Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 17
Сып-сылаас уостара моонньум устун мэниктии сүүрэкэлээбиттэрэ. Күүстээх илиилэр миигин чэпчэки баҕайытык көтөҕөн ылан ороҥҥо илдьибиттэрэ… Ол түүн этэ дьол оройо, таптал муҥутуур чыпчаала, кыыс оҕо дьахтар киэбин кэтэр имэҥин илбиһэ…
Сарсыарданан саамай таптыыр киһим кэтит түөһүн сыттыктанан, күүстээх илиитин суорҕаннанан утуйа сыттахпына… Сүнньүөх эмискэ баттататан, үлүгүнэйэн, өрө мөхсөн барда. Баттатар киһини аатын ааттыа суохтааххын дииллэрин санаан «Тур!», «Уһугун» дии-дии илгиэлээммин, бэрт өр бодьуустаһаммын нэһиилэ уһугуннардым.
Доҕорум туран уу иһэн, уһуутаан, өрүтэ тыыммахтаан баран, аттыбар кэлэн сыппытыгар ыас хара баттаҕыттан имэрийэ-имэрийэ тугу түһээн баттаппытын ыйыттым.
– Билбэтим ээ, туох абааһы түүлэ эбитэ буоллар… Бадарааннаахха баар сайылык дьиэтигэр олоробун. Кыраабыл тиистиибин дуу, хайдах дуу. Аттыбар ким да суох. Арай ааны тоҥсуйаллар. «Аан аһаҕас, киириҥ», – диибин да, истибэттэр. Лүҥсүй да лүҥсүй буолаллар. Туох ааттаах буоллулар дии-диибин ааны аһаары өндөйөн иһэн ньилбэкпэр сыстыбыт мас сыыһын тэбии турдахпына, таһырдьа киһи уйулҕата хамсыыр ынырык хаһыыта иһилиннэ. Мин итиччэлээҕи истибит киһи, таһырдьа ыстанным. Эмискэ хас да хап-хара, уп-улахан ыт миэхэ саба түстүлэр, түбэһиэх ытыран, көмүллээн бардылар, аһыылара биир кэм килэйэн көстөр. Хаҥас атаҕым уотунан умайар, илэ курдук ыарыы бөҕөтө. Онтон туох да буолбатаҕыныы уу чуумпу буолан хаалла. Харахпын аспытым, биир да ыт суох буолбут. Арай, тура сатыыбын да, сатаан турбаппын – атаҕым былаат курдук, истибэт. Хара күүспүнэн сыыллан дьиэҕэ киирдим. Дьиэ иһэ киһи тулуйбат итиитэ, салгын суох. Хайдах эрэ наһаа итииргээтим, тыыным-быарым хаайтарда эрээри, тулуйан олоро сатаатым. Эмискэ таһырдьа кыра оҕо ытыыра иһилиннэ. Итиигэ буспуттуу сарылыы-сарылыы ытыыр. Суох, мин тулуйбатым, таһырдьа сыыллан таҕыстым уонна туох да буолбатаҕын курдук икки атахпар чиҥ үктэнэн, туран кэллим. Уу чуумпу. Ханна да оҕо баара биллибэт. Арай… арай дьиэ иһигэр түннүккэ эн тураҕын, миигин көрөҕүн уонна тоҥсуйа-тоҥсуйа тугу эрэ хаһыытыыгын, ытыыгын. Мин онуоха эмискэ ыксаан хааллым, төттөрү дьиэҕэ киирээри халҕаны тардан көрдүм да аһыллыбата. Эн улахан баҕайытык ытыырыҥ кулгаахпар билигин да чуҥкунаан иһиллэр курдук… дьикти баҕайы, сатаан ааны аһан киирбэтим… – Сүнньүөх түүлүн кэпсээн баран биир сири супту одуулаан саҥата суох чочумча сытта. Түүлүн кэпсээбититтэн дьиксинэ санаатым. Кырдьык даҕаны, туох дьикти түүлүн түһээтэҕэй диэн куттанан ыллым, ол эрэн доҕорбун уоскутаары иэдэһиттэн «чоп» гына уураатым.
– Чэ, улахаҥҥа уурума, сэгээр. Түүл аата түүл буоллаҕа дии, – төһө кыалларынан сэргэхтик саҥардым уонна соруйан хонноҕун аннын