Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков

Скачать книгу

кэллэ. Өссө үөрүүлээҕэ – 4-с кылааска бастакы чиэппэргэ үөрэҕэр ударник буолбут, ол аата «4», «5» сыаналарга үөрэммит. Ийэтигэр көрдөрөөрү үөрэҕин таабылын илдьэ кэлбит. Бырааттара эдьиийдэрин ахтыбыттара биллэр. Батыһа сылдьан кинигэ ойуутун кэпсэттэрэ сатыыллар. Аанчык да бырааттарын ахтыбыта сүрдээх. Хам-хаадьаа да буоллар, интернакка суулаах кэмпиэт биэрэллэриттэн ордорунан аҕалбыта, аҕыйах быһыы сымнаҕас килиэбэ оҕолорго туохтан да күндү кэһии буолла. Оҕолор, биллэн турар, тута сиэхтэрин баҕардылар, онуоха ийэлэрэ:

      – Кэбис, тохтуу түһүҥ, эдьиийгит кэһиитин остуолга олорон сиэриҥ, сөп дуо? Сотору аһыахпыт, тулуйа түһүҥ, – диэн ылан ыскаапка ууран кэбистэ.

      Оҕолор хаһан аһыылларын кэтэһии бөҕөтө. Ийэлэрэ собо мииннээбитэ, ол сыта дьиэни ылан кэбиспитэ бу үчүгэйин, киһи иҥсэтин, аһыах баҕатын көбүтэрэ эриэхситин. Аанчык ийэтигэр оскуола, интернат сонуннарын, табаарыстарын, учууталларын тустарынан элбэҕи кэпсээтэ. Муҥхаҕа үрдүкү кылаас оҕолоро сылдьыбыттарын, оттон кинилэри таҥастара чараас диэн илдьибэтэхтэрин, оҕолор, иитээччилэр элбэх балыгы аҕалбыттарын, хаста да тото балык сиэбиттэрин, онтон да атын сонуннары улахан киһилии сүрдээх үчүгэйдик кэпсээтэ. Оттон кыралар эдьиийдэригэр «биһиги эмиэ элбэх да элбэх балыгы аҕалбыппыт» диэн киһиргээтилэр.

      Түөрт муннуктаах уһун аһыыр остуол бас туорайыгар ким да олорбот. Ити – аҕаларын миэстэтэ. Онно ким да олоро да, санана да сатаабат. Оттон бүгүн Аанчык бэйэтэ да өйдөөбөккө ол миэстэҕэ олоро түспүтүн, Егорка бэрт улахан киһилии:

      – Эдьиэй, эн итиннэ олорума. Ити – аҕабыт миэстэтэ, ким да ылбат. Сотору кэлэн бэйэтэ олоруо дии, – диэтэ уонна тур диирдии илиитинэн хаһыйда.

      Итини истэн Дьэбдьиэй куолайыгар хомуок турбутун курдук буолла, кэҥэриитэ кычыгыланан хараҕын уута тахсыбытын оҕолоругар көрдөрүмээри төттөрү хайыһан, ытыһын көхсүнэн сотунан кэбистэ. «Дьэ ити, оҕолорум барахсаттар, эмиэ бэйэм курдук, аҕаларын сүрэхтэригэр-быардарыгар илдьэ сылдьаахтыыллар ээ, санаабатах-ахтыбатах күммүт суох. Аҕабыт барахсан, ханна, хайдах сылдьаахтыыгын?» дии санаан үөһэ тыынна.

      Онтон бэйэтин кыана туттан, остуолга аһыырдыы олорбут оҕолоругар эргиллэн:

      – Оҕолоруом, биһиэхэ бүгүн бырааһынньык: Өктөөп бырааһынньыга, эдьиийгит кэллэ. Онон оҕолорбун тото-хана аһатабын, собо, хааһы буһардым уонна оттон эдьиийгит кэһиитэ, – диэтэ.

      Аанчык ийэтин:

      – Ийээ, оскуолаҕа бырааһынньык буолар, баран көр, иһит. Оскуолабыт иһэ олус үчүгэй, киэргэттибит аҕай, интернакка лаампа тааһын бөҕөнү ыраастаатыбыт, оскуола сырдык да сырдык буолуоҕа. Мин оҕолорбунуун хаалыаҕым, – диэн хаайда.

      Дьэбдьиэй эмиэ да оскуолаҕа барыан, эмиэ да оҕолорун кытта хаалыан баҕарар. Ол эрээри, оҕолорун тылларын истэн, оскуолаҕа барда.

      Оскуола, кырдьык, сүрдээх үчүгэйдик бырааһынньыктыы киэргэтиллибит. Дьон мустан эрэр. Сценаҕа кыһыл сукуна сабыылаах уһун остуол тардыллыбыт, онно хас да лаампа умайар, сып-сырдык буолбут.

Скачать книгу