Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 12

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

аана аһылла түстэ да, бырааттарым Артуркалаах Буоба «Эдьиэй!» диэбитинэн мытырылла-мытырылла утары сүүрэн кэллилэр. Оҕолорбун ахтыбыт омуммар ыбылы куустум, сырылаччы сыллаталаан ылаттаатым. Саҥаһым Надюша үөрэн мичилийбитинэн утары кэллэ. Дьүөгэм кэриэтэ күндү киһибин кытта иэдэстэрбититтэн «чоп» гына сыллаһан, куустуһан ыллыбыт.

      – Ыаллар, дорооболоруҥ! Пирибиээт, Дашка, – Павлик массыынатын аанын сэгэтэн туран дорооболоһор, ону тэҥэ суумкаларын биир- биир таһааран окко уурталыыр.

      – Привет, убаай, – мин убайбар утары бардым. Арай массыынаттан наһаа билэр киһим тахсан кэллэ. Максим.

      – Хайа? – соһуйбут омуммар улаханнык саҥа аллайдым уонна олбуор ааныгар ыкса кэллим. «Привет!» диибин. Онуоха доҕорум өйдөөбөтөхтүү тутунна, кимиэхэ этэр буоллаҕай диэбиттии тулатын көрүнэн ылла уонна тугу да хардарбата.

      – Хайа, аара суолтан олорсон кэллиҥ дуо? – диибин. Максим соһуйбуттуу хараҕын тэрбэччи көрөр, туох эрэ бөрүкүтэ суох дьыалаҕа түбэспит киһилии туттар.

      – Бырастыы гыныҥ, арааһа бутуйдугут быһыылаах, – иһиллэр-иһиллибэттик хардарда, массыынаттан дьоҕус спортивнай суумка ылла уонна Павликтыын илии тутуста, иһиллэр-иһиллибэттик кэпсэтэн ыллылар. Убайым тугу эрэ быһааран кэпсии-кэпсии уҥа илиитинэн илин диэки уулуссаны ыйан көрдөрдө, Максим кэҕис гынаат, миигин хайыһан да көрбөккө, дьиэтин диэки бара турда. Мин маҥнай соһуйан саҥата суох таалан турдум. Онтон дьэбин уоһуйа түстүм. Омуммар испэр холорук ытылынна. Ити аата туох буолар буоллаҕай ээ? Көр эрэ, айах да атан кэпсэппэт буолан кэлбит дии. Убайбыттан кыбыһыннаҕа дуу? Эс! Ама хайаан кыбыһыннаҕай? Били бэҕэһээ кэпсээбит сюрприһа ити дуо? – төбөбөр араас ыйытыылар бииртэн биир үөскээн истилэр. Убайым массыынаттан малын-салын хостуур, олбуор айаҕар кэлбит аҕатын кытары кэпсэтэр, миэхэ эрэ наадыйбакка турар. Ыйытыахча буолан иһэн «чэ, бэйи» диэн токкоолоһо барбатым. Ол мунан турдахпына, ыстааным сиэбигэр укта сылдьар төлөпүөнүм дьигиһийэн ылла. Максим эрийэр. Ыллым да биир-биэс тылы эттэрэ барбакка кыыһыран, кыынньан бардым.

      – Хайдах буоллуҥ ити аата? Бэҕэһээ эрэннэрбит сюрприһыҥ ити дуо? Тугу ыбылы киэбирэн бардыҥ, дьэ? – омуммар хоруйдуур да түгэн биэрбэккэ үрүт-үрдүгэр ыйытыы бөҕөтүн кутан кэбистим. Оттон Максим мин кыыһырарбар кыратык да кыһаллыбат, хата, күлэрэ иһиллэр. Ити күлүүттэн өссө ордук кыйаханным уонна төлөпүөммүн ылан арааран кэбистим. «Сылдьыаҥ ээ!»

      Ийэм чэйдэ бэлэмнэс диэбитигэр илиибин сууна охсоот, кыра дьиэҕэ киирдим. Оҕуруот аһыттан салаат кырбаан булкуйа турдахпына, аан аһылынна, ону кытта Буоба төбөтө былтас гынна.

      – Дашка, аҕабар тахсар үһүгүн, – диэт харда күүппэккэ ааны саба охсон кэбистэ.

      – Чэ, һыллыый, убайгар тахса сырыт, – ийэм кэлэн тутан турар мас лаппаахыбын ылан салааты салгыы булкуйан барда. Таһырдьа тахсан көрбүтүм, Максим төттөрү кэлбит. Убайбыныын иккиэн наһаа үөрбүттэр-көппүттэр, сарын-сарыннарыттан куустуспуттар, уулусса ортотугар тутуһан, тустан ылаллар. Мин олох тугу да өйдөөбөтүм. Туста оонньуу сылдьан Максим миигин бэлиэтии көрдө уонна утары хааман

Скачать книгу