар, биирдэстэрэ икки саһааннаах улахан баҕайы, иккиһэ кинитээҕэр намчы соҕус диэн буолла. Бастаан холкуос хонтуоратыгар хоммуттар. Били баҕананы көрбүттэр-истибиттэр, сороҕун кылгас, сороҕун аһары синньигэс диэбиттэр. Биһиэттэрэ эбии баҕана кэрдэр түбүгэр түспүттэр. Ити икки ардыгар билсэ-көрсө охсон, «бөҕө Тойбо сахалыы олох билбэт, төрүт «тоҥ», иккиһэ Найыл кэм «ириэнэх», наадатын син быһаарсар эбит» диэн кэпсээн тарҕаммыт. Сотору соҕуһунан бырабылыанньа мунньаҕар: «Дьоммут сатаан астанан аһаабаттар, наар кэнсиэрбэни сылытан сииллэр, ыраах сиртэн кэлбит үлэ дьонун көрбөт-истибэт сэмэлээх буолуо, онон ыалга олохтуохха», – диэбиттэр. Итиэннэ «иллэҥ эмээхсиннээх оҕонньорго Адаамкаларга олордорго» уураахтаан кэбиспиттэр, «дьоҥҥут айахтара» диэн эт-арыы, бурдук нэрээттээн биэрбиттэр. Онон, биир үтүө күн дьонум, икки лиҥкир нуучча дьукаахтанан хаалбыттар.
Баҕана туруоруута эмиэ туспа биһирэмнэнэр кэпсээн буолла. Биэс-алта эдэр уолаттары, ол иһигэр киһи кэмчитинэн, оскуолаҕа үөрэнээччилэртэн улахаттарын талан, ол дьоҥҥо көмөлөһүннэрэ сыһыарбыттар. Бастаан оҕус көлөнөн баҕаналары дэриэбинэ былаһынан хас биирдии ыалга тиэрдэ таспыттар. Онтон балтараа миэтэрэ дириҥнээх баҕана үүтүн хаһан астаспыттар. Дьэ, баҕана туруоруута буолбут. Биһиги оҕолорбут бастаан тугу