Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 14
Сэгэрим табыллыбатах маҥнайгы билсиһиибитин санаан буолуо, миигиттэн тэйэн олох ыраахха, дириҥҥэ барбат. Мин аттыбар чычаас сиргэ сылдьар. Аҕам, убайым уонна Батас күөл ортотугар тиийэн оонньоон ырааппыттар. Саҥаһым ийэбиниин хайыы-үйэ кытылга тахсыбыттар. Максимҥа ийэм аахха бардым диэн сибис гынаат, кытылга таҕыстым. Кулгааҕым уһугунан иһиттэхпинэ дьон бары биһигини ырытар курдук. Буолумуна даҕаны – мин хас балаҕан аайы баар дьүһүннээхпин, оттон Максим наһаа чаҕылхай, номоҕон дьүһүннээх, сахаҕа бөдөҥ-садаҥ быһыылаах-таһаалаах. Ону ааһан киһини тардар, абылыыр күүстээх. Олох ураты, саамай бастыҥ… Ол иһин биһиэхэ итиччэ элбэх харах хатаммыта, саҥа-иҥэ аһаҕастык этиллибитэ буолуо… Дьонум аттыгар тиийэн олордум. Эмискэ ийэм ньилбэгэр умса түһэн ытыах-соҥуох санаам кэллэ. Онуоха ийэм, сэрэйдэҕэ эбитэ дуу, оройбуттан сып-сылаастык муннун даҕайан сыллаата уонна кыра эрдэхпинэ көхсүбүн таптайарын курдук сымнаҕас ытыһынан таптайан ылла.
Ити курдук күннэр, хонуктар бэйэ-бэйэлэрин солбуһан, ааһан истилэр. Дьоммут отторо саҕаламмыта быданнаата. Сүнньүөхтээх Батас оттоһон кэллэхтэринэ бары тэҥҥэ чэйдиирбит. Онтон хонуктарыгар дьиэлэригэр бараллара. Оттуур сирдэрэ чугас уонна атах тардыстар көлөлөөх буоланнар, дьиэттэн ууна сылдьан оттууллар. Аҕам барахсан, үс уоллана түспүт киһи сиэринэн, соһуччу тосхойбут үөрүүтүгэр итэҕэйбэккэ, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьарын көрүөххэ наһаа да үчүгэй. Киэһэ ахсын кэлэн чэйдии олорон уолаттарын хайҕаталаан айаҕа хам буолбат.
– Павлик биһикки иккиэйэхпит эрэ эбитэ буоллар, саҥа охсон бүппүт буолуо этибит. Оттон билигин уолаттар баар буоланнар оппутун кээһэ оҕустахпыт ити дии. Дьэ, уолаттар, абыраатыгыт. Сүнньүөх, дьэ, күүстээх да эрэт эбит. Эчи түргэнэ-тарҕана, кыайыгаһа-хотугаһа. Батас, чахчы да, маһы ыллатар уус уол эбит. Эдэр