Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 15

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

Күүспүн түмэн, эр санаабын ылан тарбахтарбын кини инчэҕэй баттаҕын устун халтарытан түһэрэн кулгааҕын эминньэҕин имэрийэн ылабын. Онуоха сэгэрим илиибиттэн тардан ылан бэйэтин аттыгар олорто. Ыһыллан тахсыбыт биир сүүмэх баттахпын кулгааҕым кэннигэр кыбытан кэбистэ, иэдэспин даҕайар-даҕайбат икки ардынан имэрийдэ уонна чох хара харахтарынан уун-утары көрөн олорон: «Көмүө-өс», – диэн тоҥон эбитэ дуу – кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан оргууй аҕай саҥарда.

      – Мин эйигин таптыыбын… – бу дириҥ суолталаах күндү тыллартан сүрэҕим устун дьикти иэйии сүүрүгүрэн ааста, иэдэһим биллэ итийдэ, этим сааһа арылларга дылы гынна. Сэгэрим уун-утары көрбүтүн кубулуппакка олордо. Мин тулуйбатым – кинини моонньуттан икки илиибинэн кууһан ыллым, кэтит санныгар төбөбүн уурдум уонна кулгааҕар: «Мин эмиэ эйигин… олус күүскэ…» – диэн сибигинэйдим. Сүнньүөҕүм уостара мин уоспун булан ыллылар уонна өр да өр, маҥнай сэрэнэн, онтон уохтаахтык уураатылар… Биһиги ол күн – от ыйын 28 күнүгэр аан маҥнай уураспыппыт, аан маҥнай бэйэ-бэйэбитигэр таптыырбытын билиммиппит…

      – Биир саамай улахан баҕа санааҕын миэхэ этиий, – диэн дьиэбэр атааран иһэн ыйыппыта.

      – Мэлдьи мин аттыбар баар буол, Сүнньүөх. Миэхэ онтон ордук туох да наадата суох, – диэбитим. Доҕорум сып-сылаас ытыстарынан мин ытыстарбын ыга туппута.

      – Мэлдьи эн аттыгар буолуом, Көмүһүм, мэлдьи…

      Мэлдьи… бу тыл суолтата, дьиҥэр, олус дириҥ буоллаҕа.

      Атырдьах ыйын саҥата этэ. Дьоммут ыраах баар Бадарааннаах диэн алааска көспүттэрэ. Суоллара куһаҕан буолан, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ ким эмэ кэлэн өйүө ылан барара. Ол күн Батас кэлбитэ. Кум-хам тутуллубут кумааҕы сыыһыгар астарын испиэһэктээн ыыппыттар этэ.

      Батас биһикки маҕаһыыҥҥа Артуркалаах Буобаны илдьэ матасыыкылга мэҥэстэн бардыбыт. Килиэп кэлбит күнэ буолан, дьон-сэргэ маҕаһыын иһигэр лыык курдук симиллибит, уочарат халыҥ халҕаһа буола үүммүт. Нэһилиэк оҕолоро Батаһы көрдүлэр да: «Здравствуйте, Максим Егорович» дииллэриттэн биһиги кистээн күлсэн ылабыт. Уолаттарбыт оҕолору кытары таһырдьа оонньуу ойон хааллылар. Кэмниэ кэнэҕэс Батас оҕолору тахсан көрүөм диэн таһырдьа таҕыста. Мин уочаракка олорор дьахталлары кытары күннээҕини кэпсэтэ олордум. Эмискэ таһырдьа дьон айманар саҥата, оҕонньоттор үөгүлэһэллэрэ өрө көбдьүөрэ түстэ. Ол аймалҕантан сүрэҕим айахпынан сулбу ойон тахса сыста. Тоҕо эрэ «бырааттарым туох эрэ буоллахтара» диэн санаа төбөбөр көтөн түстэ. Биирдэ өйдөөбүтүм, таһырдьа турабын. Уолаттарым сарыласпытынан маҕаһыын кэнниттэн сүүрэн маҕыйан иһэллэр. Маҕаһыын кэтэҕэр дьахтар: «Бүтүө-өҥ!!! Хайдах буолан бардыгытый?!!» – диэн хаһыытыыра иһилиннэ. Оҕолорбун маҕаһыын диэки үтэйтэлээт, онно ыстанным.

      Көрбүтүм, дьон охсуһа сылдьар. Иэдээн… Итирик туруктаах Рустам сутуругун суулуу туттубутунан Батаска ынан кэлбитин, анарааҥҥыта аһаран биэрээт, өттүктээн түһэрдэ уонна, ойон туран, уҥа илиитигэр быһах туппут Марат хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэрин түөскэ тэптэ.

Скачать книгу