Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 14
– Ааммытыгар ким эрэ кэлэн кыайан аспакка хаайтаран турар быһыылаах ээ, баран көр эрэ, – диэбитэ.
Оҕонньор хап-сабар аанын аһа баттаабыта, ыта Лааска биир муус маҥан бөдөҥ куобаҕы туора уобан турар эбит.
– Хайа, доҕоор, бу ытым куобах тутан аҕалбыт буолбаат! Көр эрэ, бу үчүгэйи! – диэн саҥа аллайаат, куобаҕын үрдүгэр түспүтэ.
Дьиэлээхтэр бары соһуйан да, үөрэн да куобахтарын уларсыһа сылдьан көрүү-истии, ыттарын хайҕааһын буолбуттара.
– Ыт диэн былыр-былыргыттан киһи доҕоро эбээт. Араас ыарахан түгэннэргэ ыт хаһаайынын абыраабыта, өлөр өлүүттэн быыһаабыта элбэх, ол туһунан кэпсээтэххэ кэпсээн бүппэт, – дии-дии Миичэкэ, ытын хайҕаабыта.
Ити курдук ас кэмчитигэр кыра да көстүбүт ас эбиискэ буолар, аччыктаабыт киһи тыынын уһатар, хараҔын сырдатар…
Саас биирдэ күнүскү чэй иннинэ, дьукаахтар үлэлэригэр сырыттахтарына, ыт бэргэһэлээх, ыт саҕынньахтаах Сааба оҕонньор Миичэкэлээх балаҕаннарыгар баар буола түстэ. Сааба түргэн туттунуулаах уонна онно эмиэ дьүөрэ түргэн саҥалаах-иҥэлээх, Миичэкэ бараата саастаах ыаллыы нэһилиэк киһитэ.
– Хайа, ыаллар, үөлээннээҕим, сонунуҥ? Туох кэпсээннээх кырдьаҕастаргытый, хайдах олороҕут? – күө-дьаа, доргуччу саҥалаах оҕонньор ыйытан субурутар.
– Тыый, бу Сааба оҕонньор эбиккин дуу?! Чэ, оттон сыгынньахтан хайаа… Эмээхсиэн, чэйгин сылыта уур, – диэт, Миичэкэ ыалдьытыгар олох мас биэрдэ.
Оҕолор ыалдьыт оҕонньор кэлбитин уонна улахан саҥалааҕын да иһин буолуо, сонургуу көрдүлэр.
– Хайа бу дьукаахтааххыт дуу, ким оҕолорой? – Сааба одуулаһан, чуумпуран олорор оҕолору көрөн ыйытар.
– Ээ, ити дьукаахтарым оҕолоро. Икки дьахтар оҕолорунуун бааллар, кэргэттэрэ сэриигэ сылдьаллар. Уонна ити аймаҕым Нээттэй уоллаах бааллар. Онон бу кыра балаҕан түөрт ыалы суулаан олорор.
– Сөп-сөп.