Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 8
Үһүйээн курдук истибит аҕабын биирдэ эрэ көрбүтүм. Тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына кэлэн барбыта. Олунньу ый ортото этэ. Ол күн бүтэһик бэһис уруогунан физкультура буолбута. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныы аҕырымнаан, халлаан сылаанньыйа быһыытыйан, хайыһарга бастакы дьарык саҕаламмыта. Физкультура учуутала Иван Васильевич ханна эрэ барардаах буолан, биһигини биир биэрэстэҕэ сүүрдэн баран, эрдэ ыыталаабыта. Ханна да үөрэнэ сырыттахха, баҕар оскуолаҕа буоллун, баҕар университекка буоллун, кыратык да эрдэ бүтэр – улахан үөрүү. Онон биһиги да ол сиэриттэн туораабакка, барбах эрэ ырыанан анньан, кылааһынан аргыстаһан дьиэлээтибит.
– Хайа, Катя, эн дьиэҕэр массыына турар дии, – Дося саҥа аллайа түһэр.
Көрбүтүм, олбуорбут таһыгар ГАЗ массыына кэлэн турбут. Тыый, ким кэллэҕэй? Бу кыһын Туллуктаах ийэлэрэ ыалдьыбытыгар оройуон балыыһатыгар сопхуос дириэктэрин массыынатынан илдьибиттэрин санаан куттанным. Аны ийэм эрэйдээх туох эрэ буолла дуу? Чугаһаан көрбүппүт, төрүт хайабыт да харахтаан көрбөтөх техниката буолла, кабинатын ааныгар эмблемэ-бичик бөҕөлөөх, «ВилюйГЭС-энерго» эҥин диэн. Тыый, кимнээх буоллахтарай? Аргыстарым салгыы ааһа турдулар, мин олбуорбар киирдим. Хайыһарбын күүлэҕэ уура туран иһиттэхпинэ, иһирдьэ дьон саҥата добдугурас. Хаарбын тэбэнэн дьиэҕэ киирэбин.
Тыа ыалын дьиэтигэр оччолорго туһунан куукуна диэн суох. Киирэ түһээти кытары – оһох. Ону биир өттүнэн таҥас ыйыыр уонна суунар сир. Утары түннүк аннынан остуол турар. Бэйэтэ да кыракый остуолбутун толорон ийэбин кытары үс киһи, икки нууччаны кытары биир саха киһитэ, эбиэттии олороллор. Мин киирэн «здравствуйте» диэн дорооболоһобун. Таҥаспын устан, соммун, бэргэһэбин ыйаан, суумкабын ууран балачча хаһыспахтыы туран кэпсэтэллэрин истэбин.
– … тогда, здесь было немноголюдно, жили в юртах, – диэн кэпсиир сааһырбыт көрүҥнээх харатыҥы нуучча киһитэ. – Ол кэмтэн төһөлөөх сайдыы барбытый?
– Ноэль Ааронович, манна уот линиятын аан бастаан эһиги тартаххыт дии, – эдэр нуучча уола тойуу саахары чэйгэ уган оборорун быыһыгар ытыктабыллаахтык ыйытар. – Первопроходцы в освоении Севера.
– Оо, даа, работа была тяжелая. Куда ушли те годы молодые? – кэпсии олорооччу туран миэхэ утары кэллэ, олуттаҕастык сахалыы ыйытта:
– Катаринагын даа?