Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 16
– Аа? – Пелагея Романовна тугу да өйдөөбөтөхтүү Батас биһиккини эр-биир көрүтэлээтэ.
– Бу Батас – Максим игирэтин аҥаара, – бу тухары саҥата суох турбут бэйэм быһааран биэрдим.
– Ээ, дуо? – дириэктэр эрэ буолбакка, бу кэпсэтиини истибит мустан турар дьон-сэргэ уолу баһыттан атаҕар диэри сыныйан көрдүлэр. Ким эрэ эрдэттэн билбит буолан, эбии быһааран, кэпсээн ситэрээччи буолла.
Батас биһикки маҕаһыынтан килиэппитин ылаат дьиэлээри, бу дьонтон тэскилии охсоору тиэтэйдибит.
Атыыласпыт уонча килиэппитин куулга уган, матасыыкылбытын мэҥэстэн дьиэлээтибит. Ол эрэ кэннэ, чуумпуга олорон, туох буолбутун Батастан сурастым.
– Артуркалаах Буоба маҕаһыын кэннигэр чыычаах уйата баар диэннэр, ону көрө барбыппыт. Онно суулла сытар мас үрдүгэр дьон арыгылыы олороро. Биһиги кинилэргэ эрэ наадыйбакка, кимнээх эрэ оҥорбут уйаларын көрүтэлии сылдьыбыппыт. Эмискэ ити быһахтаах уол уун-утары ынан кэлэн санныга охсубута. «Онтон-мантан кэлэ-кэлэҕин улаатымсыйаҕын. Киһи ыҥырдаҕына хайыһан да көрбөккүн» диэн айдааран барбыта. «Ээ, бутуйдугут, уолаттар, мин Максим буолбатахпын» диэн быһаара сатаабытым да, бэйэлэрэ эрдэттэн боруок көрдүү сылдьар дьон тута охсон-тэбэн барбыттара. Ону оттон… туран биэрбэт буоллаҕым дии… – диэн кэпсээннээх буолбута.
Сүнньүөх, ити быһылааны истээт, уордайа түспүт этэ. Мараты кытары аахсардыы санаммытын инитэ, хата, тохтоппут. Ол курдук дьоммут этэҥҥэ оттоон бүтэн дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Сотору Батас дойдулаабыта.
Биирдэ, төһө да курус күһүн чугаһаатар, сайыҥҥылыы куйаас күн сатыылаата. Сүнньүөх биһикки оҕуруот дьаһайан баран, Соболоохпутугар бара сылдьарга сананныбыт. Сэгэрим илиибин бэйэтин сып-сылаас ытыстарыгар кистии тутан, сотору-сотору муннутугар даҕайан сыллаан ылар. Үгүс саҥата-иҥэтэ суох күөлбүтүгэр тиийэн ыскаамыйабытыгар олордубут. Мин бу күннэргэ саныыр санаам барыта доҕорбуттан арахсан үөрэнэ барарым чугаһаабытын туһунан этэ.
– Сүнньүөх, үөрэхпэр барарым чугаһаата дии, – төһө кыалларынан сэргэх соҕустук саҥа таһаарабын. – Ол эрэн, барбаккабын, академ ылаары гынабын. Ону эн туох дии саныыгын?
Доҕорум сып-сылаастык санныбыттан сыллыыр.
– Мин утарабын. Эн үөрэн. Үөрэниэххин наада. Мин манна оскуолабар салгыы үлэлиэм. Хас быыстаннаҕым ахсын куоракка эйиэхэ барар буолуом, оттон эн саҥа дьылга бэйэҥ кэлиэҥ… Онтон… сөбүлэһэр буоллаххына, мин эйигин кэргэн ылыам…
Бу этиллибит бүтэһик тыллартан сып-сылаас салгын сүрэҕим ортотунан сайа охсон ааһарга дылы гынна.
«Сөбүлэһиэҥ дуу?» «…Сөбүлэһиэм…»
Биһиги таптаһар сүрэхтэрбит биир тэҥник өрө мөхсө түстүлэр. Сэгэрим кэтит моонньуттан кууһан, кини санныгар төбөбүн ууран олордум. Сүнньүөх сып-сылаас уоһунан имэрийэн эрэрдии нап-нарыннык сүүспүн, иэдэспин сыллаата, онтон уоспун көрдөөн булан ылла, уохтаахтык уураата. Мин бу уҕараабат уохтаах уураһыыттан