Скачать книгу
50 сааһын туолар. Хаһааҥҥыта эрэ хайа баҕарар ыарахан үлэни кыайар кыыс-бухатыыр этэ. Эр дьону кытта тэбис-тэҥҥэ от охсоро, түҥ тайҕаҕа мас суулларыытыгар сылдьара, мас саһаанныыра, күннээҕи сүөһү көрүүтүн үлэтин этэ да барыллыбат. Бэйэтин кэмигэр эр киһи хараҕа быраҕыллар көрүҥнээҕэ: хара бараан буолан баран, туолбут ый курдук төгүрүк сирэйдээх, арылыччы көрбүт сытыы, уоттаах харахтаах, ыас хара уһун хойуу суһуохтаах, толору түөстээх, кэтит самыылаах. Киниэхэ элбэх эр бэрдэ ымсыыран кэргэн кэпсэтэ сатаабыттара даҕаны, кымньыы курдук сытыы тыллаах кыыс санаммыт уолаттары күлүү-элэк оҥостон, хаадьылаан ыытара. Ол иһин сыыйа кини уот тылыттан саллан, ким да чугаһаабат буолбута. Ийэтэ Дьэбдьиэ кыыһын эргэ биэрэ сатаан элэ-была тылын барытын эппитэ да, кыыһа букатын атыыр аккааһын түһэрэрэ. Оттон сэрии кэнниттэн кимиэхэ эргэ барыа баарай. Ол курдук чороҥ соҕотох хаалбыта. Кэтириис сүрэҕин кистэлэҥин дууһатын түгэҕэр илдьэ сылдьар. Кини уон биэс саастааҕар аҕалара мас мастыы сылдьан оһолго түбэһэн суорума суолламмытын кэннэ ийэтиниин, барар сирдэрэ баҕана үүтэ буолан, үтүө дьонтон ыйдаран Барахсаанаптары булбуттара. Оччолорго Дьөгүөркэ күөгэйэр күнүгэр сылдьар уон аҕыстаах уолан бэрдэ этэ. Уһун көнө уҥуохтаах, дыраҕар сарыннаах, кыараҕас буолан баран иһирдьэ олорбут, оттомноохтук, сытыытык көрбүт харахтаах, хойуу хаастаах, күллэҕинэ үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, кими барытын абылыах курдук кэрэтийэн көстөр уолу кыысчаан көрөөт симиттибитэ, тоҕото биллибэккэ, сүрэҕин оҕото күүскэ тэбиэлээбитэ. Дьыл-хонук устан ааһан испитэ. Кыысчаан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстан, олорон турбакка түбүгүрэрэ. Арай биирдэ хаһаайыннарын уола Дьөгүөр Бүлүү түгэҕиттэн бу дойдуга суох кэрэ бэйэлээх кулуба кыыһын сүгүннэрэн иһэр үһү диэн сонуну истибитэ. Кэтириис тапталлааҕа ойох ылан эрэрин истэн, сирэ сиҥнибит курдук буолбута. Ол күнү быһа кыыс барахсан кистии-саба хараҕын уутунан сууммута. Кини сүрэҕин аһаҕас бааһын туһунан кимиэхэ да этэр кыаҕа суоҕа. Быстар дьадаҥы, тулаайах кыыһы хайаан Барахсаанап оҕонньор уолун кытта холбуой? Кини ону бэркэ билэрэ. Ол иһин тапталын дууһатын түгэҕэр кистээн кэбиспитэ. Иэйиитин кистээбитэ да, сүрэҕин бааһа сааһын тухары оспотоҕо. Хата, сүктэн кэлбит кыыс көрүҥүн курдук майгыта эмиэ сайаҕас, сэмэй буолан барыларын кутун туппута. Кэтириис атыны санаабакка, үлэлээбитин курдук үлэлии сылдьыбыта. Хотуна Бороскуо доруобуйата мөлтөҕүн иһин, кини оҕолору көрсөр түбүккэ түспүтэ. Кэтириис таптыыр киһитэ аттыгар баарыттан, өрүү кинини көрө сылдьарыттан дуоһуйара, онтон атын дьол наадата да суоҕа. Дьиктитэ баар, дьахтар ураты иэйиитин ким да билбэт эрээри, Дьөгүөр курдаттыы сэрэйэр курдуга. Кэтирииһи улаханнык саҥарбытын өйдөөбөт, биирдэ эмэ уйаҕастык көрөн ылара. Оо, оччоҕуна эдэр дьахтар таптаппыт саҕа сананан, ол күн устата сүргэтэ көтөҕүллэрэ, кынатаммыт курдук буолара.
Кэтириис олоҕун тухары биир чаҕылхай түгэни умнуо суоҕа. Айылҕа муҥутуур киэркэйиэҕинэн киэркэйэн, күөх суугуҥҥа сууланан турар мааны кэмэ этэ. Бэҕэһээҥҥи этиҥнээх ардах кэнниттэн айылҕа барахсан тыын ылбыттыы өссө сиппит-хоппут, кустук өҥүнэн
Скачать книгу