Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

бу олус хатыылаахтык иһилиннэ эбээт.

      Биирдэ бииргэ үөрэммиттэр диэн аҕыйах киһи мустан, кылааһынан көрсүбүппүт. Кылааһынньыктартан билигин Дьулуурга аҕыйах оҕо баар: Дьааҥка, Ылдьыыска, Костик уонна Иришка. Дьааҥкабыт ыал буолан оҕолонон олорор. Ылдьыыскабыт кэтэхтэн үөрэнэрин таһынан манна дьаһалтаҕа аҕатын кытта үлэлээн эрэр эбит. Оттон Костиктаах Иришка мин курдук устудьуоннар, сайылыы кэлэ сылдьаллар. Варябыт аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куоракка үөрэххэ туттарса барбыта. Сарбынньах диэн дьикти ааттаах күөл ходуһатыгар баар балаҕан дьиэҕэ баран чэйдээн, ирэ-хоро кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаһан бэркэ сылдьан баран киэһэриитэ дэриэбинэҕэ төннүбүппүт.

      Дьааҥка биһикки биир уулуссаҕа олорор дьон, хаамсан иһэн кэм да айахпыт хам буолбат. Оскуола саҕанааҕыны санаһа-санаһа күлүс да күлүс буолабыт.

      – Вау, Янка уонна.... Дашка… – саҥа хоту эргиллибиппит, Мараттаах Рустам кэннибититтэн иһэллэр эбит. Марат кэм да итирик сылдьара испит сирэйиттэн, мэндээриччи көрөр харахтарыттан тута биллэрэ. – Кыраһыабай кылааһынньыссаларга, кындыа кыталык кыргыттарга привет!

      Биһиги биир-биэс харда тыла суох киэр хайыһаат бара турдубут.

      – Ээс, тохтуу түһүҥҥүтүүй, дыа! Тугуй, биһигини киһинэн да аахпат буоллугут да? – Марат ситэ баттаан кэлэн харыбыттан харбаан ылла.

      – Ыыт! – кини салыҥнаах илиититтэн илиибин эһэ охсон ыллым. – Эйигин кытары кэпсэтэр да санаам суох.

      – Айуу чэ. Арба, куорат кыыһа буоллаҕыҥ дии. Дьулуур уолаттара эн аҥаар да атаххар тиийбэт буоллахпыт, – үгэргээбитэ буола-буола кэннибиттэн тилэх баттаһа истэ. – Онтон-мантан кэлбит саҥа сирэйдэри эрэ өрө мыҥаан баран сылдьаҕын. Билэҕин дуо, ити киһиҥ хас дьахтардааҕын?! Билэҕин дуо, эн киниэхэ соҕотох…

      – Бар! – тулуйарбыттан ааһан эргиллэ биэрдим да саба саҥардым. – Эрэй эбиллэ илигинэ арах!

      – Марат, чэ, доо, барыах, айыкка, – Рустам киһитин оҥкумалыттан тутан ылан, хата, төттөрү илдьэ барда.

      Ырааппыттарын кэннэ, дьэ, холкутук өрө тыынным. Дьааҥка эмиэ уһуутаан ылла.

      – Һуу, хата, барда дии, – кыыһым илиитинэн салгыны оонньотон сирэйин иннигэр далбаатанар. – Билигин да эйиэхэ саантыырын тохтоппотох эбит дии.

      – Айуу айа, олох сордоон эрэр, кырдьык.

      – Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ. Сэрэнээр эрэ…

      Ол көрсүһүү туһунан дьоммор да, Максимҥа да кэпсээбэтим.

      Сарсыныгар доҕорум дьаарбайа тахсыах диэн ыҥырда. Мин дьоммор күүлэйдии бардым диэн сэрэтээт, таһырдьа ыстанным. Тахсыбытым, Максим бэлиэр кэлэн, күрүөҕэ өйөнөн мичээрдии турар. Атаҕым таҥаһын кэтэ турдахпына дьиэттэн, арай, аҕам тахсан кэллэ.

      – Максим Егорович, кэлэ сылдьыаҥ буолаарай? – аҕам кирилиэс үктэлигэр сис туттан уолу кэтэһэн турда. Доҕорум өс киирбэх чугаһаан кэлбитигэр илии тутуһан дорооболостулар. Аҕам саҥата суох миигин тонолуппакка одуулаабытыгар

Скачать книгу