Уһаабыт сааскы түүн. Раиса Сибирякова
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Уһаабыт сааскы түүн - Раиса Сибирякова страница 10
– Оччоҕо билигин да сулумаххын дуу?
– Мантан тиийбитим үһүс сылыгар биир кыыһы ойох ыла сылдьыбытым. Ол эрээри, өр олорботохпут. Светлана детдомҥа үөскээбит буолан, майгыта-сигилитэ атына, дьиэтээҕи нус бараан олоҕу сатаан тэрийбэт этэ. Арахсыбыппыт. Таҥара оҕону биэрбэтэҕэ. Алта сыллааҕыта оҕолоох огдообону ылбытым. Регина диэн, медсиэстэрэ. Сэрии саҕана оҕо сылдьан эмиэ онно… хоту олорбут, онтон Кангаласка кэлбит. Ыалдьан балыыһаҕа сыттахпына, билсэн холбоспуппут. Уола Альбертас быйыл Армияҕа барда. Ону кыахтаах эрдэххэ, төрүт дойдутун булларан, олохтоон кэбиһээри, аны сайын көһөргө сананныбыт. Сөбүн хоту дойдуну, киэҥ Сибиири кэрийдибит диэн буолла. Онон, Матрена-ам, соҕуруу, ээ, соҕуруу да буолуо дуо, тус арҕаа баран эрэбин. Аны көрсөр биллибэт.
– Барбыт киһи баран эрдэҕиҥ, урут да кэлэ-билсэ турбутуҥ баарай?
– Эттэххин да, кэм чугас этим буоллаҕа, өйдүү-саныы сырыттаҕым.
– Һэ-һэ, албына диэн, төрүт быркыта суох сүтэн хаалан баран, хата, кини саныы сылдьыбыт аатырда дии… – ийэм күлэр. Онтон ыйытар: – Дьэ, онон букатын баран эрдэҕиҥ.
– Оннук. Ол иһин, бу сирэй көрсөн быраһаайдаһыам диэн, Дьокуускайдыыр сылтаҕы булан, анаан-минээн кэллим. Төннөрбөр самолеттаныам, ыраах айаны тулуйбаппын. Ахтарым буолуо, бу тымныы Саха сирин, хараҕым уута тохтубут, чугас дьонум көмүллүбүт, эдэр сааһым ааспыт дойдутун. Аҕам Аарон – хайа эрэ лааҕырга, балтым Эстер-Либа, кыракый Либузя – Булуҥ Тиит Арыытыгар, ийэм Катарина – Покровскайга сытан хааллахтара… Ол эрээри, бэйэм оннубар биир тыыннаах дууһаны хааллардаҕым дии, Катарину нашу, – «нашу» диэн чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ. – Өйдөөн кэбис, кыысчааныам, биһиги тоҕо уонна хайдах манна кэлбиппит туспа кэпсээн. Ону билэ да сатыыр наадата суох, улааттаххына, хойутун-хойут баҕар билиэҥ, баҕар суох. Ол эрээри, биири өйдөөн кэбис, эн аҕаҥ, ол аата мин, хаамаайы буолбатахпын, дьон курдук дьонноох этим, киһи тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бу Бүлүү түбэтигэр уонна Мииринэйгэ электроэнергия сайдыытыгар күүспүн харыстаабатым. Эн онон киэн туттуохтааххын, дьоһуннук сананыахтааххын. Эрэнэбин, үөрэниэҥ, үлэһит буолуоҥ, дьон кэккэтигэр тахсыаҥ. Олоҕуҥ суолугар үгүс киһини көрсүөҥ, араас омугу кытары алтыһыаҥ, оччоҕуна, «эһэм – 1941 сыл сааһыгар диэри Шауляй куоракка олорбут доктор Аарон Файнберг, аҕам Мииринэйи, ГЭҺ-и тутуспут энергетик Ноэль Файнберг» диэн кыбыстыбакка, киэн тутта этэр буолаар. Киһи кимин, дьиҥэ, омуга быһаарбат, киһи быһыытынан хайдаҕа, дьэ, ол быһаарар. Биир ырыаны ыллыым эрэ, оҕо эрдэхпинэ, дьонум бырааһынньыкка бары түмүстэхтэринэ, ол ырыанан үҥкүүлүүр буолаллара. Дьээдьэ Гершель куоҕаҥныы-куоҕаҥныы скрипкаҕа тардан сыыйара, ийэм пианиноҕа охсуолуура… дьэ уонна бары сарын-сарыннарыттан ылсан үҥкүүлээн