Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков

Скачать книгу

курдук буоллун!

      Баһылай Кынаачайап боломуочунайга бэйэтин санаатын быһа бааччы эппэтэр даҕаны, таайтара соҕус чугаһатан кэпсэтэн боломуочунай санаатын биллэ. Ханан даҕаны дьиэк биэрбэттик эттэ, үөһэттэн итинник ыйыылаах-кэрдиилээх сырыттаҕа. Дьэ буолар да эбит!

***

      Баһылай Кынаачайап улахан санааҕа-онооҕо баттата сылдьар. Ыарахан кыстык саҕаланна. Дьон аччыктааһына хайдах да тахсыах курдук буолла. Биир киһи баһыгар ыйга билиҥҥитэ үстүү, оҕоҕо балтараалыы киилэ туораах бурдук бэриллэрэ төһө бэйэлээх эбиискэ буолуой? Харыстаан-харыстаан тарда сатаан, уу судураай хааһы оҥостон сиэбитэ буолаллар. Ол быстан хаалан эрэй. Арыый эрдэ дьаһаммыттар күһүн үөрэ отун, кииһилэни хомуйан, ону хатаран хааһыга кутан эбиискэ курдук гыналлар. Ол да ыал аайы баар буолбатах ээ.

      Холкуос хонтуоратыгар ырбыт-дьүдьэйбит, тайахха тэптэрэн, өйөнөн кэлбит киһи күн аайы баар буолар. «Кыратык бурдукта, аста, хайдах да сүөһү этэ, иһэ-үөһэ буоллун, бэрис, күн-ый буол», – диэн көрдөһөллөр-ааттаһаллар. Көрүөххэ-истиэххэ олус ыарахан! Биир дойдулаахтарыҥ, бэркэ билэр, соторутааҥҥа диэри үлэни-хамнаһы өрө туппут дьонуҥ бу айылаах ытыстарын тоһуйан, эн сирэйгин-хараххын кэтэһэ тураллара ыарахан, олус ыарахан буолбаат!

      Күһүн хаар түһэн, бастакы тоҥоруу саҕана государствоҕа былааны толорууга диэн сүөһү өлөрүүтэ буолбута. Дэриэбинэ анныгар чугас турар маҥхааһай киэҥ олбуорун иһигэр буойуна тэриллибитэ. Холкуос үлэни кыайар өттө, кырдьаҕастар, оҕо-дьахтар бары үлэлээбиттэрэ. Оройуон кииниттэн сүөһү өлөрүүтүн тэрийсэ, хонтуруоллуу диэн биир сааһыра барбыт тойон киһи уонна кинини кытта эмиэ биир милииссийэ үлэһитэ кэлбиттэр этэ. Сүөһүнү өлөрөр туһунан сурах дэриэбинэ иһин тилийэ көппүтэ. Оо, онно этэ дии, аччыктаабыт, нэһиилэ уйуттан хаамар дьон үгүстэрэ туох эмэ биирдэ айахха угар ас биэрээйэллэр диэн эрэл соҕус санаалаах мустубуттара. Арыый аҕай сэниэлээх өттүлэрэ күнү быһа кэриэтэ сыддьыбыттара. Араастаан ааттаһан элэ-была тыллары этэн, сордонон да көрөөхтөөбүттэрэ. Ол туһаны аҕалбатаҕа. Оройуонтан сылдьар тойон: «Манна эһиги чугаһыы да сатаамаҥ бу барыта фронт туһугар, Кыайыы туһугар барар ас. Сокуон оннук, эрдэ сылла бары тарҕаһыҥ!» – диэн хаһыытаан ыгыстара. Дьон эрэйдээх туохха да тиксиэ суохтарын билбиттэрэ. Абаларыгар, кыһыыларыгар хаарга тохтубут хаан бөлөҕүн, киһи сиэбэт ол-бу куһаҔан этин хомуйсубуттара.

      Нэһилиэк биир кырдьаҕаһа, 80 сааһыгар чугаһаабыт Балбаара эмээхсин барахсан дьоҥҥо өйөтөн-убатан киирээхтээбит этэ. Бука, кырдьаҕас киһиэхэ тугу эмэ дук гынаайаллар диэн кэлээхтээтэҕэ. Холкуос бастакы тэриллиитигэр оҕонньорунуун, оҕолорунуун сүөһүлэринэн кыттыһан бастакынан киирбит ыаллартан биирдэстэрэ, дьону холкуоска киирэргэ көҕүлээбит уонна атаҕар турарыгар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит, сыраларын биэрбит дьон этилэрэ. Эмээхсин төһө да бүдүгүрэ кырыйдар, өйө-мэйиитэ, санаата хоп курдук этэ. Тойотторго тиийэн: «Оҕолоруом, кырдьаҕас киһиэхэ күн-ый буолуҥ, хоргуйан өлөрбүт кэллэ, сиэннэрим аччыктаан сэниэлэрэ суох

Скачать книгу