Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков

Скачать книгу

аанньа оттуллубат дьиэтэ тымныйан, Саҥа дьыл эрэ иннинэ Миичэкэ оҕонньордооххо көһөн кэлбитэ. Көһөн да диэн, утуйар таҥастарын сыыһын суулуу тутан, аҕыйах иһиттэрин-хомуостарын мөһөөччүккэ уган салаасканан барбыттара. Миичэкэлээх Дьэбдьиэй дьиэтиттэн соччо ырааҕа суох, куулаҕа сыыр анныгар эмээхсининиин Балааҕыйалыын иккиэйэҕин олороллоро. Икки турбут, ол эрээри ыал буола илик уолаттара күһүн холкуоска үлэлии сылдьан, сэриигэ ыҥырыллан барбыттара. Дьэбдьиэйдээх балаҕаҥҥа үһүс дьукааҕынан кэллилэр. Төһө да кыараҕас буоллар, син батан олороллор. Балаҕан эркиннэригэр сыҥаһа мас ороҥҥо хаптаһын ыскамыайкалары кэтирэтэн хайаан, бииргэ, атахтаһа утуйан тураллар. Үс атахтаах төгүрүк былыргы остуолга урут-хойут аһыыллар. Дьиэлээх кырдьаҕастар – 70-рын лаппа тахсан эрэр дьон. Миичэкэ дьоһун, аҕыйах саҥалаах намыын оҕонньор.

      Дьэбдьиэй куттана-куттана оҕонньортон дьукаах ылыаҥ этэ дуо диэн ыйыппытыгар, икки дьукаахтаахпыт, онон үс ыалбыт, оттон кыараҕаһын кэрэйбэт буоллаххына кэл, хайдах эмэ гынан суулаһан олорон көрүөхпүт буоллаҕа диэбитигэр, олус да үөрбүтэ. Миичэкэ, үлэни кыайар-хотор эрдэҕинэ, холкуос биир тутаах үлэһитэ этэ, от-мас үлэтигэр сылдьара. Аҕыйах сылтан бэттэх улахан, ыарахан үлэни кыайбат буолан олорор. Хата, маска сыстаҕас, уус буолан дьиэтигэр олорон эрэ холкуоска сыарҕа, көлө тээбириннэрин, фермаҕа, окко туттуллар сэптэри оҥорор, онно үлэ күнүн, кыра да буоллар, аахсар. Эдэр сааһыттан булчут буолан, билигин да дьиэ таһыгар бултаабыта буолар. Сохсолоох, ону иитэр, туһахтыыр, саас куйуурдуур.

      Дьэбдьиэй фермаҕа бииргэ ыанньыксыттыыр дьүөгэтэ Сөдүөрэ алта саастаах кыыһыныын, Нээттэй диэн 40-ча саастаах, фермаҕа көлөнөн от тиэйээччи кэргэниниин Өкүлүүннүүн уонна оскуолаҕа үөрэммэт уоллаах кыыс оҕолорунуун өссө күһүн эрдэ Миичэкэлээххэ дьукаах кэлбиттэрэ. Сөдүөрэ кэргэнэ Баһылай Дьөгүөрдүүн бастакы ыҥырыыга сэриигэ барбыта. Баһылайтан эмиэ биирдэ эрэ өрдөөҥҥүтэ сурук кэлэн турар, ол кэннэ туох да сурах-садьык суох. Оттон Нээттэй доруобуйата мөлтөҕүнэн сыыйыллан хаалбыта. Онон бу кыракый балаҕан сэриилэһэ сылдьар фронтовиктар дьиэ кэргэттэрэ олорор балаҕаннара буолбута. Олохтоохтор оннук да ааттыыллара.

      Саҥа дьыл кэнниттэн холкуостаахтар сыллааҕы дохуоттарын үллэстибиттэрэ. Балаҕан дьукаахтыылара сэриигэ барбыт дьоннорун үлэ күннэрин аахсан ханнык эмэ эти, арыыны, бурдугу ылан үөрбүттэрэ. Сорох ыаллар сыл устатыгар эрдэ нэрээт быһыытынан бурдук, арыы, эт ылан, дуона суоҕу аахсыбыттара. Онон, кыра да буоллар, дохуот үллэстэн, дьон аччыктааһыны халбарытына түһэр курдук буолбуттара. Дьэбдьиэй кэргэнин үлэтин күнүн аахсан, дохуоттаммыт курдук санаммыта. Астарын ампаардарыгар сыа-сым курдук кичэйэн ууран, харыстаан сииргэ, күнү тарда сатыырга былааннаналлара. Хайа, уонна күһүн муҥхаҕа тиксибит, дууһаны көтүппэккэ үллэриллибит балык элбэҕи тэптэҕэ. Дьон үтүө санаалаах бэрэссэдээтэллэригэр Баһылай Кынаачайапка махтана саныыллар. Бэрэссэдээтэллэрэ балыгы фронт туһатыгар

Скачать книгу