Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

уонна Кириллканы Батас диэбит… – Максим мин диэки таайтарыылаахтык көрөн ылла.

      – Оттон эйигин?

      – Миигин… Сүнньүөх. Биһигини дьоммут билигин Батас уонна Сүнньүөх эрэ диэн ааттыыллар. Дьиҥнээх ааппытын чугас дьоммут умнан да бардахтара буолуо. Бэйэбит да онно үөрэнэн хаалбыппыт. Манна маҥнай учууталлыы кэлэн баран, дьон-сэргэ Максим Егорович диэтэхтэринэ атыҥырыы истэр этим, – диэн доҕорум соһуччу кэпсээннээх буолла. Билсибиппит син икки нэдиэлэттэн орто. Күннэтэ көрсөбүт, киэһэ аайы кэпсэтэбит. Мин кини туһунан элбэҕи билэбин дии саныырым. Онтум баара, кини аатын да билбэт эбиппин дии! Сүнньүөх… Сүнньүөх буулдьа курдук кытаанах, сытыы, бөҕө диэн суолталааҕа буолуо… Мин Сүнньүөҕүм…

      – Хайа доо, хараҕым иирэр дуу, тугуй? – ити икки ардыгар дьиэҕэ киирэн тахсыбыт аҕам, күнтэн чарапчылана-чарапчылана, мичээрдээбитинэн тиэргэн айаҕар кэллэ. Игирэлэри эр-биир одуулуур. Максим аҕабар инитин билиһиннэрдэ, онтон Батаска: «Бу Даша аҕата, мин бииргэ үлэлиир аҕа табаарыһым, алгебра учуутала Борис Петрович», – диэтэ. Аҕам аах илии тутустулар.

      – Чэ, киириэххэйиҥ, чэйдиэхпит. Кэлиҥ, уолаттар, – аҕам күө-дьаа буола түстэ. Дьонум дьиэ иһэ толору оҕо саҥатынан туоллаҕына, уруу-аймах муһуннаҕына олус үөрэллэр. Бэл хамсанардыын-имсэнэрдиин эрчимирэ түһэллэр. Бүгүн эмиэ саҥалара-иҥэлэрэ элбээбиккэ, сирэйдэрэ-харахтара ордук сырдаабыкка дылы буолбуттар. Ийэлээх эбэм эбиллибиппитин көрөн, остуолларын тэлгэһэҕэ көһөрөн таһаара охсубуттар. Дьэ, аһаҕас халлаан анныгар бары төгүрүччү олорон күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, үөрэ-көтө чэйдээтибит. Ол тухары игирэлэри сэмээр одуулуубун. Сирэйдэрэ-харахтара үүт-үкчү. Арай Максим быраатыгар холоотоххо, быдан сытыы-хотуу курдук. Баҕар, Кирилл билбэт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр кэлэн, улахан саҥата-иҥэтэ суоҕа буолуо. Чопчу араарар бэлиэм диэн таҥастара-саптара эрэ эбит диэн түмүккэ кэллим уонна сонньуйа санаатым. Уолаттар таптал ааттарын дьонум эмиэ муодаргыы иһиттилэр. Онуоха доҕорум эһэтин быһаарыытын хаттаан сиһилии кэпсээтэ. Бары наһаа сөхтүлэр, ордук эбэбит сэргии иһиттэ.

      Биир дьиктитэ баар – Максим амыдай эһэтин батан, эти-сиини эрчимирдэр эйгэни сэргиир, спорду өрө тутар буола улааппыт. Оттон Батас, ийэтин аҕата Кирилл курдук, айар-тутар дьоҕурдаах киһи буолбут. Кини мастан, тимиртэн барыны бары оҥорон таһаарар талааннаах уус эһэтин утумнаабыт эбит.

      Билигин уолаттар эһэлэрэ иккиэн суохтар. Аҕалара Егор Максимович уолаттар сэттис кылааһы бүтэрбит сайыннарыгар улаханнык ыалдьан быстаахтаабыт. Онон, дойдуларыгар Батас ийэтиниин иккиэн олороллор эбит. Ийэлэрэ Мария Кирилловна өр сылларга балыыһаҕа үлэлээн баран, билигин биэнсийэҕэ олорорун туһунан уолаттар кэпсээн аастылар.

      Батас доҕорун кытары сакааска миэбэл, олбуор оҥоруунан дьарыктаналларын, ону тэҥэ олус үчүгэйдик уруһуйдуурун туһунан Максим киэн тутта кэпсээтэ, төлөпүөнүгэр хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ сылдьар үлэлэрин көрдөртөөтө. Чахчы, киһи эрэ сэргии, сөҕө-махтайа көрөр уруһуйдарын, оҥоһуктарын төлөпүөнү

Скачать книгу