Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков

Скачать книгу

да иһин хойутаатыбыт, – диэн кырдьык-хордьук кэпсээтэ.

      Сэбиэдиссэй тугу да саҥарбата, үстүү-түөртүү киилэ итэҕэс үүт бүгүҥҥү субуоккаҕа суруллан хаалла.

      Дьэбдьиэй арыый да «һуу» гына түстэ да, санаата түһэн хаалла. Хата, улахан айдаан тахсыаҕын, бу Сөдүөрэ абыраабытыгар, тыл-өс буолан сэбиэдиссэйи итэҕэтэ сатаабытыгар иһигэр махтана санаата. Ити ээ, дьэ… Аны итинник тахсыбатар…

      Киэһэ дьиэтигэр уку-сакы туттан, санааҕа ылларан кэллэ. Оҕолоро барахсаттар ийэлэрэ кэлбитигэр үөрэн чаҕаара түстүлэр. Дьиэ балачча сөрүүкээбит. Оҕолор ийэлэрин кэтэһэн хараҥаҕа ороҥҥо нэк суорҕаны саба тардынан сыппыттар. Дьэбдьиэй ыһыырынньыгын уматан дьиэ иһэ сырдыы түстэ, таһырдьаттан тоҥ хардаҔастары көтөҕөн киллэрэн оһоҕун оттон барда.

***

      Бытарытан түһэн, тымныы бэргээн, сэтэрээн иһэр курдук. Онно эбии ас-таҥас суоҕа, кырыымчыга, куруук аччык аҥаардаах сылдьыы дьону-сэргэни олус амньыратар. Нэһилиэккэ хаста да төхтүрүйэн дьон эдэрдэрэ, чулуулара, үлэни кыайар-хотор өттө сэриигэ ыҥырыллан бардылар. Өссө да ыҥырыахтара турдаҔа, бука…

      Холкуос үлэтигэр-хамнаһыгар кыайыгас-хотугас үлэһит илии тиийбэтэ хайыы-үйэ биллэр буолан барда. Өссө сайын от үлэтин саҕана дьон суоҕа улаханнык охсубута.

      Хаар олох чараас. Күн аайы түһэр тыал-куус сорох үрдүк сирдэр хаардарын саралыы үрэн кэбистэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор «үйэбитигэр маннык хаара суох тымныы кыһыны билбэтэхпит, сир хайыта баран тоҥуох курдук үлүгэрэ кэллэ» диэн дьиксинэн кэпсэтэллэр. Өссө иэдээнэ, маннык күнү-дьылы мэҥэстэ ас-үөл суоҕа дьону аччыктатан, хоргутан эрэрэ баар ээ. Хайаабыт да иһин, ыарахан кыстыгы туоруур улуу мөккүөр дьон олоҕор турда. Бурдук сир-сир аайы араастаан үүннэ. Ол да буоллар, кураанах аҥаардаах бурдук соломотун быһарга үлэһит илии тиийбэккэ, оҕо-дьахтар, кырдьаҕас үлэлээбитэ. Бу үлэни үлэлэтэргэ, хонтуруоллуурга оройуон кииниттэн Бөтүрүөп диэн боломуочунай кэлэн, биир туораах бурдук энчирээбэтин туһугар бааһынаҕа сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри кэтэһэн-манаһан олороро. Биир туораах бурдук сиргэ тохтон түспэтин, биир ытыс бурдук сиэпкэ, мөһөөччүккэ киирбэтин кыраҔатык кэтиирэ. Өскөтүн оннук түбэлтэ боломуочунай хараҕар түбэстэҕинэ, дьиэҕэ таарыйбакка да түрмэ диэки утаарыллалларын билэр буолан, дьон олус куттаналлар. Төһө да бурдук, килиэп өлөртөн быыһыыр ас буолалларын биллэллэр, аччыктаабыт көнө курдук. Бааһынаҕа бурдугу түүтэхтэринэн баайтаран барытын холкуос маҥхааһайын таһыгар тастаран, онно бурдугу ыраастатан, суот-учуот кинигэтигэр бэлиэтээн баран, маҥхааһайга уктаран, хататан иһэллэрэ. Ол курдук, уонча хонугунан бурдук хомуурун бүтэттэрэн, боломуочунай оройуоҥҥа барар сарсыардатыгар холкуос хонтуоратыгар кэпсэтии буолла.

      – Хомуур үлэтэ бүттэ. Үлэ кэмигэр үлэҕэ тахсыбат буолуу, бурдугу тоҕуу, кистээһин курдук улахан кэһиилэр тахсыбатылар. Ол эрээри киэһэ, түүн кистээн бааһынаттан тохтубут бурдугу хомуйуу, ону кутуйах хасааһын булбукка сигэнии эҥин суох буолуохтаах. Ыскылаакка бурдук итиэ суохтаах, наада тирээтэҕинэ бу аакка суруллубут сыыппара

Скачать книгу