Ийээ, бырастыы гын... Степан Марков

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Ийээ, бырастыы гын.. - Степан Марков

Скачать книгу

ити сураҕы эмиэ үөрүүнэн иһиттилэр. Оҕолор ону истэн, муҥхаҕа киирсиэх буоллулар. Кинилэргэ эмиэ өлүү балык тиксиэ дии. Үлэлээбэт, кыаммат дьон аччыктыыллара элбээн иһэр курдук. Ыал ыалынан аччыктаан, турар кыахтара суох буолан сытынан кэбиспит түгэннэрэ баар буоллулар. Ол эрээри, билиҥҥитэ хоргуйан өлбүт суох. Муҥхаҕа балык кэллэр, онуоха-маныаха диэри өрүһүнүү буолуо эбит.

      Дьэбдьиэйдээх аҕаларыттан бастакы суруктан ураты кэлэ илик. Хайдах ханна сылдьар, туох буолла диэн санаа олох арахпат. Аҕалара барбыт ыалларга сурук эмиэ аанньа кэлбэт, биир эмэ сурук кэллэҕинэ дэриэбинэҕэ тута иһиллэр, кэпсээҥҥэ сылдьар.

      Холкуос үүтү астыыр сириттэн кыра оҕолоох ыалларга киилэ аҥаардыыта, сороҕор киилэлии үүт күүгэнэ диэни сөп буола-буола биэрэн абырыыллар. Дьэбдьиэй онтон оҕолоругар ылан иһэрдэр, ас аата ас, истэрин көппөтүнэллэр.

      Дьэбдьиэй күһүн хомуйбут бэс субатын үөрэлээн сиэн көрдө, туох үчүгэйэ кэлиэй да, аччыктаабыт киһи сиэн сөп курдук эбит дии санаата. Аны биир кыһалҕа ыган кэлэн иһэр, ол оттор мас бүтэрэ чугаһаата. Онто да суох маһын харыстыы сатыыр. Аҕалара бэлэмнээбитэ бүтэн эрэр. Дьиэлэрэ өрүү сөп-сөрүүн, истээх таҥастарын кэтэ сылдьаллар. Дьэбдьиэй сарсыарда халлаан сулустара сүтэ иликтэриттэн киэһэ хараҥа буолан сулустар тахсыахтарыгар диэри үлэтигэр сылдьар, дьиэҕэ оҕолорум тоҥуохтара, тымныйан ыалдьыахтара диэн куттанар. Салайааччыларыгар этэн көрбүтүн, көмөлөһөр кыахтара суоҕун, атын мастаах ыалга дьукаахтаһарыҥ буоллар диэн этэллэр. Оннук эрэ буолсу быһыылаах. Маһа төһө тиийэринэн олорон көрүө буолуо. Онтон…

      Бүгүн эбэҕэ муҥха буолар. Дьыбардаах, ыраас халлаан. Күн үөһэ ойдо. Ыаллар дьиэлэрин оһохторуттан халлааҥҥа харбаһар унаар буруолара, дьон кэпсэтэр саҥата, сыарҕалар хаарга сыыйыллаллара, онон-манан ыттар үрэн маргыйаллара дэриэбинэҕэ олох күөстүү оргуйа турарын санатара киһи санаатын өрө көтөҔөр. Дьэбдьиэй үлэтин бүтэрэн киирэригэр уолаттара, хайыы-үйэ туран, ийэлэрин кэтэһэ сылдьаллар эбит. «Көр эрэ, эр дьон дуома буоланнар, булка сүрэхтэрэ тэбэн эрдэлээбиттэрин, хойут ыал буолан, кэргэттэрин, оҕолорун иитэр-аһатар аҕа, бас-көс дьон буолуохтара» дии санаан оҕолорун төбөлөрүттэн сыллаталаан ылла.

      Сарсыарда эрдэттэн ким сатыы, ким сыарҕа аттаах эбэлэригэр киирдилэр. Атаҕар уйуттар кыахтаах барыта тиийдэ. Дьон санаата көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин өттүлэрэ: «Оо, эбэбит барахсан, баайгыттан бэрис, күн-ый буол», – диэн көрдөһөр саҥалара иһиллэр. Арыый сэниэлээх, эдэр өттүлэрэ муҥха түһэрэн, нырыы ойбоннорун тэһэн үлэлээн-хамсаан бардылар. Үс муҥханы күөл илин өттүгэр дириҥэр түһэрэн, иитэн тоһуйдулар уонна арҕааттан нырыылаан үүрүү буолла. Маны барытын Баһылай Кынаачайап хас да көмөлөһөөччүлээх тэрийэн, салайан үлэлэтэр. Туона түһүүтүн, кини суолун-ииһин балыксыт, муҥхаһыт Дьөгүөссэ кырдьаҕас этиитин, сүбэтин ким да утарбат, истэн-толорон иһэллэр. Күөлгэ киирбит дьон бары, кырдьаҕастан, кыамматтан,

Скачать книгу