Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 6
Күһүн эмиэ биир да хааппыла ардах түһэн көрбөтө. Бурдук үүммэтэ. Холкуос урукку дьылларга ылар бурдугун аҥаарын курдугу эрэ ылла. Ыарахан соҕус кыстык буолара чахчы билиннэ. Аны оройуонтан боломуочунай тахса сылдьан, холкуос биир да сүөһүнү, сылгыны энчирэппэтин, ыаллар хайдах да ыарахан кыстык буолтун иһин сүөһүлэрин эһэр гына тутталларын боборго, ону кэстэхтэринэ улахан буруйга тардыллалларын туһунан муос-таас курдук этэн, сэрэтэн барбыта. Онон дьоннор сүөһүлэрин хайдах хайаан да сыл таһаарыахтарын, бурдук суоҕунан лэппиэскэтэ суох хайдах тыыннаах сылдьыахтарын сатаан санаабаттар. Күннээҕи кэпсээн, кыһалҕа ол эрэ буолла. Оттон оройуонтан тахсыбыт, онно киирэ сылдьыбыт дьонтон арҕаа биһиги сэриилэрбит балаһыанньалара ыараханын, күн-түүн чугуйан, куораттары хаалларан иһэллэрин, өлүү-сүтүү улаханын, ороскуот, алдьаныы тустарынан куһаҕан, ыарахан сонуннар иһиллэ тураллар. Сэриигэ барбыт дьонноох ыалларга бу олус ыарыылаахтык иһиллэр. Хаһан эмэ да буоллар, кэлэр почтаттан санааларыгар сурук оҕото кэтэһээхтииллэр. Дьэбдьиэй кэргэнэ тоҕо суруйбатый? Ханна тиийдэ? Ол эрээри сурук хантан эрэ ыраах сиртэн айаннаан кэлэрин санаатаҕына, эмиэ бэйэтин уоскутунар. Сороҕор куһаҕаны санаталаан кэллэҕинэ, хайдах да гыныан булбат… Эс, оннук эрэ буолбатар, итинник куһаҕан санаалары кыйдыы сатыыр…
Балаҕан ыйын ортотун, Сэмэнэп таҥара күнүн саҕана этэ. Аанчык оскуолатыттан кэлэн аһаан баран, түннүк аттынааҕы остуолга уруогун ааҕа олорон:
– Ийээ, Бүөччээн оҕонньор манна иһэр, – диэтэ.
Дьэбдьиэй уҥа диэки ону-маны гына сылдьан, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, түннүккэ ыстанан кэлбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Кырдьык даҕаны, Бүөччээн оҕонньор иһэр эбит. Кини ыалга улахан наадата суох мээнэ сылдьыбат. «Сурук илдьэ иһэрэ буолуо дуо?!» Дьэбдьиэй сүрэҕэ тэбэ түстэ. Оҕолор ийэлэрин сирэйин-хараҕын кэтэстилэр. Бука, долгуйбута кинилэргэ бэрилиннэҕэ. Бары чуумпуран хааллылар, кэтэстэххэ, эчи, уһунун… Сүөһү тириитэ бүрүөһүннээх аан сэниэлээхтик аһылларын кытта Бүөччээн оҕонньор киирэн кэллэ.
– Дорооболоруҥ, ыаллар! Аҕаҕытыттан сурук аҕаллым, – диэн оҕонньор күө-дьаа саҥатыттан уонна сирэйэ-хараҕа сымнаҕаһыттан Дьэбдьиэй уоскуйарга дылы гынна.
Үс муннуктаах суругу оҕонньор илиититтэн сулбу тардан ылла. Кэтэспит, күүппүт аҕаларын суруга, дьэ, бу кэллэ! Суругу арыйа тарпыта, кини билэр көнө, бытархай буукубалара оҕуруо курдук тиһиллэ түстүлэр.
Таптыыр кэргэним Дуунньа, оҕолорум Аанчык, Егорка уонна Паана, миигиттэн дорообото тутуҥ!
Мин сылдьыым үчүгэй. Кылгас байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, сэриигэ киирээри олоробут. Санаам бөҕөх. Өлөр санаам олох суох. Чэ, ситигирдик. Эһиги үчүгэйдик олоруҥ. От-бурдук хайдаҕый? Туох көмө баарый? Дуунньа, оҕолоргун үчүгэйдик көрө-истэ сырыт. Оҕолорум, чэ үчүгэйдик сылдьыҥ. Аанчык, үчүгэйдик үөрэн, ийэҕэр көмө киһи буол, бырааттаргар көмөлөс. Бириэмэ суох, онон ыксаан олорон суруйдум.