Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 11
– Алло, истэбин…
– Иннокентий Васильевич, партконтроль сэбиэдиссэйэ Петр Афанасьевич саҥарабын. Бэҕэһээ Табалаахха эбэлэрин муҥхалааннар, киһи баһыгар иккилии, оҕоҕо биирдии биэдэрэ собону үллэстибиттэр, онон ыаллар куулунан балыгы ылбыттар. Кэлбит балыгы барытын үллэстибиттэр. Аҕыйах куул балыгы бэрэссэдээтэл Кынаачайап бэйэтигэр хаалларбыт. Бу туох самовольнай быһыытай, кинилэргэ балыкка, заготовкаҕа былаан суох этэ дуо?
– Петр Афанасьевич, маны төлөпүөнүнэн кыайан быһаарбаппыт буолуо, тыа хаһаайыстыбатын, заготовка сэбиэдиссэйдэрин илдьэ билигин миэхэ киирэ сылдьыҥ эрэ.
Өр-өтөр буолбата, ыҥырыллыбыт дьон райком бастакы сэкирэтээрин хоһугар баар буоллулар. Кэпсэтии түмүгүнэн, оройуоҥҥа балыгы бултааһыҥҥа сыыппара түспүт эбит, ол гынан баран «Түмсүү» холкуоска былаан суох. Ити ким эрэ көтүмэх быһыытыттан тахсыбыта чуолкайданна. Былаанныыр отдел үлэһиттэригэр итинник улахан сыыһа иһин буруй сүктэриллэр буолла. Ол да буоллар, күн сарсын «Түмсүү» холкуос бэрэссэдээтэлин суһаллык ыҥыран кэпсэтэргэ диэн быһаардылар.
Сарсыныгар Баһылай Кынаачайап райком бастакы сэкирэтээрин хоһугар, райком активын иннигэр быһаарыы биэрэн, сэмэлэнэн, сирэй-харах анньыллан тириттэ-хорутта. Дьон бэйэлэрин чааһынай муҥхаларынан, бэйэлэрэ илиилэринэн үлэлээн ылбыт балыктарын үллэстибиттэрин, аһыырга ас татымын, онон дьон аччыктааһына тахсыбатын туһугар кыһанарын этэн көрбүтүн саба саҥардылар, бу үлүгэрдээх сэрии бара турар кэмигэр фроҥҥа көмө бастакы уочаракка туруохтааҕын эҥин туһунан элбэҕи эттилэр. Итиэннэ партийнай киниискэтигэр киллэрэн туран, тиһэх кытаанах быыгабары биэрдилэр.
Күһүн хаар түһүөн аҕай эрэ иннинэ Дьэбдьиэйдээххэ Дьөгүөр убайа Уйбаан кэлэ сырытта. Өрүүтүн да икки ыанар ынахтан ордугу ииттиммэт дьон быйыл күһүн улахан ороскуокка тэбиллибиттэрин кэпсээтэ. Саамай үүттээх, аһы-үөлү биэрэр ынахтара маска атыллан сыккырыыр тыына быстаары сытарын буланнар, тыынын салҕаабыттар. Сылаас, эт буорту буолар кэмэ буолан, хаһаанан уурунарга хайдах да табыллыбатынан чугас ыалларынан үллэрэн кэбиспит. Онон үс кыра оҕолоох ыал айахтара аччаабытын, быстарбытын эттэ.
– Быйыл күһүн дулҕа, талах быыстарын сирийэн оттоон, сүөһүлэрбин айахтарын тарда соҕус аһатан, хайдах эмэ гынан сыралаһан кыс таһаардарбын диэн баҕалаах этим, – диэтэ.
Оттон Дьэбдьиэй икки ынахтааҕыттан биир ынаҕын сыл таһаарар ото суоҕун, онон хайдах быһаарыныаҕын