Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

уолдьаста, баҕар сарсын биллиэ. Кэтэспит эрэлим туолбакка, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх утуйа охсоору, ороммун оҥостон бардым. Арай туумбаҕа сытар төлөпүөнүм өрө дьигиһийэн ылла. Көрбүтүм «доставлено» диэн сурук кэлбит. Үөрүөм дуу, долгуйуом дуу икки ардыгар били нүөмэрим эрийэр. Мин сүрэҕим сулбу ойон тахсыах курдук өрө мөхсө түстэ. Арай кини буолбатах буоллун? Ээ, кини буолуо… Тута ыллахпына кэтэһэн олорбутум биллэн тахсыа… чыпчылыйыах түгэнэ араас санаалар өйбүн-санаабын ытыйан кэбистилэр. Өрө тыынан, уоскуйан ыллым уонна төһө кыалларынан холкутук «Истэбин» диэтим.

      – Дорообо, Даайа, – чахчы КИНИ!!! Мичээрдиирэ куолаһыгар кытта биллэр.

      – Оо, баһаалыста, итинник ааттаама, – үөрүүбүттэн харахтарбын быһа симэн ыллым. Максим күлэр.

      – Биллиҥ дуу? – диир.

      – Билиминэ. Нүөмэрбин хантан ыллыҥ? – тоҕо эрэ, бэйэм да билбэппинэн, тоҥуй соҕустук хардара сатыыбын.

      – Көрдөөбүт көмүһү булар. Мин көрдөөн-көрдөөн көмүспүн буллум ээ, быһыыта.

      Бу мүөттээх минньигэс тыллар сүһүөхпэр түстүлэр, миигин бүүс-бүтүннүү уулларан кэбистилэр…

      Ол күнтэн ыла Максим биһикки наар кэпсэтэр, суруйсар буолбуппут. Киэһэтин оҕуруотум дьаһаллыбытын кэннэ биһигини бэрдэ суохтук да буоллар «билиһиннэрбит» Соболоохпут диэки хаамсан кэлэрбит. Кинилиин кэпсэтэр, кини аттыгар сылдьар миэхэ тыынар салгын курдук олус суолталаах, наадалаах буолан барбыта. Икки ардыбытыгар бэрт холку, истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Күн ахсын бэйэ-бэйэбитигэр тардыһарбыт күүһүрэн испитэ. Ону кытары Марат күүскэ, дьаныһан туран арахпакка, түүн-күнүс диэн аахсыбакка эҥкилэ суох эрийэрэ, тохтоло суох суруйара. Маҥнай утаа, төһө кыалларынан, эйэҕэстик кини уонна мин ардыбытыгар туох да хаһан да баар буолара сатамматын быһаара сатаан баран, тиһэҕэр, хатыылаах соҕус тылларынан, кытаанах тоҥуй куолаһынан кини миэхэ букатын наадата суоҕун биллэрбитим.

      Ол күн итирик туруктаах биирдэ дьиэбит ортотугар баар буола түспүтэ. Бэлэс хайдарынан «Ханнаный Даша?? Ханнаҕыныа-ай?? Таҕыс, кэпсэтиэххэ!!!» – диэн хаһыытаабыта. Аҕам тута таһырдьа үҥкүрүппүтэ. Тугу эрэ хаһыытаһан ыла-ыла быһаарсаллара. Ийэм олус куттаммыт сирэйдээҕэ. Айаҕын саба туттан туран түннүгүнэн одуулуура.

      – Оо, хара сордоох уола! Тугу гына кэлбитий, Даша? Туохха наадыйарый?

      – Билбэппин, ийээ.

      – Оттон эйигин көрдүүр буолбат дуо?! – Ийэм, олус сымнаҕас бэйэтэ, бэл, миэхэ хаһыытаабыта.

      – Билбэппин ээ, ийээ. Наар көрсүөххэ, кэпсэтиэххэ диир. Мин суох диирбин өйдөөбөт. Аны бу тиийэн кэлбит, – мин эмиэ ыксалбыттан куолаһым үрдээн ылла.

      – Ити киһини кытары дьөрү алтыһа сылдьаайаҕын! Туох да сиэр-майгы сыстыбатах киһитэ. Оҕото биир дэриэбинэ иһигэр баар аҕалаах эрээри, тыыннаах тулаайаҕа буола сылдьаахтыыр. Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ! – ийэм миигин туох эрэ куһаҕаҥҥа уорбалаабыттыы көрөн ылар.

      Марат

Скачать книгу